Мииринэй автомобильнай суолларын управлениетын уматыгынан хааччыйар тиэхиньикэтин(«Топливозаправщиктар») суоппардара, механизатордара, грейдердар уонна экскаватордар машинистара, карьердар уонна yлэhиттэрэ тыйыс кыhын суолларын тэлиигэ, авто-холуонналарынан тахсаллар.
Холобур Усть-Кут, кыстык айан суолугар, Таас-Yрэх сэлиэнньэтиттэн биир, Иркутскай уобалас Верхнемарково дэриэбинэтиттэн атын авто-холуонна. Хаар-муус yллyктээбит суол омоонун ньылбы кyрдьэн, «Бyлyy» федеральнай суолун Усть-Куттуур аартыгар холбоhоллор. Бу кэм, Саха сиригэр тыын суолталаах суоллары, уhун кыстыкка бэлэмниир тyбyгyнэн буолар. Аны, тыйыс усулуобуйалаах суолларга биир да бэнсиин уонна диизэл уматык саппыраапката суох. Онон, МУАД ыраах суолларга, уматыктаах массыыналары(Топливозаправщики) тутар. Бу дьоннор, онон, куоракка, сылаас дьиэлэригэр, чугас дьоннорун кытта бырааhынньыктаабаттар. Оттон диспиэччэрдэр, 2018 сылы бэлиэтиир Кириэмил курааннарын, yлэлиир миэстэлэригэр истиэхтэрэ. МУАД yлэтэ итинник. Мииринэй автомобильнай суолларын управлениетын, «АЛРОСА» тэрилтэлэрин саамай эдэр салайааччыта - 36 саастаах Александр Кондратьев салайар. Кини, 637 yлэhиттээх МУАД «муоhатын» 32 сааhыттан ыла туппута. Александр - Дьокуускай куоракка улааппыт ыччат. ХИФУ автодорожнай факультетын бyтэрээт МУАД тэхиниичэскэй отделыгар yлэлии кэлбитэ.
Накыын, Анаабыр..
МУАД, 480 км-тан Накыынныыр уонна Ньурбаттан «Накыын-Ээйик» кыстык суолун тэлгэтэр. Ол иннинэ, былаан чэрчитинэн, Таас-Yрэхтэн Верхнемарковолыыр кыhынны суол ууруллааччы. Ити курдук, МУАД араас туhаайыыларга аартыктары тэлитэлиир. Сайдыыны, тутууну тyргэтэтэр, алмаасчыттары уматыгынан, бородууктанан уонна табаарынан быстарыга суох хааччыйар тэрилтэ. Кyн бyгyн, МУАД, уопсайа, 5 тыhыынча усталаах суоллары хааччыйар. Саамай уhуннара - Мииринэйтэн Анаабырга диэри суол. Хотугу эргимтэ ыксатыгар сытар алмаастаах Накыын, кыhынны суола, эмиэ МУАДтан быhаччы тутулуктаах. Кыстык суола, хаар, бытархай таас булкадаhыктаах дэхсилэннэ да, ахсынньыттан муус устар ыйыгар диэри тиэхиньикэ субуллан олорор.
Усть-Куттуур суол эрэдээктэрэ.
Таас-Yрэхтэн Иркутскай уобалас Верхнемарково сэлиэнньэтигэр диэри 830 биэрэстэ ыраах кыhын, саас барбах туhаныллар эрэ суол(«зимник») баар.
Верхнемарковоттан Усть-Кутка диэри – 140 биэрэстэлээх кутуу суоллаахтар. МУАД тэрилтэтэ, Таас-Yрэхтэн Аллараа Тунгусканан, Иркутскай уобалас хотугу оройуоннарыгар диэри, кыhын-саас yлэлиир. Саас, Саха сирин Иркутскай уобалаhы кытары холбуур айан суола( А-331 «Бyлyy» федеральнай суол) массыына баппат yлyгэрэ буолааччы. Cубу арыллан эрэр Усть-Куттуур кыстык айан суола, аата-ахса суох тиэхиньикэни аhарар.
