Күнтэн күүс ылабыт, Күнү батыһабыт, Күн ыйыытынан олоробут. 

Ол иһин былыр-былыргыттан Күн хаамыытынан кэми-кэрдиини ааҕабыт, Үрдүк Айыыларбытыгар сүгүрүйэн, Күнү батыһа оһуокайдыыбыт.

Санатар буоллахха, 2012 сыллааҕы Туймаада ыһыаҕар биһиги оһуокайбыт Гиннес рекордун олохтообута – 15 тыһ. тахса киһи биир тэҥҥэ киирэн үҥкүүлээбитэ. Лоп курдук ити кэмҥэ Ньурбаҕа Арассыыйа рекорда олохтоммута – уһун тыыннаах оһуокайга дьон күргүөмүнэн биир чаастан ордук эргийбитэ (ону бэлиэтии кэлбит киһи тохтоппотоҕо буоллар, өссө уһуохтаах этэ). Маныаха Дьокуускай уонна Ньурба дьаһалталарын, “Оһуокай” түмсүү уонна “Ситим” медиа-бөлөх кыттыгас үлэлэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Бу баар – түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит үтүө үгэспит аныгы кэм тэтимигэр олорсон, салгыы сайдан барарын тосхоло.

Кэлиҥҥи икки-хас сыл иһигэр оһуокайбыт араас моһуоннана. Оҕо оһуокайа, ийэлэр оһуокайдара, эр дьон оһуокайа, о.д.а. күөдьүйэн таҕыстылар. Сорох маны сүөргүлүүр, сорох сөбүлүүр. Бэл, санаа араастаһыытыттан утарсыы да көбөн тахсыах курдук. Онон, барытын биир сүрүннүүр туһуттан, туох эмэ дьоһуннаах дьаһал оҥоһуллара уолдьаспыт бадахтаах.

Муус устар 20 күнүгэр култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ В.И. Тихонов оһуокайы өрө тутар, оһуокай сайдарын туһугар күннэтэ түбүгүрэр дьону кытары көрүстэ. Бу дьон, төһө да ардыгар атын-атын хайысханы тутусталлар, мөккүөрдээх да буоллаллар, дьоһунаах суолу тобулан бииргэ үлэлииргэ бэлэмнэрэ үөрдэр.

Ол курдук, оһуокай бары түмсүүлэрэ мантан саас-сайын хас да улахан түһүлгэни бииргэ, кыттыһан тэрийэргэ бэлэмнэр. Бастакы улахан түһүлгэ муус устар 27 күнүгэр – Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр – Доҕордоһуу болуоссатыгар тэриллиэ. Салгыы Маай бырааһынньыгар уонна Улуу Кыайыы күнүгэр буолуо. Уонна Туймаада ыһыаҕар Туомтуу баайыллыа.

Култуура министиэристибэтин Ресурснай-бырайыактаар киинин үлэһиттэрэ бу көрсүһүүгэ кыттыбыт дьон санаатын иһиттилэр.

Василий Васильевич Илларионов, тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр:

– Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ элбэх киһи кыттыбыта олус үчүгэй. Оһуокайбытын сайыннарыы, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии дьоһуннаах кыһалҕаларын туһунан кэпсэттибит. Урукку өттүгэр бу үлэни “Оһуокай” түмсүү ыытан кэлбитэ. Ол түмүгэр, улуус, нэһилиэк аайы кэриэтэ оһуокай тмүсүүлэрэ бааллар.

Хомойуох иһин, орто сүһүөх дьон бу хайысхаҕа аҕыйах: 70-80-с сылларга оһуокай атарахсытыллар кэмигэр үөскээтэхтэрэ. Оһуокайы дьиҥ билэр дьон сааһырда.

Ол да буоллар, син ыччаты-оҕону оһуокайга сыһыарар үлэ барар. Онно Үөһээ Бүлүү улууһа холобур буолуон сөп.

Билигин “Дархан этээччи”, о.д.а. курдук дьоһунаах ааты мээнэ биэрэр буоллулар. Маны сааһылыахха наада. Үгэс быһыытынан олоҕурбут ньыманы өрө тутуохтаахпыт. Ол аата: үс түһүмэхтээх оһуокайы канон оҥоруохтаахпыт. Барытын “шоу”-га сыбыыр сатаммат.

Оһуокай ассоциациятын тэрийэр туһунан этиини биһирии иһиттим. Барытын биир сүрүннээн, омук быһыытынан уратыбытын өрө тутарбытыгар көмө буолуо.

Стручкова Наталья Анатольевна, история билимин хандьытаата, ХИФУ историческэй факультетын декана:

Хас биирдии норуот бэйэтэ ураты үҥкүүлээх, биһиэхэ ол үҥкҥүбүт оһуохайбыт буолар. Оһуохай биһиги сахабыт сирин бренда буолар. Атын омук биһигини билэригэ биһиги оһуохайынан туруулаһыахпытын сөп. Ол сыалтан биһиги бары биир сомоҕо буолан бары бииргэ үлэлээтэхтээхпит. Кэлин Саха Сирин экономиката саҋдыытыгар биир хайысха буолуон сөп.

биһиги билигин оскуола оҕолоруттан үҥкүү тылын этээччилэри иитэн таһаарыахтаахпыт. холобура, сайыҥҥы лааҕыр оҥорон. Оҕо оскуолаттан оһуохайы практически үөрэтэн, оскуола кэннэ теориятын үөрэтэн, бэйэтин норуотун историятын билэригэр үлэлиэхтээхпит. онтон чуолаан Ассоциация тэриллэрэ сөп дии саныыбын. Элбэх араас хайысхалаах общественнай организациялар бааллар. ол куһаҕан буолбатах.

Мэхээс СЭМЭНЭП-СЕРКАН

Поделиться: