Ахсынньы ыйга норуодунай суруйааччы, уран тыл ууґа, уґулуччулаах тылбаасчыт, хоґоон куттаах Семен Титович Руфов тіріібүтэ 90 сылын үірүүлээхтик бэлиэтээтибит. Кинини 5 чыыґылаҕа тіріібүтэ дии сылдьыбыппыт да, архыыпка суруллубутунан, тіріібүт күнэ-дьыла 1927 сыл, ахсынньы 7 күнэ эбит.
Мин Сэмэн Руфовы кытта чугастык алтыґыым 2012 сылтан, норуодунай суруйааччы тіріібүт улууґугар «Ґіґээ Бүлүү – ийэ тыл биґигэ, тірүт тыл түілбэтэ» (улууска 23 суруйааччы, ол иһигэр 4 «норуодунай» баар) диэн 4 күннээх Суруйааччылар бастакы ыґыахтарыттан саҕаламмыта. Онно 85 сааґыгар үктэммит ытык кырдьаҕас киэІ билиитэ-кірүүтэ, элбэх хоґоону, уґуун-уґун поэмалары ійүттэн ааҕар дьоҕура, ураты дуоспуруннааҕа, ол да буоллар сэмэйэ, судургу майгылааҕа миигин умсугуппута. Бу кэнниттэн кинини кытта билсэн, дьиэтигэр-уотугар ыалдьыттаан, тылбаастарын үірэтэн, ол сүнньүнэн элбэх киґини кытта кэпсэтэн, үлэ суруйбутум. Онтубун 2015 с., М.Р. Софронова ійіін, улуустааҕы Киин бибилэтиэкэ типографиятыгар А.С. Колпашникова кімітүнэн «Сэмэн Руфов тылбаастара – саха норуотун киэн туттуута» диэн кинигэ бэчээттэтэн таґааран, норуодунай суруйааччыны үірдүбүт дьоллоохпун. Онон суруйааччы оҕолоро ыІыраннар, ахсынньы 14-15 күннэригэр Ґіґээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт С.Т. Руфов 90 сылын бэлиэтиир үірүүлээх тэрээґиннэригэр кыттан кэллим.
Бастакы күн ТамалакааІІа 11 чаастан сынньалаІ киинигэр ыытыллыбыт «Тыл – доҕордоґуу далаґата» үірэнээччилэр улуустааҕы билим-быраактыка кэмпириэнсийэлэригэр уонна эбиэт кэнниттэн оскуолаҕа үірэнээччилэри кытта кірсүґүүгэ сырыттыбыт. Манна даҕатан эттэххэ, ТамалакааІІа Сэмэн Руфов уонна Афанасий Федоров түмэллэрэ баар.
«Таптыыр дойдум - Тамалакаан»
Кэмпириэнсийэ С.Руфов хоһоонугар айыллыбыт «Таптыыр дойдум - Тамалакаан» диэн ырыаны хуор толоруутуттан саҕаламмыта. Тэрээґини улуус мунньаҕын дьокутаата, ТамалакааІІа ір сыл баґылыгынан үлэлээбит үлэ бэтэрээнэ З.И. Федорова иилээн-саҕалаан ыыппыта. Ґірэнээччилэр үбүлээр олоҕун, поэзиятын уратытын, тылбаастарын туґунан 3 сиэксийэҕэ арахсан, бэртээхэй дакылааттары аахпыттара. Олор быыстарыгар Сэмэн Руфов тылларыгар суруллубут «Мин былыргы тапталым», «Ахтылҕан» ырыалар ылламмыттара, уолаттар біліхтірі литэрэтиирэ мантааһын толорбута, «Талба» эбээлэр түмсүүлэрэ бэйиэт хоґооннорун иэйиилээхтик аахпыта, үірэнээччилэр «Нариспии» поэматтан быґа тардыыны туруорбуттара, 4 кылаас оҕолоро «Валерка соҕуруу дойдуга» хоґооннору ааҕан иґитиннэрбиттэрэ. Саамай үірүүлээҕэ – эдэрдиин-эмэнниин бука бары норуодунай суруйааччы айымньыларын билэллэр, үірэтэллэр, ааҕаллар эбит. Бу буолар – суруйааччы үлэтин түмүгэ, дьон сэІээриитин толору ылбыт сүІкэннээхэй дьоло! Силигин ситэрэн, суруйааччы оҕолоро олохтоох бибилэтиэкэҕэ кітіх муІунан аҕаларын кинигэлэрин бэлэхтээбиттэрэ.
Киэґэ Ґіґээ Бүлүүгэ баран, Руфовтар уонна Арбыкиннар аймаҕынан кірсүґүүлэригэр сылдьыбыппыт, итии чэйдээх, баай-талым остуолга олорон сиґилии, ирэ-хоро сэґэргэспиппит.
Ороһуга