«Таас-Yрэх-Усть-Кут» туhаайыыга, биир кyн иhигэр, ортотунан, 650 массыына айанныыр(!).
Бу айан суолунан, Таалакаан уонна «Сила Сибири» сабардаабыт ниэптээх уонна гаастаах сирдэригэр ындыыны тиэйээччи массыына суоппардара туhаналлар. «Сургутнефтегаз», бу айан суолунан, ортотунан 80 тыhыынча туонна ындыыны тиэйэр. «Газпром» - онтон эмиэ кырата суох.
2015, 2016 сылларга, саас, суол сабыллыан иннинэ, гаастарга уонна ниэптэргэ барааччы тиэхиньикэлэр, айан суолун илдьи тэбистэрэн иэдэппиттэрэ.
Сатаатахха, айан суолугар сытар Непа yрэх, саас олус эрдэ, муустаах ууну киллэрэр буолла. Хас да сылы быhа кыстык суолларын, саас, кyyстээх сyyрyктэр yлтy суурайаннар, алдьатаннар, муадтар хаарыннаахай yлэлэрэ «хаахтыйбыта» элбэх. Халтараан кэмигэр, массыыналар сааххалара буолуталаабыттара. Суол кыбычыын, массыыналар кыайан ааhыспакка сааххал арааhа тахсыталыыр. Билигин, федеральнай суолталаах «Бyлyy» суола суох, биhиги диэки оройуон, ханнык да боппуруоhа кыайан быhаарыллыбат. Маннык аартык баар буолан, Саха сирэ Иркутскай уобалаhы кытары аныгы олох тэтиминэн уонна ирдэбилинэн алтыhа олордохторо. «Бyлyy» федеральнай суолун тутууга бэдэрээччит - «АЛРОСА» хампаанньа МУАД дьыала «муоhатын» тутара ыараан иhэр. Сылы быhа сылдьар айан суола тутуллара, суолу тутааччыны yбyлээhин тустаах кээмэйигэр диэри yрдyyрэ буоллар, yлэтин далааhына улаатыа эбит.
МУАД yлэлиир сирэ – ураты услуобуйалаах дойду. Усть-Кутка диэри айан – барыта эрэдээк, эрэй.
Хас сиhи тyhyy, дабайыы - куттал. Ол иhин, МУАД пикеттэргэ yлэлиир оробуочайдара, халтараан сирдэрин бытархай таастарынан кута сырыттахтарына сатанар. Хас да сылы супту, тута сатыыр суолларын кyyстээх сyyрyктэр yлтy суурайаннар, алдьатаннар, хаарыннаахай yлэлэрэ «хаахтыйбыта» элбэх. Республиканскай суолталаах «Ленскэй-Удачнай» суолун тутууга МУАД ылсыhан туран yлэлиир.
Холобур, Чернышевскай ыксатыгар геоэрэhиэккэлэри кутуу суолун кытаатыннарыыга туттубуттара.
Ленскэйдиир уонна Удачнайдыыр суолларга эмиэ yлэ элбэх. Аспааллаах сиргэ битум хааччыстыбатын лаппа тупсарарга аныгы ньымалары туhаналлар. Ол тyмyгэр, улахан уйуктаах массыыналар холкутук айанныыллар. Тутар-хааччыйар суолларын устата элбэх карьердаахтар. Олорого «Комацу» бульдозердар, экскаватордар, самысыбааллар, автогрейдер yлэлииллэр. Суол хайысхатын тухары yлэ хара баhаам. Тыhыынчанан кууп буор кутуллуохтаах, суол дэхсилэнэн боhойуллан, айанныырга арыый ама буолуохтаах. МУАД, ыраах айан суолларын эрэ хааччыйбат. Нэhилиэнньэлээх пууннар уулуссаларыгар, суолларыгар эмиэ солбуллубат тэрилтэ. Холобур, кэнники сылларга, Мииринэй аэропуордун балаhатыгар yлэлээтэ, куорат хас да уулуссаларын аспаалынан бyрyйдэ.
