Главное

Фоторепортаж

Столица

июля 29, 2022

В Якутске открылся сквер при Галерее зарубежного искусства

Островок красивого пейзажа – такая мысль возникает при его посещении. В саду представлено более 50 видов растений, в том числе редких. Немного прогулявшись здесь понимаешь, в таких местах поэты и…

Общество

мая 30, 2022

Местность Yс Хатын. Наши дни (фоторепортаж)

В этом году, после двухлетнего перерыва, состоится общегородское празднование Ысыаха Туймаады в 2022 году, которое станет юбилейным. В год 100-летия образования Якутской АССР национальный праздник Якутска пройдет в 25-й раз.

Районы

апреля 10, 2022

В Горном улусе построен тир с интернатом

В селе Бердигестях Горного улуса готов к открытию спортивный объект – тир с интернатом на 50 мест.

Общество

апреля 06, 2022

В Якутске проходит выставка «Медэкспо-2022»

В рамках Всемирного дня здоровья и Года Матери с 5 по 7 апреля в Торговых рядах «Кружало» проходит ежегодная специализированная выставка, которая соберет под одной крышей Российских производителей оборудования, товаров…

Фото

марта 31, 2022

В г. Якутске работает выставка «Наследие предков»

В Доме дружбы народов имени А.Е. Кулаковского представлена уникальная выставка материального наследия нашей республики – «Наследие предков», приуроченная 100-летию образования Якутской АССР и Году культурного наследия народов России. Интересно, что…

Это интересно

На острове Беннетта установят флаги России и Якутии

Комплексная экспедиция якутских энтузиастов во главе с председателем Якутского отделения Российского союза спасателей Николаем Находкиным…

Опрос

В последнее время экологическая тематика стала одной из самых обсуждаемых в СМИ и интернете. С каким мнением Вы согласны в наибольшей степени?

*Мииринэй УККтыгар, 


2017 сыл, 11 ыйын устата, 896 тэхиньиичэскэй идэтийиилээх yлэhит бэлэмнэннэ.
* 2020 сылтан ылата, Удачнай ХБК «АЛРОСА» хостуур алмаастарын 38 бырыhыанын ылара былааннанар.
2010-2016 сылларга, УХБК, алмаас хостооhунун 15-16 эрэ бырыhыанын ылара.
* 2017 сылга, алмааhы наардыыр сыахха(ЦСА), кyндy таас суортааhыныгар туттуллар, «Буревестник» научнай холбоhук(«НПП») тэриэбэлэрин yлэлэрэ yчyгэйинэн бэлиэтэннэ.
* «АЛРОСА» хампаанньа, тэхиньиичэскэй yрдyк yерэх кыhаларыгар, «Хайа дьыалата»(«Горное дело») салаа бастакы уонна иккис куурустар устудьуоннарын кытары дуогабар тyhэрсэр.
Эдэр дьон, «АЛРОСА» истипиэндьийэтин ылыахтара.
Бyтэhик кууруhу бyтэрээт алмаастаах хампаанньа тэрилтэтигэр чопчу yлэлии кэлиэхтэрэ.
* 2018-2019 сылларга, «АЛРОСА» рационализатордары кытары утумнаах yлэтин салгыыр санаалаах.
Санатан эттэххэ, хампаанньа, сыаналаах рационализаторскай ньыманы киллэрии иhин, 500 тыhыынча солк. диэри бириэмийэни биэрэр.
*«Строймонтаж2002» тэрилтэ Мииринэй 14-с кыбаарталыгар чааhынай дьон кыттыгас yптэригэр 197 кыбартыыралаах дьиэ тутар. Манна, кыбартыыра ыларга, 70 бырыhыан «АЛРОСА» yлэhиттэрэ дуогабардаспыттара.
2018 сыл, муус устар ыйыгар тутуу салгыы барара былааннанар.
* 2017 сылга, «АЛРОСА» «Голубая волна» сонотуоруйа, Краснодар уобалаhын саламтатыттан yрдyкy сыанабыл суругун ылла.
* «АЛРОСА» КСКтын иитинэн, Мииринэй оройуонугар кырачааннарга, орто саастаах ыччакка уонна улахан дьоннорго аналлаах 27 успуордунунан дьарыктанар куруhуок баар.
* Хампаанньа кыттыгас тэрилтэтин – «АЛРОСА-Авианы» хааччыйар Мииринэй авиационнай тэрилтэтин агенствотыгар(«МАП») салгын аалларыгар айан сыаната тохсунньуга уларыйыа суохтаах диэн биллэрдилэр.
* 2018 сылга, Айхал ХБКын №№ 8, 14-дээх баабырыкаларыгар алмаас байытыытын утумугар аныгы технология киллэриллэрэ былааннанар.
* 2018 сыл сэтинньитигэр, Мууна баахтатын «дэриэбинэтин» уонна промышленнай эбийиэгин аhыллыытын туома ыытыллыа.
Биир баахта кэмигэр(28 кyн) 365 киhи олорор кыахтаныа.
Манна, Удачнай куоратыттан 170 бирэстэ ыраах «баахта» дэриэбинэтигэр yс уопсай дьиэ, диизэл уматыктан хочуолунай, ититэр пуун, энергопуун, автохаhаайыстыба, остолобуой уо.д.а эбийиэктэр баар буолуохтара.
Инникитин, Мууна учаастагар 700 yлэ миэстэтэ тахсара былааннанар.
* «Иирэлээх» бириискэтин yлэhиттэрэ олорор Алмазнай сэлиэнньэлэригэр оскуолаларыгар табыллыбаттар.
275 миэстэлээх орто оскуола тутуута, бэдэрээччити кытары кэпсэтии «тохтубутуттан» сылтаан, 2019 сылтан ылата ыытыллар буолла.
* Ньурба ХБК «Ботуобуйа» туруупкатыгар 90 млн. караат алмаас баара билиннэ.
Билигин, карьер ньыматынан, сылга 400 тыhыынча туонна урууда хостонор.
* «АЛРОСА» Архангельскай уобаласка баар «Севералмаас» тэрилтэтэ, 2018 сылга, 2,4 млн. туонна урууданы хостуур былааннаах.
* «АЛРОСА-Авиа» «МИ-8», «МИ-26» вертолеттарын паарката биллэ эргэрдэ. Манан сибээстээн, авиатордар, Канада «Робинсон» вертолеттара биhиги усулуобуйабытыгар хайдах эппиэттииллэрин салгыы тургуталлар.
* 2017 сыл атырдьах ыйыгар ыйыгар, «МИР» рудник шахтатыгар сааххал кэнниттэн 1.036 киhи yлэтэ суох хаалбыта.
Балаhыанньаны, Удачнай ХБК, Айхал ХБК, МХБК бэйэтин самалык тэрилтэлэрэ yлэ миэстэлэрин тэрийэн арыый аматык гыннылар.
500-чэ киhи yлэтин кэмигэр булунна.
Yлэтэ суох хаалбыт уонна бакаансыйа булуна илик дьоннорго, хампаанньа, орто хамнастарын биэртэлии олорор.
* «АЛРОСА» сыллата, уматыкка, 2 млрд. солкуобайы ороскуоттуур(Бэнсиин уонна диизэл уматык).
Билигин, Мууна сириттэн автопуойастар урууданы 170 биэрэстэ ыраах №12-дээх баабырыка бункерыгар тиэйэллэригэр элбэх уматык эрэйиллэр.
Манна туhааннаах боппуруостары учуоттаан, тиэхиникэни гаас уматыкка(«метан») уларытыы кyyскэ барара былааннанар.
2017 сылга, хампаанньа 307 массыыната метан уматыкка yлэлииргэ уларытылынна.
Бу кэскиллээх уонна экология чааhыгар эрэбиллээх барыл 80 млн. солк. тиийэ кэмчилээhини ситистэ.
* 2018 сылга, «АЛРОСА» уонна Саха сирин бырабыытылыстыбата yбyлээн туттарар «Харысхал» О5о реабилитационнай Киинин тутуута тyмyктэнэрэ былааннанар.
Санатан эттэххэ, бу Киин тутуллуутугар «АЛРОСА» - 60 млн, Саха сирин бырабыытылыстыбата 60 млн. солк. анаабыттара.
* 2018 сылга, Бабушкин, Гагарин, Первомайскай, Фрунзе уулуссаларыгар гаас уматык киллэрии yлэлэрэ тyмyктэнэллэрэ былаананар.
Чааhынай дьиэлэргэ гаас киллэрэргэ ортотунан 130 тыhыынча солк. ирдэнэр.
* 2018 сылга, Мииринэй куорат пааркатыгар кырачааннар оонньуур павильоннара салгыы тутуллуохтаах. Карусель, аттракционнар сирдэрэ баар буолуохтаах.
Сyрyн ороскуоту «АЛРОСА» уйунар.
* 2018 сылга, Мииринэй куоратын уонна аэропуорт микрооройуонун холбуур, сатыы сылдьар бетон олбохтоох суол тутуллуута олоххо киириэхтээх.
* Саха сирин улахан промышленнай оройуонун нэhилиэнньэтэ сыыйа-баайы аччыыр.
2002 сыллаах биэрэпис тyмyгyнэн, оройуон yрдyнэн 78 тыhыынча 877 киhи олорбута.
2014 сылга ол сыыппара кыччаан, 70.800, 2017 сылга - 72 тыhыынчаттан тахса киhи олороро бэлиэтэммитэ.
Быhа барыллааhын быhыытынан, сыл ахсын Мииринэйтэн yс тыhыынча киhи «материкка» айанныыр, балтараа-икки тыhыынча кэлэр.
1992 сыллаахха, Мииринэй куорат 42 тыhыынча 765 нэhилиэнньэлээх этэ.
Бyгyн 35 тыhыынча 158 киhи олорор куоратынан буолар.

Станислав Алексеев. Мииринэй к.

УМТС АК АЛРОСАУМТС АК АЛРОСАУМТС АК АЛРОСАУМТС АК АЛРОСАУМТС АК АЛРОСАУМТС АК АЛРОСАУМТС АК АЛРОСА

Поделиться: