Ыам ыйын 15 күнүгэр Анаабыр улууһун баһылыгын быыбара кэккэ төрүөтүнэн болдьоҕун иннинэ ыытыллар. Уопсайа 6 хандьыдаат турбута биллэр. Олортон биирдэстэрэ – эдэр, кэскиллээх киһи Василий Туприн. Кини «Саҥа дьон» («Новые люди») саҥалыы көрүүлээх, сонун идиэйэлэрдээх баартыйаттан турда.
Василий Лаврентьевич уу сахалыы ылбаҕайдык саҥарар, долган, эбэҥки омуктан сыдьааннаах. Анаабыр улууһун төрүт олохтооҕо. Онон, этэргэ дылы, төрөөбүт улууһун ханнык-туох кыһалҕалааҕын, тугу тыынан олорорун иһиттэн ырылыччы билэн-көрөн олорор.
Кини тэрийбит «Үөлэ» родовой община Анаабырга ситиһиилээхтик үлэлиир. Тэрилтэ күн бүгүн 425 250 гектар сирдээх, балыктыыр, кыыл табаҕа бултуур квоталаах. 2016 c. олохтоох балыктыыр хаһаайыстыбалар сайынныннар диэн, общинатын квотатын аҥаарын улууска биэрбит. Итини сэргэ «НТР-Альфа» ХЭУо-ҕа биригэдьиирдиир.
Төрөөбүт улууһун инники сайдыытын хайдах көрөрүн, быыбар иннинээҕи бырагырааматын ис хоһоонун кылгатан «Кыым» хаһыакка сырдатта. Сэргээн ааҕыаҕыҥ.
Сүрүн сыалым – олорор усулуобуйаны тупсарыы
– Анаабыр улууһун баһылыгын дуоһунаһыгар туруоруммут сыалым-соругум диэн, дойдум дьонун-сэргэтин олоҕун, олорор усулуобуйатын тупсарыы, сайыннарыы, бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар хаһаайын курдук сананан олоруу, дойдубут дьылҕатын илиибитигэр тутан эппиэтинэстээхтик, тэтимнээхтик сайдыы суолугар үктэнии буолар.
Тутуу, дьиэ-уот боппуруоһа. Улууспутугар кэлиҥҥи уонча сылга саҥа эбийиэктэр тутулуннулар. Сайдыы тохтоон хаалбакка, өссө таһымнаахтык баран иһиэхтээх. Мин хас даҕаны саҥа тутууну былааннаан олоробун. Тутууга олохтоох дьон үлэлиирин ситиһиэм, олохтоохторго үлэ миэстэтин таһаарыам. Тутуу саҥа технологияларыгар үөрэтэр анал үөрэхтээх исписэлиистэри киин сиртэн ыҥыран олохтоохтору үөрэттэриэм.
Уһук Хоту улууска дьиэ тутуутугар тус көрүүлээхпин. Ол курдук, хоту дойду дьоно чааһынай дьиэҕэ олоруохтаах. Олорор дьиэ аныгы олох ирдэбилинэн толору хааччыллыылаах, ыраас иһэр уулаах буоларын ситиһиэм. Чааһынай дьиэ иэнэ 80 кв. м, тиэргэнэ 10 кв. м кыра буолуо суоҕа. Билигин бэриллэр сирдэр олус дьоҕустар, түөртүү суотай кэриҥэ иэннээхтэр. Тутуу матырыйаала экологическай, мас буруус буолуохтаах. Саамай сүрүнэ, маны барытын хабар, киэҥ ис хоһоонноох бырагырааманы суруйан 1 %-наах дивидентэн үбүлэнэри ситиһэр соруктаахпын.
Аны туран, тутуллар дьиэ планировката улуус дьаһалтатын хонтуруолунан уонна үбүлээһининэн оҥоһуллуохтаах, сири тэҥнээһиҥҥэ эмиэ көмөлөһүөхтээх.
