2021 сылга тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир “КЫЫМ” хаһыат, үөрүүлээх үбүлүөйүн көрсө, “ыырын кэҥэтэн, далааһынын улаатыннаран” диэбиккэ дылы, “ЮНИЛАЙН” диэн Арассыыйаҕа, Белоруссияҕа, Украинаҕа, Илиҥҥи Дьобуруопа дойдуларыгар ыйга 4 мөл. тираһынан тарҕанар 20 сурунааллаах-хаһыаттаах тэрилтэни кытта кыттыһан үлэлиир буолла. Ол эбэтэр, 2021 сыл бастакы аҥаарыгар “КЫЫМ” уонна “ЮНИЛАЙН” хампаанньа сурутууларын кыттыһан ыыталлар.
“ЮНИЛАЙН” диэн туох тэрилтэний?
“ЮНИЛАЙН” бэчээт кыһата 2001 с. Дьоруой-куорат Смоленскайга 2001 с. тэриллибит. Биллэрин курдук, Смоленскай биһиги дойдубут арҕаа өттүгэр, Белоруссия кыраныыссатын таһыгар баар куорат.
“ЮНИЛАЙН” генеральнай дириэктэринэн Юрий Николаевич Веремеев үлэлиир. Бэчээт кыһатын киин хонтуоратыгар хас күн аайы Арассыыйа уонна аан дойду араас муннуктарыттан хас эмэ сүүһүнэн сурук киирэр. Дьон бэйэлэрин көрүүлэрин-санааларын, олохторун уопутун билиһиннэрэллэрин таһынан, ас ырысыабыгар, оҕолор уруһуйдарыгар тиийэ суруйаллар.
Үөһэ этиллибитин курдук, “ЮНИЛАЙН” официальнай бэрэстэбиитэлистибэлэрэ нуучча тыллаах дьон баар бары дойдуларыгар, ол иһигэр Казахстаҥҥа, Белоруссияҕа, Украинаҕа, Прибалтика өрөспүүбүлүкэлэригэр уо.д.а., бааллар.
Быйыл бу тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ “Саха сиригэр “КЫЫМ” диэн ааттаах, Сибиир үрдүнэн биир саамай элбэх сурутааччылаах хаһыат баар эбит. Эһиги биһигини кытта бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһэҕит дуо?” диэн этии киллэрбиттэрин быһа гыммакка, 2021 сыл бастакы аҥаарыгар сурутуу хампаанньатын кыттыһан ыытан эрэбит.
“ЮНИЛАЙН” кыһаттан тугу сурутабыт?
Этиллибитин дакурдук, “ЮНИЛАЙН” тэрилтэ барыта холбоон 20-ччэ хаһыаты уонна сурунаалы таһаарар. Оччо элбэҕи барытын манна сурутууга киллэрэр, биллэн турар, уустук. Ол иһин биһиги, судургутук, кинилэр икки саамай улахан тиражтаах, нэһилиэнньэҕэ киэҥник биһирэнэр таһаарыыларын кытта үлэлэһэр буоллубут.
“1000 СОВЕТОВ”
“1000 СОВЕТОВ” бастакы нүөмэрэ 2001 с. сааһыгар тахсыбыт. Бастакы нүөмэрдэрэ 8 балаһалаах хаһыат быһыылаах тахсан баран, сыыйа уларыйан, кэҥээн, тупсан бүгүҥҥү киэбин ылыммыт.
Ити кэм иһигэр, төһө да тас быһыыта-таһаата уларыйбытын иһин, хаһыат-сурунаал сүрүн идиэйэтэ, кэнсиэпсийэтэ халбаҥнаабат: “1000 СОВЕТОВ”, быһаччы ааҕааччылар суруктарыгар олоҕуран, “ыйытык-хоруй” бириинсибинэн үлэлиир, туһалаах сүбэлэри биэрэр. Ол эбэтэр, ааҕааччылар: “Ону хайдах оҥоруохха сөбүй? Маны хантан атыылаһабын? Итини хайдах астыыбын?”, “Тугу туохтан оҥороллоруй?” – диэн курдук хабааннаах ыйыталлар, тугу эрэ саҥаны-сонуну билбиттэрин сүбэлииллэр.
Сурунаал-хаһыакка доруобуйа, төрөппүккэ сүбэ, дизайн, аһы астааһын,юрист сүбэтин рубрикалара бааллар. Сурутааччыларыгар анаан, эрэдээксийэ сыл аҥаардыыта буола-буола сыаналаах бириистэри оонньотор.
Чэ, быһата, “1000 СОВЕТОВ” хаһыат-сурунаалга, оҕотуттан саҕалаан оҕонньоругар диэри, бэйэтигэр саамай наадалаах-туһалаах сүбэни булан ылыан сөп.
“Тоҕо “хаһыат-сурунаал” диигитий?” – диэн интэриэһиргиир эбит буоллаххытына... Дьиҥинэн, эрэдээксийэ үлэһиттэрэ бэйэлэрэ бу таһаарыыларын “хаһыат” диэн ааттыыллар эбит. Ол эрээри, сахалыы хараҕынан көрдөххө, бу таһаарыы А-4 форматтаах, 32 сирэйдээх өҥнөөх сурунаал курдук моһуоннаах. Аныгы сиэр быһыытынан, сканвордаах, гороскоптаах уо.д.а. Уопсай киэбинэн ыллахха, “КЫЫМ” хаһыакка тахсар “СҮБЭ” рубрика тэнийбитин-улааппытын курдук бириинсиптээх. Быһата, сүбэ-ама сурунаала.
Биллэн турар, нууччалыы тылынан тахсар (сахалыы буолбатах).
“ДЕВЧАТА”
“ЮНИЛАЙН” хампаанньа биирсаҥа, сонун таһаарыыта – “ДЕВЧАТА” хаһыат-сурунаал – 2019 сылтан тахсар. Бу, аата да этэ сылдьарын курдук, дьахталларга анаммыт таһаарыы. Сааһырбыт ааҕааччыларбыт өйдүүр буолуохтаахтар, урут сэбиэскэй кэмҥэ “Советская женщина”, “Работница”, “Крестьянка” уо.д.а. сурунааллар тахсалларын. Бу “ДЕВЧАТА” таһаарыы эмиэ оннук бириинсибинэн үлэлиир. Манна дьахталлар тус олохторун драмата, хардарыта сыһыан, таптал туһунан суруйуулар, дьахтар доруобуйатыгар сыһыаннаах рубрикалар, иистэнии-баайыы, тигии-үүйүү, кулинария, сибэккини-оҕуруоту үүннэрии, психолог сүбэлэрэ тахсаллар. Быһата, дьахтар аймаҕы интэриэһиргэтиэн сөптөөх матырыйаал барыта баар. Суруйуулар бары олус истиҥнэр, чэпчэкилэр уонна “аныгылыы” форманан бэриллэллэр.
Түмүктээн эттэххэ
Үөһэ ахтан аһарыллыбытын курдук, “ЮНИЛАЙН” 20-ччэ хаһыата-сурунаала барыта 4 мөл. кэриҥэ тираһынан тахсар. Быһата, бу “ДЕВЧАТА”, “1000 СОВЕТОВ” хаһыат-сурунааллары суруппут саха дьоно “ЮНИЛАЙН” хас эмэ мөлүйүөнүнэн ааҕыллар ааҕааччыларын кытта биир тиһиккэ, ситимҥэ киирэллэр.
Бу этиллэр “ДЕВЧАТА”, “1000 СОВЕТОВ” хаһыат-сурунааллар, хайалара да, ыйга биирдиитэ тахсаллар. Ол эбэтэр, 2021 сыл аҥаарыгар суруппут киһиэхэ 6 устуука хаһыат-сурунаал кэлэр.
Биллэн турар, биһиги “бу таһаарыылары булгуччу сурутуҥ” эҥин диэн элэ-была тылбытын этэн аҕытаассыйалыыр кыахпыт-бырааппыт суох (ити биһиги таһаарыыларбыт буолбатах). Тугу сурутарын ааҕааччыбыт бэйэтэ билэр. Бэйэҕит көрүөххүт. Боруобалаан көрө таарыйа, 1-2 ыйга сурутуу эмиэ баарын санатабыт. Кэлин “мөлтөх хаһыаты-сурунаалы сурутан ороскуотурдум” дии сылдьыбат курдук, чахчы, аҕыйах ыйга (сыл аҥаарыгар толору буолбатах) сурутуоххутунсөп.
Сыаната – ыарахана суох. Бу сурунааллар, хайалара да, сыл аҥаардааҕы сурутуулара 6 мөһөөхтөн эрэ тахсар. Ону “Арассыыйа Почтатын” абонеменыттан чуолкайдаһыҥ!
“ДЕВЧАТА” эбэтэр “100 СОВЕТОВ” сурунаал-хаһыаттартан хайатын эмэ суруппут (ол хас ыйга суруппутуттан тутулуга суох) “КЫЫМ” хаһыат ааҕааччыта почтаҕа суруппут икки квитанциятын хаартыскаҕа түһэрэн баран бассаабынан (эбэтэр хаһыаппыт электронкатыгар) ыыттаҕына – сүүйүүлээх оонньотууга кыттар. Ол эбэтэр, “КЫЫМ” хаһыаты (сыл аҥаарыгар!) уонна ити этиллибит сурунааллартан хайатын эмэ (хас баҕарар ыйга) суруппут кибитээнсийэтин ыытар...
“КЫЫМ” уонна “Айыы Арчыта”
“2021 сыл бастакы аҥаарыгар “КЫЫМ” хаһыаты суруппут дьоҥҥо бука барыларыгар Айыы Арчыта -- этиҥ охсубут маһа – тиийиэ” диэн суруйан турабыт.
Алтынньы 1-11 күннэригэр буолбут чэпчэтиилээх сурутуу декадатын баттаспакка хаалбыт ааҕааччыларбытыгар анаан санатабыт... Ахсынньы ыйга чэпчэтиилээх сурутуу декадата өссө төгүл төхтүрүйэн кэлиэҕэ. Онон, аһара ороскуоттаах сыанаҕа сурутуо суоххутун сөп...
“Ол эрээри” диэбиккэ дылы, 8-924-563-65-88 төлөпүөнүнэн эрийэн, мобильнай баан көмөтүнэн, чэпчэтиилээх сыананан Саҥа дьылга диэри сурутуу – кыаллар суол.
Бу күннэргэ “Айыы Арчыта” диэн аатырар этиҥ охсубут маспытын норуокка киэҥник биллэр Эмчит Сөдүөт (дьон-сэргэ кинини ордук Дьөккөн Сөдүөтэ диэн аатынан билэр буолуохтаах) алҕаабытын иһитиннэрэбит.
Онон2021 сыл 2-с аҥаарыгар “КЫЫМы” суруппут дьоҥҥо бука барыларыгар почтанан Үрдүкү Айыылар илэ бэйэлэринэн арчылаабыт, ону эбии Эмчит Сөдүөт алҕаабыт этиҥ охсубут мастара тиийиэҕэ...
“КЫЫМ” хаһыаты соҕотохтуу да, “Үһү биирдэ” (“КЫЫМ”, “БАЙДАМ”, “КҮРҮЛГЭН”) да сурутуоххутун сөп.
“КЫЫМ” Эрэдээксийэтэ