Камбоджа территориятынан айаннаан иһэн гид кыыс туристарга бу дойду олоҕун-дьаһаҕын, үгэһин, майгытын билиһиннэрэр:
Сүүһүнэн сыл устата күөлгэ олорор дьон баар. Кинилэр балыгынан (кэлин туризмынан) эргинэн аһаан-таҥнан олороллор. Дьиэлэрэ – болуот. Үйэлэрин саастарын тухары намыһах өһүөлээх болуот-дьиэҕэ олорор буолан атахтарын накыта сылдьаллар, онон атахтарын былчыҥа сайдыбатах, тыаҕа таҕыстахтарына өр кыайан хаампаттар. Кинилэри хаста да тыаҕа таһааран, дьиэ тута-тута олордо сатаабыттар да, төттөрү күөллэригэр киирэ тураллар эбит. Биһиги харахпытынан, кинилэр олохторо-дьаһахтара, усулуобуйалара – ынырык. Оттон кинилэр бу олоххо элбэҕи эрэйбэттэр. Сарсыарда балыктыыллар – онтуларын илдьэн ырыынакка атыылыыллар – ол харчытынан күннээҕи астарын ылаллар. Бүттэ. Онтон атыҥҥа дураһыйбаттар. Биһиги олохпут куһаҕан дии-дии сулан да, сулан… Миитиннээччилэри, пикеттээччилэри бу дьон олоҕун аҕалан көрдөрүөххэ баара, олох хайдаҕын көрдөрө таарыйа – диэн күлэр. – Камбоджиецтар элбэх оҕолоно сатыыллар. Уопсайынан, аан дойдуга, биһиги кээмэйбитинэн — “сайдыыта суох судаарыстыбаларга” оҕо төрөөһүнэ элбэх.
Тоҕо дии саныыгын? – биир турист ыйытар.
Мин саныахпар, киһи төһөнөн судаарыстыбаҕа эрэммэт да, соччонон элбэх оҕолоно сатыыр. Элбэх оҕо – элбэх үлэһит, халыҥ аймах – халыҥ хахха. Бэйэтин бэйэтэ көмүскэнэр.
***
Ити кэнниттэн саха туристарын икки ардыгар оҕо-уруу, аймах туһунан кэпсэтии дэлэйдэ.
Мин массажистыыбын. Ырыарар массаж оҥоробун. Үксэ нуучча дьахталлара сылдьаллар. Сахалар хам-түм олох наада эрэ буоллаҕына кэлэллэр. Нууччалар эттэрэ-сииннэрэ майгыларын курдук судургу. Пластилин курдук. Хайдах баҕарар илбийэн, фигураларын чочуйуохха сөп. Сахалар эттэрэ-сииннэрэ майгыбыт курдук эмиэ ыарахан, нүһэр. Массажка бэринэн испэт уонна түргэн баҕайытык төттөрү киэбигэр түһэн хаалар.
Илбийии кэмигэр клиенткаларым ону-аны кэпсииллэр буоллаҕа. Нуучча дьахталлара ханна тугу атыыласпыттарын, сынньамыттарын, саҥа бүлүүдэлэри, муоданы, кыыстарын/уолларын ханнык куруһуокка сырытыннаралларын, эрчийэллэрин кэпсииллэр. Оттон сахалар наар бэйэлэрин дьиэ кэргэннэрин, аймахтарын кыһалҕатын, былаас, бириэмэ, олох-дьаһах ыараханын эргитэн тахсаллар.
Нуучча дьахталларын кэргэттэрэ таһаллар-аҕалаллар, аны сытан эрэ: дорогой, бүгүн ону ылаар, маны ылаар, креветка, авокадо сиэхпин баҕардым диэбит курдук эрдэригэр сакаастыыллар. Анарааҥҥылара тук курдуктар быһыылаах, ким да бириэмэм, харчым суох диэн аккаастанара иһиллибэт.
Биир саха клиенткам кэргэниттэн уоран массажка кэлэр. “Көссүүгэр киэбирэн оҥостоҕун-туттаҕын дуо?!” – диэн күнүүлүүр үһү. Ол дьахтар бэйэтэ тэрилтэ хотуна, кэргэнэ киниэхэ суоппардыыр, онон эригэр биллэримээри такси сакаастаан кэлэр.
Нуучча клиенткаларым миигин эмиэ кэпсэтиннэрэллэр, мин кэпсээним эмиэ, саха буоларым быһыытынан, оҕо-уруу, аймах кыһалҕата буоллаҕа, ону быһаарыы. Төбөлөрүн быһа илгистэллэр: “Эмиэ колхоз айдаана дуо, тоҕо наар итиччэ элбэх дьону бүөбэйдээн тахсаҕын?! Тоҕо бэйэҕин көрүммэккин?!” — диэн.
Ити гид кыыс судаарыстыбаҕа эрэммэт буолан дьон элбэх оҕолонор диирэ, мин саныахпар, биһиэхэ сөбө суох. Сэбиэскэй саҕана судаарыстыбабытыгар итэҕэйэр буолан элбэх оҕолоннохпут дии. Билигин да систиэмэбитигэр итэҕэйэрбит, олохпут туруктаах буолара эбитэ буоллар, оҕо төрөөһүнэ, биһиги курдук тыа олохтоох омукка элбиэх этэ.