МУАД аныгы технологията
Суоппардары уонна пикеттэри кытары диспиэччэрискэй сибээhэ тупсан турар. «Глонасс» сyрyннyyр ньыматын туттубуттара сэттис сыла буолла.
Маны сэргэ, транковай уонна селектор сибээстээхтэр. МУАД туох баар учаастактара американскай трансивердардаахтар(радиоприемник-ыстаансыйалар). Хааччыйар суолларын кэтиир анал систиэмэлээхтэр. Усть-Куттуур суолга МТС, Теле хабар буоланнар, эмиэ сэргэхсийии киирэн турар. Онон, суолга туох-ханнык буолара киин диспиэтчэргэ биллэ турар. Ити курдук, 2012-17 сылларга, тиэхиньикэлэрин биллэ уларыттылар.
«Алроса» yбyлээн, отут туонна уйуктаах cэттэ «Вольво» самысыбаал(Швеция), yс «БЕЛАЗ» атыылаhан тураллар. Мууна суолун тутуутугар, суол болотунатыгар кутан дэхсилииргэ анаан буор-таас кyрдьэр yс «Д-275»(«Комацу») бульдозердаммыттара. Сири дэхсилиир катоктаммыттара.
Кэнники сылларга биэс аныгы боксалар туруорулуннулар.
Олохтоох дьону yлэлэтии
МУАДка олохтоох каадырдар сэдэхтэр. Ыраах Мууна суолугар Сунтаартан кэлэн, бэрт а5ыйах бульдозерист, суоппар уолаттар син yлэлэhэ сатаатылар. Мииринэй суолларын управлениета балачча дьону ылар сыаллаах, Сунтаар, Ньурба улуустарын кииннэригэр yлэ дьаарбанкаларын биирдэ ыытан турар. Манна бэрт дуона суох ахсааннаах киhи кэлбитэ. Биллэрин курдук, МУАД yлэтэ, ыраах тыа-yрэх сирдэргэ, айан суолларыгар буолан, ураты ыарахан. Дьиэ кэргэннэриттэн, хаhаайыстыбаларыттан тэйэн, ханнык эрэ yрyйэ-харыйа сиргэ, сэлээрэ сыта тунуйбут карьердарга yлэлиири, yгyс саха дьоно ыарыргыыллар. Онон, суоппардар, айан суолун тэлгэтэр тиэхиньикэни yлэлэтээччилэр, пикеттэргэ олорооччулар – кэлии дьон. Кинилэр, Саха сирин тыйыс, тыаллаах-куустаах усулуобуйатын, дьэ, тулуйаллар эбит. МУАД, хам хаа-дьаа, ыраах пикеттэргэ, дьоннору yлэлэтэргэ биллэрии таhаарааччы. Саха дьонуттан онно барааччы отойун суох. Бэл, «материктан» субу кэлбит дьон, ол диэки улгумнук тиийээччилэр.
Пикеткэ, биэс-алта ыйы, либиччи, тулуйан олороллор. Yрдyк хамнас туох баар усулуобуйа ыарахаттарын «сотон» кэбиhэр. Саха сирин устатын-туоратын тухары суоппар идэтин таптыыр, уйуктаах массыынаны эндэппэккэ билэр уолаттар элбэхтэр. Эдэр, сэниэлээх уолаттар МУАД yлэтигэр, кылгас да кэмнэргэ yлэлээн бэйэлэрин холонуо, ботуччу хамнас, бириэмийэ диэн тугун билиэ этилэр.
Станислав Алексеев. Мииринэй к. Ааптар уонна «Dalnoboy.org» саайт хаартыскалара