Тохсунньу 23 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутаата Елена Голомарева хотугу эргимтэ оройуоннарын үөрэх салааларын начаалынньыктарын кытта көрсүбүтэ. 

Елена Христофоровна дьиҥ-чахчы норуоттан тахсыбыт, хоту улуус кыһалҕатынан этинэн-хаанынан билэр дьокутаат. Ол да иһин буолуо, үөрэх үлэтин сүрүннээччилэр ордук аһыллан араас кыһалҕаны кэпсэтистилэр, туруорустулар.

Холобур, олорон дьиэнэн хааччыйар бырагырааманан 5 сыл тыаҕа үлэлээбит учууталларга 1 мөл. солк. бэриллэрэ ыар содуллаах буолбутун эттилэр. 5 сыл үлэлээн, мөлүйүөннэрин ылан баран Дьокуускайга кыбартыыра атыылаһаллар уонна ... эргиллибэттэр. Учуутал миэстэтэ эмиэ оҥойон хаалар. Ыраах, сыана барыта үрдүк, дьиэ-уот мөлтөх сиригэр ким үйэтин-сааһын тухары олохсуйа хаалыаҕай? Балык уу дириҥин, киһи күн үтүөтүн көрдөһөр. Онуоха эбии оройуон кииннэрэ, Орто Халыма, Верхоянскай курдук куораттар ити бырагыраамаҕа хапсыбаттар эбит. Хайдах эрэ тэҥэ суох балаһыанньа үөскээбит.

Биир тутаах кыһалҕа – сир. Биһиги сирбитигэр, сирбит баайыгар ымсыырааччы күн-түүн элбээн иһэр. Ол иһин, өр сыллаах киирсии, үлэ түмүгэр 4 оннугар, 59 олохтоох омуктар төрүт дьарыктарын сирдэрэ баар буолла. Онон онуоха-маныаха диэри олохтоох омуктар көмүскэллээх курдук сананыахтарын сөп. Е. Голомарева тоһоҕолоон эппитинэн, оройуон баһылыга уонна дьокутааттар сир боппуруоһугар боломуочуйалара муҥутуур улаатан турар. Онон кэнэҕэски дьылҕабыт кинилэр төһө билиилээхтэриттэн, дьоннорун туһугар төһө кыһаллалларыттан быһаччы тутулуктаах буолла. Билигин да киһи дьиксиниэх хардыылар бииртэн биир тахса тураллар. Холобур, сир, сир учаастага, олохтоох сир, о.д.а. тиэрминнэр оннуларыгар “место” диэн бэрт халбархай ис хоһоонноох тиэрмини киллэрэргэ үлэ баран эрэр.

Хаһан да буоларын курдук, тыл кыһалҕата олус улахан. Добуочча чаас, кинигэ баар курдук эрээри, аны аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын үөрэтэр киһини тымтыктанан да туран булбат буоллубут. Урукку каадырдар сааһырдылар, тыаһа-ууһа суох оскуолаттан барыталаатылар. Ким эбэҥки, эбээн, чукча, дьүкээгир тылынан оҕо саадыгар да, оскуолаҕа да уруок үөрэтэр, дьарык ыытар? Билиҥҥитэ ити боппуруос – аһаҕас. Ол иһин мустубут дьон манныгы туруорсаллар – Арассыыйа учуобунньуктарын бигэргэммит испииһэгэр киллэрэргэ; төрүт омуктар тылларын учууталларын, иитээччилэрин бөлөһүнэн бэлэмниир тус сыаллаах бырагыраама наада.

4-5 сыллааһыта табаһыт хамнаһа 6-7 тыһ. солк. этэ. Билигин 25-26 тыһ. солк. диэри улаатта. Санаан көрдөххө, кыра. Ол эрээри – бу улахан ситиһии. Ити курдук кыра-кыралаан хоту оройуоннар кыһалҕаларын тупсарарга кэскиллээх үлэ бара турар.

Егор Николаев,

“Хатан” оҕо аймах сурунаалын сүрүн эрэдээктэрэ

Поделиться: