Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, ол эбэтэр чэппиэргэ, Мииринэй оройуонун дьаһалтатыгар, “Саха сирин тыыннаах алмаастара” айылҕа пааркатын саҥа миэстэтин быһаарыыга аһаҕас кэпсэтии (“Публичные слушания”) буолуохтаах. Гаас уонна ниэп тэрилтэлэриттэн биирдэстэрэ - “Сүлдьүкээрниэп-гаас», Мииринэй куоратыттан букатын чугас сирдэргэ углеводород баай сырьетын булан турар. 

Бастатан туран, биир суол дьиксиннэрэр – аҕыйах ахсааннаах эбэҥкилэр түөлбэлээн олорор сэлиэнньэлэрин, баар-суох Сүлдьүкээр үрэхтэрин ааттарын, манна туох да сыһыана суох промышленнай тэрилтэ тоҕо аат-суол оҥоһунна? Тоҕо манна, ким да тугу да сураспата, саҥарбата, дьиксиммэтэ? Оттон, ниэп-гаас тэрилтэтэ, куораттан уонча биэрэстэлээх сиргэ кэлиитин, Мииринэй уопсастыбаннаһа төрүт ылыммата.

Эксплоразведка ньыматынан скважина хаһыахтаах сирдэрэ, норуот сынньанар “Саха сирин тыыннаах алмаастара” пааркатын “бэлэһигэр” баар буолуохтааҕын, дьон, сүрдээх “ыарыылаахтык” ылынна. Ол өйдөнөр. Бу - Мииринэй куоратын тула сытар суос-соҕотох, күөх суугун тайҕа “тооромоһо”.

Арҕаа – «Роснефть”, хоту – “РНГ”, соҕуруу “Газпром” уонна «Сургутнефтегаз», илин – «ИНК» хаһаайынныыллар. Сэргэх сир чугас суох. Арыый да табыгастаах, чуумпу миэстэни булбут айылҕа пааркатын көһөрөр буоллулар. Мииринэйдэр, хаарыан, чэччийэр сирбититтэн матан эрэбит. Манна, Оччугуй Ботуобуйа салаалара - Чуоналыыр уонна Күөллээх yрэхтэрин ыксалара.

2009 сыллаахха, 32.105 гектар иэннээх тыаҕа Саха сирин Айылҕатын харыстабылын министиэристибэтэ уонна «АЛРОСА» хампаанньа аһаҕас халлаан анныгар зоопаарка тэрийэн тураллар.  Бу диэки салгынныын да ыраас. Эмиэ да кылыгырыы сyyрдэр таас yрэхтэрдэх, киэҥ нэлэмэн күөллээх. Эмиэ да тайах аһыы киирэр айааннардаах айылҕа пааркатын туппуттара уон сыл буолла. Күрүөлэрэ-хаһаалара - бигэ.

Айылҕа зоопааркатыгар, овцебыктары, кулааhайдары, Уһук Илин табатын («Пятнистый олень»), тайаҕы, дьиэ табатын, сылгыны, биир ягы, дьиэ табатын, үс эhэлэри, улардары, холууптары, павлиннары – барыта сэттэ уонча кэриҥэ кыыллары уонна көтөрдөрү туталлар этэ. Билигин, дьэ, олору ханна көһөрөллөр?

«Саха сирин тыыннаах алмаастара» паарка эрэ манна турбатаҕа. Мииринэй олохтоохторо сөтүөлүүр, сыламныыр Чуоналыыр күөллэрин, «Олоҥхо дойдута» ландшафтнай-этнографическэй тиһиги, «Алмазная долина» хайыhар базатын эмиэ умнар табыллыбат. Бары, сэргэстэһэ сыталлар.

Аан айылҕа сирэ, ниэп-гаас сайдарын туһугар, туспан буолар дьылҕаламмыта хомолтолоох. Былаас, «Саха сирин тыыннаах алмаастара» паарканы, нефть-гаас тэрилтэлэрин үтүрүйүүлэриттэн, атын сиргэ көhөрөн илдьэригэр нэһилиэнньэ сөбүлэҥин ылыахтаах этэ. Хомойуох иһин, олохтоох, чыыннаах-хааннаах чунуобунньуктарбыт, ниэп-гаас тэрилтэтигэр сорунуулаах утарсыыны оҥорботулар. Айылҕа пааркатын көһөрөргө эрэ түбүгүрдүлэр.

Мииринэй уопсастыбаннаһа былаас маннык дьайыыларын кытары сөпсөспөт. Ону аахса барбатылар. Дьэ сүрдээх дьыала!

Станислав Алексеев. Мииринэй куората.

Поделиться: