2018 сылга Удачнай хайаны байытар кэмбинээтигэр 750 үлэ миэстэтэ тахсаары турар. Уталыппакка ыйыталас.
Мууна баhыгар 2018 сыл 4-с кыбаарталыгар алмаас хостуур учаастак бастакы уочарата үлэлээн барара былааннанар. Барыта кыраапык сиэринэн барар, дьыала сатанар түгэнигэр, дэлэй үлэ тахсара күүтүллэр.
Бульдозеристар Мууна суолугар бэркэ үлэлээтилэр
2016 сылтан ыла үрэх баhын тыатын солоон, кыhын да сайын да сулбуччу сылдьарга айан суолун (технологическай суол) тэллилэр. Бу айан суола 170 биэрэстэ усталаах. Маннык суолу тутарга анаан алта карьер үлэлээтэ. Биэс кыра үрүйэлэри туоруурга, ууну дьалбарытар улахан кээмэйдээх иэннээх турбалары, симэ уурталаатылар. Алта автопуойас, тургутуу быhыытынан, айан суолун дэхсилээтилэр. "АЛРОСА" МУАД тэрилтэтэ уонна хаппытаалынай тутууга управлениета 2017 сылга Мууна баhыгар диэри суол күтүүтүн түмүктээтэ.
Билигин Мууна сиригэр баахта учаастагын тутуу – үгэнэ. Мууна учаастагар, алмаас байытар баабырыканы, сүүнэ ороскуотун, тулалыыр эйгэбитигэр хоромньутун учуоттаан туппаттар. Ол оннугар, "Скания", "Вольво" 80, 90, 100 туонна уйуктаах автопуойастарынан урууданы Удачнай № 12-дээх баабырыкатыгар тиэйэллэр. Удачнай ХБКтыгар, бу кэнники сыллар устата, ханнык полуприцептэр урууданы тиэйэргэ ордуктарын быhаарар утумнаах үлэ ыытылынна.
Муунаттан Удачнайга урууда тиэйэр Скания автопуойас
"Скания" автопуойас, хоту сир усулуобуйатыгар, рессората, субу-субу алдьанарын бэлиэтээтилэр. Мууна "Заполярнай" карьерыттан, хайдах кыалларынан элбэх тааhы тиэйэр, полубирисиэп тиэхиньикэ ирдэнэр эбит. Онон, УХБК, "Скания" тиэхиньикэтигэр эбии, "Тонар" диэн Арассыыйа собуотуттан таhаарыллыбыт автопуойастары ылан тураллар.
"Тонар" автопуойаhын сыныйан тургуппуттара. Бу автопуойас 18,9 лиитирдээх алта силииндирдээх, "Каммингс" диэн американскай диисэллээх. "Тонар" 130 туонна урууданы тиэйэр кыахтаах. "Тонар" автопуойас тягачтан уонна икки чаастаах бирисиэптэн турар. Кэтитэ – yс, уhуна – 28,5 миэтэрэ. Ол эрэн автопуойас олус модороон, уруула кытаанах, бэйэтэ кыбычыын суолга (кэтитэ - 12 миэтир эрэ) эрэдээктэнэр эбит.
Саха уолаттара энэргиэтикэни сэргииллэр
Аны, Удачнайтан Мууналыыр суолга сэттэ кутталлаах түhүүлээх-тахсыылаах сирдэри учуоттуур наада. Итинэн сэдиптээн буолуо, "Тонары", бүтэhиктээхтик тургутуу барыахтаах.
Оттон, 90 туонна уйуктаах "Вольво" автопуойас, салайарга чэпчэки, барыта дьип-дьап курдук олорор диэн хайгыыллар. Ыарахан автосамысыбааллар суоппардара баахта ньыматынан үлэлиэхтэрэ. Бу - үлэ боппуруоhугар балаhыанньа аматыйбытын холобура. Манна суоппар идэлээх саха ыччаттара үлэлииргэ холонор кыахтаахтар. Автопуойас суоппарыгар уhуйулларга Удачнайга баран икки ый стажировка барыаххын наада.
Уопсайынан, Мууна сиригэр үлэлииргэ ирдэнэр сорох эрэ идэлэри ааттыыбын. Бу – аналлаах идэтийиини барбыттарга туhалаах. "С" уонна "Е" категорияларга бырааптаах суоппардар; тракторист-машинист, АВР силиэсэрэ (бары эрэсэрээттэр), КИПиА силиэсэрэ (бары категориялар), силиэсэр-сантехник, монтажник, экскаватор машиниhа, бурстанок машиниhа, бульдозер машиниhа, хайа боруодатын дэлби тэптэрээччи. "Очистной үлэлэр оператордара", маркшейдер, геолог, токарь, автомэхээнньик, элиэктирик, уот ситимин монтажнига, уу-сылаас ситимин монтажнига, ас астааччы, куукуна оробуочайдара, эбийиэктэр харабыллара, баhаарынайдар. Ити курдук испииhэк бара турар. Барыта 750 үлэ миэстэтэ тахсыахтаах.
Ону саас, сайын, күhүн буоларын күүппэккэ, күн бүгүн ыйыталаhан, интэриэhиргээн бараргытыгар сүбэлиибин. Миэстэни, былдьаса-тарыhа, суhаллык ылыахха наада. Накыын уруудалаах сиригэр, олохтоох ыччат нэhирбитин, дьаалайбакка олорбутун түмүгэр, хаарыаннаахай үлэ миэстэлэрин атын эрэгэйиэннэр дьонноругар, эбиитин омук кыраасданнарыгар былдьаппыттара.
Электромонтажник идэтэ хамнастаах
Аныгы тиэхиньикэни саха уолаттара билэллэр
Ол түмүгэр 1,500 киhи үлэлиир Ньурба ХБКгар, олохтоох дьон, бэрт кыра бырыhыаны ылаллар. Мууна алмаастарын хостуур учаастак – шахта курдук ураты кутталлаах эбийиэк буолбатах. Тиэхиньикэ куттала суох буолуутун билэр, сэрэх киhи син сылдьар сирэ.
Итини бэлиэтээн туран, саха ыччата, үрдүк хамнастаах, кэскиллээх хайа промышленноhын сэргииригэр эрэнэбин.
Станислав Алексеев
Мииринэй куорат
Ааптар уонна Светлэй техникумун архыыптарыттан, "Скания" хампаанньа саайтыттан хаартыскалар