"Сколковоттан" Мииринэйгэ дьэ туох тосхойор?!
Судаарыстыба, Мииринэй, Удачнай, Айхал "моно-куораттар" быhыытынан сайдыыларын барылын торумнаан, үбүнэн-харчынан бигэргэтиини күүтэбит. "Сколково" экэниэмикэни сүрүннүүр федеральнай биэдэмистибэ бигэ мэктиэлээhинэ суох, холобур, Мииринэй куорат сайдар кэскилэ тутахсыйар.
Күн бүгүн, куораппыт, оройуон, туох баар сүрүн туhаайыыларга – араас социальнай хайысхаларга, тутууга, ДЬХХга, авиация салаатыгар "АЛРОСАттан" хааччыллан олорор. Киниэхэ холоотоххо, 11 лисиэнсийэлээх, 17 бэдэрээччиттээх ниэп-гаас тэрилтэлэрэ Мииринэй оройуонугар туhалыы иликтэр. Оройуон хааhынатыгар киллэрэр үптэрэ, кинилэр "холлоругар" дуона суох.
Манан сэдиптээн, ниэп-гаас хампаанньалара, НДФЛ, НДПИ нолуоктарын улууска хаалларалларын туhугар хатыhыылаах киирсиhии бара турар.
Суол-иис, уот-күүс
"Таас-Yрэх" - Усть-Кут" сылы быhа сылдьыhар айан суолун тутуллар былаана тохтон турар.
Усть-Күттүүр суол кыhын эрэ баар
Дьэ ити курдук, Верхнемарковолыыр (Иркутскай уобалас) 830 биэрэстэ усталаах, кута-маар олбохтоох сиринэн айан суолун, үп-харчы тиийбэтиттэн сылтаан туппат буоллулар. Бу тыын суолталаах айан суола суох, Мииринэй оройуона сайдар кэскилэ эмиэ мэлийэр.
2018 сылтан Арассыыйа үрдүнэн, 5-с кылаастаах бэнсиин уонна диизэл уматыгын атыытыгар акциз киллэриллэн, бу кыhын эрэ тэлиллэр суолунан тиэллэр табаар, уматык, тутуу матырыйаала эмиэ сыаналара үрдээн эрэр.
Аны, атын тыын боппуруос – уот. Уоппут ситимнэрэ, сэттэ оройуону хааччыйар Бүлүү ГЭС, Мииринэй подстанцията, ПТВС эбийиэктэрэ (ДЬХХ) эргэрдилэр. Манна "Якутскэнерго" уонна "Русгидро" суhаллык кыттыhаллара ирдэнэр. Мииринэй, Удачнай, Айхал дьиэлэрин-уоттарын пуондата "эмэхсийдэ". Сүлдьүкээр, Арыылаах сэлиэнньэлэрин туруктарын туhунан этэ да барыллыбат.
Саха сирин үрдүк суолталаах куоратын иннигэр турар соруктар, ол иhигэр экэниэмикэ уонна социальнай хайысха тосхоллоро оройуон сайдыытын 2030 сылга диэри барылыгар ыйыллыбыттара.
Онон, сэргэх уларыйыылары күүтэбит.
ДьХХ "АЛРОСА" илиитигэр баара эрэбиллээх
ДЬХХ тэрилтэтэ – ПТВС, хампаанньа профильнайа суох актыыбынан биллэриллибитэ. Дьэ, ону ким ылыай?!
Мииринэй оройуонун "хоммунаалкатын" сайдыытыгар, эрэллээх уонна саахала суох буоларыгар, Саха сирин бырабыытылыстыбата, ДЬХХ министиэристибэтэ туох эмит сэргэх уларыйыыны тосхотуохтара дуо? Эрэллээхтик олорорго мэктиэ баар дуо?!
