Алмаастаах Мииринэй олохтоохторун, Саха сирин промышленнай киинин – Мииринэйи үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйанан хааччыйыыга дьоhуннаах тэрээhин буола турар.
Бу дьоhуннаах тэрээhин, Саха сирин ТХМ-н, «АЛРОСА» «Профалмааhа», Мииринэй оройуонун дьаhалтата, «Ситим» медиа-холбоhук уонна «Кыым» хаhыат, “Байдам” сурунаал кыттыылаах тэриллэн ыытыллара кэрэхсэбиллээх.
Быйылгы атыы-тутуу дьаарбаҥката, ааспыт сыллары кытары холоотоххо быдан сэргэх, улахан.
Бу сырыыга, Мииринэйи эрэ буолбакка, Чернышевскайы эмиэ хапта. Бүлүү ГЭСтээх сиргэ, чэппиэргэ, эттээх-балыктаах дьаарбаҥка буолла.
Саха сирин тыатын хаhаайыстыбатын министиэристибэтэ, Мииринэй оройуонун дьаhалтата, «Ситим»медиахолбоhук быйыл кулун тутарга “Байдам-2017”, балаҕан ыйыгар, «Алмаастаах күһүн-2017» диэн олохтоох бородууксуйа атыытынан оройуоҥҥа «сибиэhэй сүүрээн» киллэрэн тураллар.
Дьэ аны, бу, томороон тымныылаах күннэргэ, «Алмазная провинция-2017» дьаарбаҥка ыытыллан, сүпсүлгэн, сэргэхсийии буолла.
Мииринэйтэн – «Новай» сопхуос(«АЛРОСА»), Мииринэй yyтyн собуота, Ленскэйтэн – «Экопродукты» фирма, Дьокуускайтан - «Северное сияние», «Ас-Рыба» тэрилтэлэр (чыыр, муксуун, уомул, тууччах, быйыт), Хатастан сибиинньэ этин атыылыыр хаhаайыстыба, Бүлүүттэн – «Сыа Бyлyy» кээпэрэтиип, Ньурбаттан – «Байар» аhылык кэмбинээтэ, «Влада» тыа хаhаайыстыбатын кээпэрэтиип. Сунтаартан - «Тирэх» кээпэрэтиип, дэлэгэй атыылаах-тутуулаах урбаанньыт Людмила Павлова, «Тускул» ТХКП (Күндэйэ), Кутана сэлиэнньэтин дэлэгэй астаах урбаанньыттара, Л.Попов аатынан агро-оскуола.
Урукку сыллары кытары холоотоххо атыылааччы тобус-толору!
Быйылгы, атыы-тутуу бырааhынньыгар, саха санаабыта барыта баар!
Ыыhаммыт чыыр, дьуухала, тууhаммыт балык, «нэлэйэ» кытарбыт собо, сыалаах эт эгэлгэтэ, үүт аhылык талбыккыттан, сахалыы «мороженай» - дагда, чохоон, дьэдьэннээх хайах, суорат, иэдьэгэй, йогурт, быырпах, быластаах арыы, саахыматтаах баахыла, алаадьы, ис, буотарак, харта, быар, хаан, ынах тыла, бэл уомул искэхтэрин хас да суорда, тиэптэл, кэтилиэт, бэлимиэн, фарш, куурусса филета.
Дьэ ити курдук, тыа улуустара Мииринэйбитигэр «Омоллоон уйгутун, Дьэргэcтэй ыhыаҕын» төлө тартылар.
Ыраахтан кэлбит, сайдам атыылааччылар амсата биэрбит астарыттан, мииринэйдэр, дьэ, туттумахтаатыбыт.
Күндү тууччахтан да амсайдыбыт, дьэдьэннээх хайах да уобалаатыбыт (Босхо амсаталларыгар ама дуу!-Ааптар).
Эчи минньигэhин эриэхсит саха аhылыга барахсан!
Субу буола турар дьаарбаҥка, бэрт үгүhү кэрэhэлээтэ.
Маннык тэрээhиннэри эрчимнээхтик ыытар буоллар, Мииринэйгэ олохтоох бородууксуйаны атыыта күүhүрэр туруктаах эбит.
Атыы-тутуу быыhыгар, үгэс буоларын курдук, күндү балыгы кыhааhын күрэhэ ыытылынна. Күрэхтэhии элбэх дьон интэриэhин ылла. Манна Сунтаар хамаандата эрэллээхтик кыайда.
Чыпчылҕан ыйытык
Мииринэй олохтоохторо, бу атыы-тутуу туhунан хайдах-туох санаалаахтарын сурукка тистим.
А.Михалев: Сибиэhэй эт, дьэ тылбыытыгар тиийэ кэллэ. Олус үчүгэй хааччыстыбалаах бородууксуйа. Хас да куулунан ыллыбыт.
Алтынньыттан сэтинньи ый ортотугар тиийэ атыыга аспыт арааhа дьадайааччы. Ону учуоттуубут. Сунтаардар ынахтарын, сылгыларын этин атыыластым.
Сүрдээх эмис сылгы этэ атыыга киирбит, дьэ абыраныахпыт.
Ж.Цыбденова: Дьонум, бырааhынньыкка «буузы» сакаастаабыттара. Ону, «классическай» моhуонунан, фарштан бэлэмниэм.
Саха улуустарын бородууксуйатыттан чохоону, сылгы этин, чыыр, муксуун балыгы атыылаhабын.
Т. Тишкова: Этэ суох сатаммаппыт.
Тыалартан атыылыы кэллэхтэринэ куруук атыылаhабыт.
Ынах этэ, кырдьык, атыыга аанньа кэлбэт. Бырааhынньык иннинэ, хата дьаарбаҥкаттан тииhиннибит.
Саха улуустарыттан кэлэр бородууксуйа сүрдээх сибиэhэй, минньигэс буолааччы.
Чохоону, сүөгэйи, ынах арыытын ордук астынабын.
А.Мухаметзянов: Чохоон курдук чулуу аhы, «арыйбытым» уонча сыл буолла. Онтон ыла хаhан чохоон кэлэрин туоххаhыйа күүтэбин. Дьэ бу сырыыга, хортуон дьааhыгынан арыы да, чохоон да ыллым!
В.Шефнер: Сибиэhэй балык – олус күндү. Сыаната ыарахан.
Оннук да буолуохтаах. Хоту сир булчуттарын, балыксыттарын үлэтэ олус ыарахан. Үчүгэй балыкка харчыбытын харыстаабаппыт.
В.Довгалюк: Дьаарбаҥка сылга биирдэ эрэ буолар. Кэргэмминээн, куруук yлэбитигэр баттата сылдьар буоламмыт, тииспэккэ хаалааччыбыт. Бу сырыыга, атыы-тутуу улаатан, дьэ, кyннээтибит.
Сэттэ тыhыынча солкуобайга араас бородуукта атыыластыбыт.
А. Семенова: Дойдубар, Ньурба куоратыгар, «Идэhэ» атыы-тутуу бырааhынньыга буолбута ыраатта. Манна кэлбэттэрэ буолуо дии санаабытым. Маладьыастар кэлбиттэр! Атыыластым аҕай. Ис-иhигэр киирдэххэ, манна кэлэллэригэр барыыhа суоҕа буолуо. Уматык элбэх баранар, ороскуоттааҕа чахчы. Эрэйдэрэ элбэх гараас, түһэр сир булуу, ветиниспиэксийэни ааhыы.
П.Григорьев: Чугас сытар сунтаардарбыт эттэрэ ордук эмис, минньигэс эбит. Саха сирин таһыттан тиэйэр эттэрин сирэ-сирэ да буоллар атыылаhабыт.
В.Корнилов: Сунтаардар, ньурбалар бородууксуйалара сэдэхтик кэлэр.
Бу дьаарбаҥкаларыгар ынах этэ, убаhа этэ, дагда, чохоон, арыы, иэдьэгэй атыыластыбыт.
М.Савченко: Саамай минньигэс олохтоох ынах арыыта Сунтаар киэнэ эбит. Сыаната ыарахан – 700 солк. Ол да буоллар, хаачыстыбата эппиэттиир.
В.Никитина: Эт, yксэ Иркутскайтан, Новосибирскайтан тиэллэр. Мииринэйгэ, олохтоох, сибиэhэй эт булуом диэн саараабаккын.
Куруук суох! Дьаарбаҥканы маныырга, уочаракка туран анньыhарга отой солом суох. Дьэ, ити, биирдэ кэлбиттэригэр – алдьархайдаах уочарат!
М.Петрова: Эт тыа улуустарыттан кэлэрин тыа хаhаайыстыбатын министиэристибэтэ сyрyннyехтээх. Тыа улуустарын бородууксуйалара тастан кэлиитээҕэр ордук. Yүттэрин, барыанньаларын, суоктарын, йогуртарын, арыыларын билэбит уонна биhириибит.
Оттон эттэрин субу эрэ атыыластым. Быйылгы атыы-тутуу, бэй, уруккулартан быдан сэргэх. Аны, бородууксуйаларыгар киhи тииhиспэт курдук. Урут кыhын оройугар Бүлүүттэн собо, Эдьигээнтэн, Анаабыртан муксуун кэлэн абырыыра.
Бастаан Эдьигээн, онтон Сааскылаах сөмөлүөттэрэ көтөрүн сабан кэбиспиттэрэ! Балык, сибиэhэй таба этэ кэлиитэ онтон ыла уурайбыта. Түмүкпэр бу дьаарбаҥканы тэрийбит дьоннорго махтал!
Станислав Алексеев,
Мииринэй.
Ааптар хаартыскалара.
Ньурба, “Влада” фирма
Саха аһа барахсан!
Атыы-тутуу кимиэллээхтик барар
Сунтаар Күндэйэтиттэн “Тускул” тэрилтэ
Көмүс хатырыктаах күрэһэ
Эдэр урбаанньыттар
Эмис да эт!
Ырыынакка дьон ыы-быччары