Бырабыыталыстыба вице-премьерэ, Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Уhук Илин эрэгийиэнинээ±и боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев атырдьах ыйын 14 күнүгэр Мииринэйгэ кэллэ. Yрдүк сололоох салайааччы алмаастаах кыраайга кэлиитэ АЛРОСА, МХБК, «Мир» руднигар саахал тахсан, ыксаллаах балаhыанньа үөскээбитигэр сыhыаннаах буолла.
Ю.П. Трутнев «Мир» туруупка карьерыгар, рудник араас хабааннаах эбийиэктэригэр сылдьыталаата, кэнники балаhыанньа хайдах туруктаа±ын сиhилии билистэ. Атырдьах ыйын 4 күнүгэр сүппүт 8 шахтёру сир анныттан баччааҥҥа диэри була иликтэрэ, вице-премьери улаханнык харааhыннарда.
Бу иэдээннээх быhылаан тахсыбытыгар эппиэттээх үлэһиттэр чопчу туох буруйдаахтарын, хайдах-туох сыысхаллаахтарын быhаарарга туhааннаах хамыыhыйаны уонна «Ростехнадзор» сулууспатын үлэлэтэргэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл кытаанах дьаhал биэрдэ.
Күн бүгүн «Мир» шахта кирбиилэригэр сүппүт дьону булар инниттэн буору-тааһы тиэйэр массыыналар сүүрэллэр; быыһааччылар уу суурайбыт, бүтүннүү бырыы-бадараан буолбут боруодатын кытары бодьуустаhаллар. Холобур:
- 210 кирбиигэ мунньуллубут тимир, металл конструкциялар элээмэлэрин, буору, тэриэбэлэр сэмнэхтэрин ыраастааhын күүскэ ыытыллар. Ол курдук, ааспыт күннэргэ 80-ча миэтэрэ усталаах буор, тимир уонна таас мэhэй күрдьүлүннэ;
- 210 кирбиигэ, быыстала суох кимэр ууну уодьуганныыр инниттэн «Шахтспецстрой» тэрилтэ биир чааска 1.250 кууп ууну дьалбарытар кыахтаах үс носуоһу туруорда. Уруккуттан даҕаны маннык хамсаныах-дьаhаныах баара!
Бу носуостарынан быыстала суох кимэр ууну сүрүн “водоотлив” хаамыратыгар хачайдыыллар.
Уу, салгыы кимэрин, суоhуурун тургутар («разведочнай») скважинаны хастылар.
«Мир» карьер «дьаамата» сиэрэ суох хаатыйаламмыт ууттан дьэ босхолонуохча буолла.
“Ол уу ханна барар баҕайыный?” диэн ыйытыаххыт. Уу анал ситиминэн, «Ритц» носуостарынан хачайданан, карьер туруору эниэтинэн тахсан Мииринэйтэн сэттэ биэрэстэ хотугулуу-илин сытар «Тымтайдаах» ууну мунньар «накопителигэр» суккуллар.
Бу күн «Мир» рудник АБКгар уустук боппуруостары дьүүллэhэр, кытаанах этиилэрдээх мунньах буолла.
Манна Ил Дархан Е.Борисов, АЛРОСА салайааччылара уонна шахта араас боппуруоһунан быhаччы дьарыктанар үлэhиттэр, ЫБМК, ВГСЧ бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Бастатан туран, Арассыыйа вице-премьерин иннигэр туран АЛРОСА салайааччылара, балаhыанньа хайдах туруктаммытын билиhиннэрдилэр.
Туhааннаах µлэhиттэр «Мир» рудник шахтатыгар саахалы туоратар инниттэн хайдах-туох үлэ ыытылла турарын сиhилии кэпсээтилэр.
«Мир» карьерга 40 тыhыынча кууп уу мунньуллубутун дьалбарыталлар.