Билигин “ийэ хапытаала” үөдүйэн оҕо төрөөһүнэ элбээтэ дииллэр буолбат дуо? Дьиҥинэн, ити 80-с сыларга төрөөбүт ыччат оҕолонор сааһа кэлэн оҕолонноҕо дии. Уонна сааһырбыт дьон иккис, үһүс оҕолорун төрөттүлэр – атахтарыгар туран баран. Билигин 90-с сылларга төрөбүт дьон төрүүр-ууһуур кэмнэрэ. 90-с сылларга төрүөх аҕыйах этэ. Онон оҕо төрүүрэ мантан антах аччыаҕа.
“Ийэ хапытаалын”, атын да чэпчэтиилэр туһугар төрөөһүн баар. Харчы инниттэн. Босуобуйа, чэпчэтии эрэ инниттэн оҕолонор дьон таһымнарын санааҥ көрүҥ, хайдах буоларын.
Аны 500 граммнаах төрөөбүт, итэҕэс оҕону бүөбэйдээн тыыннаах ордорууга болҕомто уурдулар. Бу итэҕэс төрөөбүт оҕолор иринньэх, оккураҥ буолаллар. Аһара эминэн тилиннэрбиттэрэ мэйиилэригэр да, атын уорганнарыгар да улаханнык охсор. Тыһыынчаттан биирэ доруобай киһи тахсыа. Быраас киһи санаабын этэбин. Бу оҕолор кэлин доруобай төрүөҕү биэриэхтэрэ дуо? Генофонду эһии буолбатах дуо? Нация доруобуйатыгар улахан охсуулаах буолуоҕа. Баҕар, көннөрү оробуочай илиини элбэтии политиката буолуо.
Элбэх оҕолонуу – судургутук эттэххэ, контрацептив туһамматтан буоллаҕа. Тыаҕа контрацептив да суох, ол туһунан сырдатыы да үлэтэ ыытыллыбат.
Сэбиэскэй саҕана – элбэх оҕолонуу судаарыстыба политиката этэ буоллаҕа. Мин өйдүүбүн ээ, “дьахтар төрөөтөҕүн аайы организма саҥардыллар, доруобай буолар” диэн. Сылын аайы төрүүргэ туох “саҥардыыта” кэлиэй. Мин бэйэм да, кэргэним да өттүттэн элбэх оҕолоох ыал оҕолоробут. Ийэлэрбит, аҕаларбытынааҕар быдан эрдэ ыарыһах буолан бу дойдуттан күрэммиттэрэ. Тэҥнээн көрүҥ ээ – элбэх оҕолоох дьахтар уонна аҕыйах оҕолоох, эбэтэр төрөөбөтөх дьахтары – хайата эдэр, доруобай көрүҥнээҕий?
Тыа дьахтарын доруобуйатын – таһырдьа туалет уонна хотон сиэтэ. Былыр сахалар балаҕаннарын хотону кытары самыы туталлара – оҕо, дьахтар таһырдьа буолбакка, сылааска хотоҥҥо тахсан киирэрэ. Тымныыга туалеттыыр диэн иэдээн буоллаҕа, барыны барытын тоҥороҕун. Аны хотоҥҥо үксүн дьахталлар сылдьаллара, бу кэлин эр дьон (үлэтэ суох буолуу элбээбитигэр) сылдьар буоллулар. Дьиэ икки ардыгар хотоҥҥо тахсаары чараастык таҥнан тахсаллар, кыһыннары эрэһиинэ саппыкынан. Тоҥумуна уонна.
Нууччалар биир, иһэ үлүннэҕинэ икки оҕолоноллор. Ону даҕаны иккистэрин бастакылара улааппытын кэннэ – “для себя”. Оҕо көрүү олус сылаалаах. Утуйар ууҥ уу буолбат. Хас да сылы быһа ситэ уугун хамматаххына –доруобуйаҥ бүтэр. Элбэх оҕолоох саха дьахтара хас сыл ыарахан сылдьарын уонна утуйбатах уутун ааҕан таһаарыҥ ээ… аны ити, эн эттиҥ – кэргэним да, бэйэм да элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүппут диэн. Ити балыстары, бырааттары барыларын көрүөххэ-истиэххэ наада. Аймаххар кыһамматаххына үйэ саас тухары кырыыска бараҕын.
Аймахтары көрөргө-истэргэ бириэмэ, харчы бөҕө баранар. Оттон нууччаҥ ол бириэмэтин, харчытын бэйэтигэр эрэ барыыр: кэргэнигэр, оҕотугар уонна бэйэтигэр. Кини – киһилии сынньанар, киһилии олорор, киһилии үлэҕэ киирэр, биир оҕотун сайыннарар, дьарыктыыр. Ньиэрбэтэ бараммат, стреһа быдан аҕыйах, санаата налыччы, майгыта чэпчэки.
Икки атахтаах сүрэҕэ суох. Туох баар техническэй сайдыы – сүрэҕэлдьииртэн тахсар. Туох баар механическэй процесс барыта судургутуллан иһэр. Сол курдук оҕо көрүү эмиэ – үлэ буоллаҕа. Билиҥҥи саха ыччата оҕолоно охсуон баҕарбат – үлэлиэн, түбүгүрүөн баҕарбат, ыараҕатар. Бэл, ыал буоларга тиэтэйбэттэр дии – гражданский брак. 30—чалаах уолаттар, кыргыттар “для себя” олороллоро элбээн иһэр.
***
Дьэ, итинник кэпсэтии буолан таҕыста. Эһиги санааҕыт?
Прасковья НИКАНОРОВА, “Аартыкка” анаан.
Источник: Aartyk.ru