Мииринэй ДЬХХта уларытыыны ирдиир
Мииринэй куоратыгар, Алмазнайга, Чернышевскайга уо.д.а нэhилиэнньэлээх пууннарга ДЬХХ, туох баар тэриэбэтэ 70 бырыhыан эргэрэн, ыксаан олороллор. Улахан сэрэхэдийииттэн сылтаан, ПТВС тэрилтэтин, "АЛРОСА" бэйэтигэр хаттаан ылла. Хампаанньа yлэhитэ ылар хамнаhа, бириэмийэтэ суох, үлэhит дьону ПТВСка туппаккын.
Холобур, киин – Хотугулуу-Илин хочуолунайтан, 30-40 тыhыынча солк. эрэ хамнас биэрэр буоллахтарына, "профилар" түргэнник барыахтара. Оччотугар, саахал буолар куттала элбээх тахсар. Итинэн сибээстээн, ПТВС – "АЛРОСА" кыттыгас (дочернее предприятие) тэрилтэтинэн буолла. Бу – сиэрдээх, оруннаах хардыы.
Профильнайа суох актыып буолан
Алмаас хостооhунугар быhаччы сыhыана суох тэрилтэлэр кэскиллэрэ тунаархай. 2020 сылтан ылата, туох баар суол-иис тэрилтэлэрэ, бэйэлэрин бэйэлэрэ бас билиэхтээхтэр. Профильнайа суох буолан, 2010 сылтан ылата, МАТП диэн тэрилтэ, "Алмаздортранс" быыкайкаан учаастага эрэ буолан хаалбыта.
"Алмаздотранс" ЛАТПта, МУАД, холобур, эмиэ хампаанньа кыттыгас (дочернее предприятие) тэрилтэтэ буоларга бэлэмнэнэллэр. Ол аата, хас эмэ сүүhүнэн киhи сарсын хайдах буолаллара таабырын буолан хаалар. Оройуон нус-хас дьаhанан олоруутугар балаhыанньа, алмаастаах хампаанньа кыттыыта суох, кытаатар чинчилээх.
Хампаанньа профильнайа суох актыыптарыттан босхолонуутун кэнниттэн Мииринэй оройуонун инникитэ хайдах буолуой? "АЛРОСА" састаабыттан тахсар тэрилтэлэр, хамнас, усулуобуйа чааhынан сyyйтэрэллэр. Оттон Арассыыйа сокуонун чэрчитинэн, Саха сирин бырабыытылыстыбата балары бэйэтигэр ылыахтаах.
"Дьокуускай" киинэ-тыйаатыр киинин ким үбyлүүр?
Ол боппуруоспут хайдах эрэ сатаммат. Холобур, Мииринэй куорат "Якутск" араас хайысхалаах култуура киинин (УТКЦ "Якутск") "МИР" тыйаатыры, Саха сирин култууратын биэдэмистибэлэрэ үбүлүүрбүт ыарахан, диэн аккаас сурук ыыппыттар. Оччотугар, баар-суох киинэ-тыйаатырбыт хайдах буолар?!
Дьиэ тутуута
Мииринэй оройуонугар тутуу базата кириисис кэмнэригэр улаханнык энчирээтэ. УКС биллэ чарааhаата, МСМТ, КСМ кыччаатылар. Күн бүгүнүгэр диэри, куораттан ойуччу олорбут Заречнай микро-оройуона сайдар барыла ылыныллыбыта эрээри сайдыы ситэ-хото бара илик. Хас эмэ сыл тохтуу-тохтуу тутуллан, "АЛРОСА" хампаанньа үбүгэр-харчытыгар "Семицветик" дьыссаат үлэлээн эрэ. № 3-дээх баабырыкалыыр суолга чааhынай дьиэлэр микро-оройуоннарын тутууга эмиэ хампаанньа кыттыhарын күүтэр курдуктар.
Алмаастаах кыраай киинин 14-с кыбаартала
Мииринэйгэ эмиэ Ойуунускай уулуссата баар
Мииринэй авиацията суох сатаммат
Авиацията суох Мииринэй кэлиитэ-барыыта харгыстанара чуолкай. Удачнай ("Полярнай") аэропуорда "Аэропорты Севера" дьаhалыгар баран турар. Мииринэй уонна Накыын эрэ уруккулуу олороллор.