Бу ороhуоллаах уу олус күүскэ (чааска – 1.200 кууп) шахта кирбиилэригэр күрүлэччи киирэ турар.
Уопсайынан да, ууну уодьуганныыр тэриэбэ букатын кыамматаҕыттан маннык алдьархай ааҥнаата.
Манна анаан-минээн 320 киhи (ол иhигэр АЛРОСА 145 шахтёра) уу-буор кимиитин бопсууга, буор-таас, алдьаммыт тэриэбэ чохчолорун ыраастааhыҥҥа сыралаһа сылдьаллар.
Yлэ -310 кирбииттэн штректэр, квершлаг, спиральнай съезтэр диэки, муҥ сатаатар, биир эмэ сүппүт киhи көстүө диэн «эрэл кыымнаах» бара турбута. -295 м. туочука диэки баар буолуохтара диэн эрэнэллэр. Билигин -310 кирбиигэ уу элбээн, шахтердар уонна быыһааччылар киирэллэрэ бобулунна.
Хаалбыт -210 кирбиигэ 19 араас хабааннаах тиэхиньикэ мустубут таастаах бадарааны кµрдьэр, кирбиилэр суолларын ыраастыыр.
Усулуобуйа тосту ыараабытын да иhин, АЛРОСА төһө кыалларынан балаhыанньаны уларытарга дьулуhар диэн мунньахха этилиннэ.
Бу мунньахха АЛРОСА бастакы вице-бэрэсидьиэнэ, толорооччу дириэктэр И.Соболев, хампаанньа сүрүннүүр инженерэ А.Черепнов, бырамыысыланнаска куттал суох буолуутугар эппиэттээх салайааччылар, шахта иэдээнигэр дьону быыhыыр үлэ кэрискэлэрин, саахалы туоратыы хайдах туруктаах, төһө тэтимнээх бара турарын отчуоттаатылар.
Саахал кэмигэр шахта иhигэр уопсайа 151 шахтёр баар буола сылдьыбыта чуолкайданна.
Сатаатахха, атырдьах ыйын 4 кyнyгэр, 4 чаас 30 мүн. саҕана, симиэнэ уларыйыыта («пересменка») кэмэ эбит. Уочараттаах симиэнэ дьоно, туох алдьархай кимэн иhэрин сэрэйбэккэ, үлэлиир миэстэлэригэр клетинэн түспүттэр.
Бу симиэнэ дьоно, арыый хойутаабыттара буоллар, сиэртибэ өссө элбиэхтээх эбит.
Шахтёрдартан үгүстэрэ, «околоствольнай двортан», клеттэн (лииптэн) чугас сылдьар буоланнар, хата, тыыннаах ортулар.
Хас кирбии ахсыттан дохсуннук «атаакалаабыт» буордаах уу, уонча туонна ыйааhыннаах бурстаноктары, ПДМнары мээчик курдук тамнааттаата. Шахта үрдүттэн киирэр хаабыллары ыhаттаата.
Ол айылаах алдьархайга, иэдээннээх күүстээх уу «ытыалаабыт» тимир тэриэбэ элээмэлэригэр, мас кырамталарыгар оhоломмут, буордаах ууга тимирэ сыспыт, боруобаттарга иилистэн муомахтана сыспыт, уот барбытыгар холлорооннорго, квершлагтарга хаайтарбыт, батыллыбыт шахтёр элбэх.
143 киhини шахтаны быыhааччылар(ВГСЧ), АЛРОСА бэйэтин үлэhиттэрэ уонна ЫБМК байыастара «Хайа үрдµгэр» («На горе») таhаарбыттара диэн хатылаан кэпсиибин.
Мунньах кэнниттэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл Юрий Трутнев суруналыыстар ыйытыктарыгар эппиэттээтэ:
-- «Мир» рудникка буолбут саахалы туоратарга үлэ тэтимнээхтик ыытыллар. Усулуобуйа олус ыарахан. Биhиги, төһө кыалларынан, АЛРОСА балаhыанньата бигэ турукка киирэригэр бары кыахпытын ууруохпутун наада, – диэтэ вице-премьер суруналыыстарга туһаайан.