Анаабыр – дьоҕус улуус. Нэһилиэнньэтэ эмиэ оннук. Ыал дьиэ туттарыгар көмөлөһүү – сирин-уотун тэҥнэтии, планировкатын оҥоруу, тутуу матырыйаалынан хааччыйыы – кыаллар дьыала. Мин санаабар, дьиҥнээх көмө диэн итинник буолуохтаах.
Сокуонунан көҥүллэнэри, бобуллубаты барытын баар оҥоруохпут. Ол инбэстииссийэҕэ да, өрөспүүбүлүкэ, дойду бырагыраамаларыгар да сыһыаннаах буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ, дойду бырагыраамаларыгар тута күүскэ кыттан барыахпыт.
Мэдиссиинэ, урбаан, социальнай хайысхаҕа соруктар. Сааскылаахха, Үрүҥ Хайаҕа мэдиссиинэ күүскэ сайдарын туһугар былааммар анал сүрүн түһүмэҕи киллэрдим. Үрүҥ Хайаҕа саҥа балыыһа тутуллуон баҕарабын. Уопуттаах быраастар, саҥа мэдиссиинэ тэриллэрэ баар буолуохтара. Кыһын буурҕа түһүүтүн, суол хаайтарыытын кэмигэр Үрүҥ Хайа уонна Сааскылаах балыыһатыгар уопуттаах быраастар бастакы көмөнү оҥорор усулуобуйалаах буолуохтара. Билиҥҥи туругунан Үрүҥ Хайа балыыһатын усулуобуйата ыарахан, ол иһин кэлии быраастар өр буолбакка баран хаалаллар.
Урбаанньыттар – хоту дойдуга олус наадалаах дьон. Дьокуускайтан Анаабырга диэри 2 туонна уматыгы ороскуоттаан тиийэллэр. Кинилэр баар буоланнар, олохтоохтор аһаан-таҥнан олороллор. Урбаанньыттарга айаннарын ороскуотугар, тырааныспар сапчааһыгар көмөнү оҥоруохпут. Ол бородуукта сыаната түһэригэр да сабыдыаллыа.
Өссө биир сүрүн соругум – Анаабыр бөһүөлэктэригэр үлэлиир дьоммун-сэргэбин: хочуолунайдар эпэрээтэрдэрин, техүлэһиттэри, дьиэ сууйааччылары, харабыллары, сыбаарсыктары, суоппардары, сантехниктары уо.д.а. биир даҕаны киһини болҕомтото суох хаалларыам суоҕа. Урукку өттүгэр бу дьоҥҥо туох даҕаны социальнай көмүскэл суоҕа. Баар буоларын ситиһиэм.
Оҕолору Саха сирин киин успуорт оскуолаларыгар үөрэттэриини күүскэ туруорсуом.
Табаһыттарга, сылгыһыттарга, булчуттарга, балыксыттарга материальнай-тэхиниичэскэй базаларын бөҕөргөтүүгэ бырагыраама ылыам. Сибээһинэн, уматыгынан хааччыйыыга хайаан да көмөлөһүөм. Интэриниэт олохпут сайдыытын биир көрүҥэ, саҥа таһыма буолла. Төрөөбүт улууспар чэпчэки интэриниэти холботору ситиһиэм.
Уопсайынан, киһи тымныы, кыараҕас дьиэлээх-уоттаах, аһа-таҥаһа кырыымчык буоллаҕына, хайдах үүнэри-сайдары толкуйдаабакка, ас-таҥас булунар кыһалҕатыгар түһэр. Онон, мин улууһум хас биирдии дьонугар-сэргэтигэр болҕомтобун уурар санаалаахпын, кыаҕым тиийэринэн көмөлөһүөм.