Авиация оруола үрдүгүн билинэн туран, бу уустук боппуруоска аналлаах "Уhук Илин уонна Забайкалье аэропуортарын сайыннарыы" федеральнай барыла сайдыахтаах этэ. Онно сиэттэрэн, 15 эрэгэйиэн таhымнаах аэропуорт сайдыы тэтиминэн уларытыллыахтаахтара.
Хомойуох иhин, ол барыл, "Суол-иис сайдыыта" диэн барыл иитинэн уларытыллан, Мииринэй аэропуордун тутуу былаана тохтоото. Оттон, Саха сирин бырабыытылыстыбата, Мииринэй авиационнай балаhатын тутууга үбүнэн-харчынан хааччыйарга тулааhын буолуо диэбиттэрэ. Манна туох да сэргэхсийии биллибэт, боппуруос быhаарыыта тохтоон турар.
Аны сыана. Сыана арыый ама буолуутугар, үгүс авиахампаанньалар Мииринэйгэ кэлиилэрэ сабыдыаллыахтаах этэ. Мииринэй авиапредприятиета инникитин хайдах сайдара – "таабырын". МАП, күн бүгүн курдук үлэлиирэ сатамматын, сокуон-быраап чэрчитинэн аныгы сэртиппикээт ылара, мантан сиэттэрэн тупсарыылаах балаhа (авиаполоса) тутуллара уолдьаста.
"АЛРОСА" сабыдыалынан оптоволокно Удачнайга тилэри тардылынна
Опто-волокно Интернет ситимэ Чернышевскайынан Айхалга уонна Удачнайга дьэ тириэрдилиннэ. Ол диэки, күүтүүлээх Мегафон "4G", LTE Интернеттэрэ киирэн эрэр. Бачча ыраах, оптика хаабыла тиийиитигэр, биллэн турар, "АЛРОСА" хампаанньа оруола улахан.
Оччотугар, информациянан үллэстии, отчуоттары тириэрдии, "телемедицина" сайдыахтара. Ол эрэн, бэттэх сытар, Арыылаах, Алмазнай, Таас-Yрэх, Сүлдьүкээр сэлиэнньэлэрэ оптикалаах Интернетынан хабылла иликтэр.
Оптика хаабылын биир утума Бүлүү улуустарыгар, 220 кВ лиинньийэнэн 2018 сылтан ыла хайдах барара "Саха телекоммуникации" тэрилтэттэн тутулуктаах.
Күн бүгүн, Мииринэйтэн оптоволокно Интернета Сунтаардыыр уот лиинньийэтигэр холбоно илик.
Самнархай дьиэни күрдьүү туhунан
Мииринэй куоратыгар самнархай дьиэлээхтэр олус элбэхтэр. Куорат эргэрдэ.
Ыаллыы Ленскэйгэ 300-чэ мас дьиэни күртэрэргэ сананар буоллахтарына, Мииринэйгэ 623 самнархай мас дьиэ уонна 60-с, 70-с сылларга тутуллубут "хрущевкалар" бааллар. Маннык эридьиэстээх боппуруоhу куруук таарыйаллар да тyмyк суох.
Мииринэйгэ бу бырагараамма ситэ-хото үлэлээбэт, оттон куорат 70 бырыhыана - эргэ дьиэ. 2002 сылга диэри Мииринэй оройуонун нэhилиэнньэтэ 87 тыhыынча этэ. Билигин 72 тыhыынча таhымыгар тиийэ тyстэ. Дьон, "материк" диэки айана тохтообот. 3-4 тыhыынча киhи кэлэр, алта-сэттэ тыhыынча киhи айанныыр.
Онон, боппуруостар элбэхтэр. Yксүү да турар чинчилээхтэр.
Тyмyктээн эттэххэ, Саха сирин бырабыытылыстыбата Мииринэй оройуонун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар ордук чугас барылын ылара уолдьаста.
Станислав Алексеев
Мииринэй куорат
Ааптар уонна "Дальнойбой" саайтан хаартыскалара
Главное фото взято из сайта