Санатан эттэххэ, АЛРОСА 37 мөл. караат алмаас хостууругар, Мииринэй ХБК 3 мөл. карааты ылар. Ол уурайда.
Юрий Трутнев “АЛРОСА үлэтин быhаччы хонтуруоллуур, сүрүннүүр салайааччы быhыытынан саппааhы толорунар («Восполнение выбывающих запасов алмазов») кыах баар” диэтэ.
Cудаарыстыба салайааччыларыттан биирдэстэрэ кыттыылаах, бу суhал тэрээhин сүрүн соругунан АЛРОСА инники сайдыытыгар, алмаас хостуур шахталар куттала суох буолууларыгар, судаарыстыба тулааhын буолар күүhэ быhаарылынна.
«Кыым» хаhыат анал кэрэспэдьиэнэ Юрий Трутневтан «сир анныгар хаалбыт шахтёрдар дьоннорун-сэргэлэрин, аймахтарын кытары кэпсэттигит дуо?» диэн ыйытыытыгар, «оннук, кэпсэтэн» диэн хоруйдаата.
Сүппүт шахтёрдар чугас дьоннорун кытта кэпсэтии олус ыараханнык барбыта саарбахтаммат.
Ил Дархан Егор Борисов “АЛРОСАны кытары бииргэ бу саахалга чугас дьоннорун сүтэрбит дьиэ кэргэттэргэ өйөбүл баар буолуо, оннук кэпсэттибит” диэн биллэрдэ.
АЛРОСА бастакы вице-бэрэсидьиэнэ, толорооччу дириэктэр Игорь Соболев суруналыыстарга, рудникка ыытыллар уталытыллыбат үлэлэр кэрискэлэрин сиhилии билиhиннэрдэ.
Ол курдук, биир сытыы ыйытык киирдэ: “«Мир» рудник шахтёрдара, бүтүн персонал (элиэктириктэр, газовиктар, монтажниктар, сантехниктар, остолобуойдар, доруобуйа харыстабылын пуунун үлэһиттэрэ) 100 бырыhыан үлэнэн хааччыллыахтара дуо?” диэн.
Игорь Соболев «МИРтэн» ким да үлэтэ суох хаалбат диэн эрэннэрдэ.
«Мир» рудник сорох үлэhиттэрэ, миэстэлэригэр хаалаллар диэтэ.
«Интернациональнай» руднигы улаатыннарар буоллулар. Онно «Мир» шахтёрдарын үлэлэтэ ыытыахтара.
“Бу боппуруоhу хампаанньа атырдьах ыйын 25 күнүгэр чопчу быhаарыахтаах”, -- диэтэ И.Соболев.
Маны сэргэ АЛРОСА, Мууна баhыгар, 3 мөл. туонна урууда хостуур баахта учаастагын тэрийэр. «Интергэ» кыайан хабыллыбатах дьон Мууна сиригэр баахта ньыматынан үлэлиир кыахтаахтар.
Урут да эппитим курдук, бу быhылаан содулун алмаастаах Мииринэй хаhан «оhорунара» биллибэт.
Ити курдук Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Уhук Илин эрэгийиэнигэр боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев быhыыны-майгыны истэн-билсэн барда.
Итинтэн сиэттэрэн «Мир» рудник шахтатын саахалын туоратыыга мантан антах Арассыыйа бырабыыталыстыбата кыттыhыа, бигэ тулааhын буолуо диэн эрэл уостубат.
Мииринэй – моно-куорат. Алмаас хайдах хостоноруттан улахан тутулуктаах. Онон балаhыанньа тупсара буоллар эрэ диэн эрэнэ хаалабыт.
Станислав Алексеев, Мииринэй к.
Ааптар хаартыскалара