Суол – олох хорук тымыра
Улуус иһинээҕи суол-иис кыһалҕатын быһаарар сорук туруоруннум. Ордук сайыҥҥы кэмҥэ нэһилиэктэрбит икки ардыларыгар айаммыт олус ыарахан. Эбэбит уолан хаалар. Сааскылаах аэропордун уонна Үрүҥ Хайаҕа баар муора пуордун холбуур баҕа санаалаахпын. Бу икки нэһилиэк суолун холбуур буоллар, улууспут социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньата биллэ бөҕөргүө, күүскэ сайдыа этэ.
Маны таһынан тиэхиньикэнэн хааччыйыыга эмиэ болҕомтобун ууруом. Сааскылаах, Үрүҥ Хайа иһигэр сүүрэр анал тиэхиньикэлэр икки өттүгэр базалаах буолуохтара.
Уу – тыын кыһалҕабыт
Иһэр уу – улууска күн бүгүн кыайтарбакка турар кыһалҕа. Эбэбититтэн уу испэт буолбуппут хаһыс да сылыгар барда. Сааскылаахтар да, үрүҥ хайалар да күөл уутун ууланан олоробут. Бөһүөлэктэргэ уу ыраастыыр улахан тэрили туруоруохха сөп. Улуус дьаһалтата олохтоохтору кытта бииргэ туруорустаҕына, ити кыһалҕаны кыайыахпыт.
Улууспутугар экология кыһалҕата кэлин олус сытыырхайда. Киэҥник этиниэххэ, кыһалҕаны улахан эйгэҕэ таһаарыахха, баарбытын, долгуйарбытын билиннэриэххэ наада. Кэм кэллэ.
Анал бырагыраамалар
Оҕолоох ийэлэргэ, кырдьаҕастарга, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо ураты сыһыан эрэйиллэр.
Ийэ сылынан. Оҕо аһылыгынан, эминэн-томунан, мэдиссиинэ өҥөтүнэн хааччыйыыны ситиһии. Маннык кыһалҕалары оҕо 18 сааһын туолуор диэри көрсүө суохтаах. Оҕо бырааһа кэлиитин, олохсуйуутун, барыытын-кэлиитин улуус пуондатыттан “подъемнай” көрөн болҕомтоҕо ылыам. Бу бырагыраама быйыл, Ийэ сылыгар, эрэ буолбакка, өр сылларга үлэлиэхтээх. Ийэ оҕотун кытта икки сылга биирдэ дьаһалта үбүлээһининэн хайаан даҕаны сонотуоруйга сынньаныахтаах, Дьокуускайга кэлии-барыы айанын төлөбүрүгэр сылга 80 миэстэни дьаһалта уйунуохтаах.
Анаабыр улууһугар олорор сокуоннай сааһын ситэ илик оҕоҕо уонна ийэтигэр улуус иһинэн сылдьар айанын төлөбүрүн дьаһалта уйунуохтаах диэн санаалаахпын.
Бэтэрээннэргэ, ытык кырдьаҕастарга, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо. Бастатан туран, бу дьоҥҥо күүстээх медицинскэй көмө баар буолуохтаах. Сылга биирдэ эмтиир-сынньатар профилакторийга ыытыахпыт. Улуус иһигэр кэлии-барыы эмиэ буор босхо буоларын ситиһиэм. Итиэннэ, кыалыннаҕына, олорор дьиэлэрин-уоттарын “под ключ” дьаһалта тутан биэриэҕэ. Хомунаалынай төлөбүрү эмиэ улуус дьаһалтата хонтуруолга ылыаҕа.
Мин сыалым-соругум, көрүүм итинник.
Дивидени – олохтоох норуокка!
Биһиги улууспут «АЛРОСА» хампаанньаттан 1% дивиденд ылар. АЛРОСА харчыта норуот бас билиитигэр, кыһалҕатыгар ананыахтаах. Улуус бүддьүөтүн баһа-атаҕа биллэр. Үксэ хамнаска, хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр барар. Онон, мин сүрүн соругум – дивиденд харчытын норуокка анаан туһаҕа таһаарыы. Үчүгэйдик тыырдахха, аҥаардас ити 1%-нынан улууспут дьонун олорор усулуобуйатын холкутук көннөрүөхпүтүн, ити үөһэ туруорбут соруктарбын ситиһиэххэ сөп.
«Ол сатаммат, ити кыаллыбат» диир төрүт табыллыбат. Сатамматы сатыахтаахпыт, кыаллыбаты кыайыахтаахпыт. Оннук эрэ дьаһаннахпытына, сайдар суолга турунуохпут.
Улууспутугар сайдыы күүскэ, түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык барыахтаах!
Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах
– Василий Лаврентьевич, Анаабыр төрүт олохтооҕо буолаҕын.
– Төрүт олохтоох анаабырбын. Үрүҥ Хайаҕа төрөөбүтүм, улааппытым. Омугум – долган. Аҕам Лаврентий Васильевич – долган, ийэм Сардаана Афанасьевна эбэҥки норуотуттан хаан тардыылааҕа. Туйаара Лаврентьевна диэн бииргэ төрөөбүт эдьиийдээхпин. Алын кылаас учуутала идэлээх, СӨ үтүөлээх учуутала. Сааһым отут аҕыһым.
Олох диэн тугун, ыар сүтүк аһыытын эдэр сааспар билбитим. Ийэм Орто дойдуттан барбыта тоҕус сыла буолла. Мааны балтым Лидия Лаврентьевна ийэм барбыт нөҥүө сылын сааһыгар суох буолбута. Иккиэн сылы кыайбат кэм иһигэр “айаннаабыттара”. Икки чугас киһини утуу-субуу сүтэрэр олус ыарыылаах буолар эбит. Ийэм суох буолбутун кэннэ сотору буолаат, биһиги ыалга кыыс оҕо күн сирин көрбүтэ. Балтым барбытын кэннэ, эдьиийим кыыстаммыта. Онон, Дьылҕа хаан ылар уонна биэрэр эбит.
– Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэҥ дуу?
– Түөрт оҕолоохпун. Улаханым Максим, 19 саастаах, номнуо улахан киһи. Олоҕум аргыһын Лилия Борисовнаны кытта өйдөһөн-өйөһөн, истиҥник санаһан олоробут, үс оҕону үөскэтэн-төрөтөн күн сирин көрдөрдүбүт.
Өйбүнэн-санаабынан, сүрэхпинэн-быарбынан, дьиҥ чахчы, ботуруйуот киһибин. Төрөөбүт улууһум, өрөспүүбүлүкэм, дойдум сайдарын туһугар үлэлиибин. Кыһалҕалаах, аас-туор олохтоох дьоҥҥо көмөлөһөр, утары уунар майгылаахпын. Уопсайынан, биһиги хоту дойду дьоно оннукпут. Ол иһин даҕаны тыйыс тымныылаах дойдуга бур-буруо таһааран, иитэр оҕону төлкөлөөн этэҥҥэ олордохпут.
– Быыбар иннинэ биир дойдулаахтаргар туһаайан тугу этиэҥ этэй?
– Күндү Анаабыр улууһун олохтоохторо, бар дьонум! Олохпут тупсарын туһугар бары биир сомоҕо буолан үүнүү-сайдыы суолун тутуһуоҕуҥ! Эппиэттээх кэмҥэ сөптөөх быһаарыныыны ылыаххыт диэн эрэнэбин. Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, үтүө саҕалааһыннары, ситиһиилэри баҕарабын! Этэҥҥэ буолуҥ!
Сэһэргэстэ Диана КЛЕПАНДИНА
Матырыйаал "Анаабыр долган-эбэҥки национальнай улууһа" МТ баһылыгын дуоһунаһыгар хандьыдаат быһыытынан бэлиэтэммит Туприн Василий Лаврентьевич быыбардыыр счетуттан төлөннө