Дорогие якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днём Олонхо!

Олонхо – это живое полотно, в котором отражается уникальное мировоззрение наших предков о триедином мире, их фундаментальные ценности и мечты, философия торжества мирной и изобильной жизни.

Олонхо – это источник сильного, яркого, животворящего якутского языка. В устах сказителей эпоса наш язык переливается тончайшими нюансами смыслов и оттенков.

25 ноября 2005 года свершился факт высокой значимости для всех нас - ЮНЕСКО признал Олонхо шедевром устного и нематериального наследия человечества. В честь этого достижения в нашей республике был учреждён День Олонхо.

Сегодня мы особое внимание уделяем приобщению современного общества к народному эпосу. Создан и успешно работает Театр Олонхо. Мы каждый год проводим республиканский Ысыах Олонхо, собираем в едином тусулгэ исполнителей и исследователей народного эпоса. Особенно отрадно, что в Якутии есть совсем юные исполнители Олонхо и их число растёт с каждым годом.

В этот замечательный день хочу подчеркнуть особую прикладную ценность народного эпоса. Я уверен, что в Олонхо заключён культурный код нашего народа. Здесь можно почерпнуть уникальные знания об истоках народной силы, об идеалах и духовных ориентирах, которые в минувшие века помогли якутам заселить суровый край, преодолевать вызовы стихии, лелеять мирную жизнь и созидать.    

Дорогие друзья! Приобщайтесь к удивительному и героическому миру Олонхо! Желаю вам стремления к познанию нового и ценного, удачи и добра!

Глава Республики Саха (Якутия)                                                          Айсен Николаев

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Олоҥхо күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Олоҥхо – бу биһиги өбүгэлэрбит орто дойду олоҕун туһунан дириҥ анаарыыларын, кинилэр тыйыс айылҕанан чиҥэтиллибит сыаннастарын уонна ыра санааларын, эйэлээх, уйгулаах олох түстэниитин бөлөһүөктүү көрөр тыыннаах айымньы.

Олоҥхо – бу үрүйэ уутунуу ыраас, үйэлэри уҥуордаан кэлбит модун тыыннаах саха тылын төрдө-төрүтэ. Олоҥхоһут этэн-тыынан туойан бардаҕына, биһиги тылбыт ойуулуур-дьүһүннүүр күүһэ-күдэҕэ, эриэккэс эйгэтэ, эгэтэ-дэгэтэ, туойуллар толбоно араас өҥүнэн арылыйа оонньообутунан барар.

2005 сыл сэтинньи 25 күнэ биһиэхэ барыбытыгар дьоһун суолталаммыта – бу күн ЮНЕСКО Олоҥхону киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин үйэттэн үйэҕэ бэриллэр күндү баайа диэн аан дойду шедеврдэрин ахсааныгар киллэрбитэ. Бу улахан ситиһиибитин кэрэһилээн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо күнэ олохтоммута.

Бүгүн биһиги дьоммут-сэргэбит олоҥхо доллоһутар тойугун, байҕал уутун курдук бараммат баайын, аан айылҕа курдук сиэдэрэй тылын-өһүн кэрэхсииригэр ураты болҕомтобутун уурабыт. Олоҥхо тыйаатыра тэриллэн ситиһиилээхтик үлэлиир. Сылын ахсын өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын ыытабыт, онно олоҥхоһуттар уонна олоҥхону чинчийээччилэр биир түһүлгэҕэ түмсэллэр. Олоҥхону букатын кыра саастарыттан кэрэхсээн толорор кырачаан тойуксуттар баар буолбуттарыттан сүргэбит көтөҕүллэр, кинилэр кэккэлэрэ сылын ахсын кэҥээн иһэр.

Бу дьоро күн Олоҥхо биһиги олохпутугар ураты суолтатын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Олоҥхоҕо биһиги омукпут култуурунай куода – саха омук киһи буолар килбиэнэ, өлбөт-сүппэт силиһэ, тускулаах туруга кистэнэн сылдьар диэн бигэ итэҕэллээхпин. Биһиги олоҥхобут былыргы дьыллар былдьаһыктаах мындааларыгар, урукку дьыллар охсуһуулаах уорҕаларыгар тыйыс дойдуну сылаас тыыннаабыт саха омук эйэлээх суолу тэлэригэр, уйгулаах олоҕу уһанарыгар төһүү буолбут модун кыаҕын, өркөн өйүн, суолдьут сулуһун, духуобунай күүһүн туһунан дириҥ билиини биэрэр.

Күндү доҕоттор! Олоҥхо дьиктилээх, түһүүлээх-тахсыылаах геройдуу олоҕун кэрэхсээҥ, күрүлүүр күүһүгэр сүгүрүйүҥ! Эһиэхэ саҥаны баһылааһыҥҥа ситиһиини уонна бары үтүөнү баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                                        Айсен Николаев

Поделиться: