Оччугуй Ботуобуйа (Таас-Yрэх) нэhилиэгэр 500-чэ киhи олорор. Олохтоохтор – саха дьоно, "АЛРОСА-Гаас" уматыгы хостуур уонна бу үлэни хааччыйар учаастактарыгар үлэлииллэрин туhунан, урут, суруйан турабын. 

Орто-Ботуобуйа гаас уматыктаах сириттэн, гаас, полипропилен турбалаах утумунан, "АЛРОСА" эбийиэктэригэр, Мииринэй оройуонун нэhилиэнньэлээх пууннарыгар тириэрдиллэр. Гаас утума Айхалга тиийэ "суккуллар" (600-чэ биэрэстэ). Бу гаастан, Мииринэй ХБК "Интер" руднига, Иирэлээх, бириискэтэ "Новай" сопхуос, Айхал алмаас хостуур эбийиэктэрэ, Мииринэй куорат инфраструктурата туhана олороллор.                 

Орто-Ботуобуйаттан кэлэр гаастан, Мииринэй оройуонун Хотугулуу-Илин, ПТВС уонна Арыылаах, Алмазнай сэлиэнньэлэрин хочуолунайдара үлэлээн туох да балысхан үбү-харчыны кэмчилээтилэр. Таас-Yрэх сэлиэнньэтигэр, гаас хаhаайыстыбата тутуллан, үлэлээн барбыта, 2018 сылга уон сылын туолар. Таас-Yрэх баар буолан, биhиги мииринэйдэр, гаас уматыктан үлэлиир хочуолунайтан сылытынабыт. Сылаастык, нус-хас олорон махтанабыт эрэ.

Ааспыт сылларга, Арыылаахха гаас кэлэн, "АЛРОСА" "Новай" сопхуоhун куурусса иитэр фермалара холбоннулар. Мииринэй куоратыгар 19-с кыбаартал, тилэри гаастанна. 

oioio

АЛРОСА-Газ : дьиэлэргэ гаас киллэрээччи Степанов

Таас-Yрэх гаастаныыта булгуччулаах дьыала! 

Таас-Yрэх 2004 сылтан ылата гаастана сатыыр. Гаас баайдаах, уматыгынан алмаастаах кыраайы кэлимсэ хааччыйар сир, баhыйар үгүс дьиэлэрэ, сол да оhохтон сылытынан олороллор. Саха сирин бырабыытылыстыбатыттан инвестициялыыр барыл, үбүлээhин суох буолан, туга да суох олороллор.             

Дэриэбинэ үрдyнэн 167 дьиэ баарыттан 70 бырыhыана сол да гааhа суохтар. Хас да сыл аннараа, Таас-Yрэххэ промышленность миниистирин солбуйааччыта С. Миронов кэлэн олохтоохтор балаhыанньаларын кытары ыкса билсэн барбыта. Онтон ыла да туох да уларыйыы буола илик. Арай, бу сылларга, оройуоммут дьаhалтата бу боппуруоhунан күүскэ дьарыктаммыта буоллар бачча кыра дэриэбинэ түргэнник да гаастаныа эбит. Билигин, дьиэлэргэ гаас уматык ситимин киллэрии сыаната ортотунан – 200 тыhыынча солк. 

Гааhы киллэрии тэтимнээхтик барыан, Сахабыт сирин саламтата, таас-үрэхтэргэ оруннаах өйөбүлү онорбото. Таас-Yрэхтэр балыйтардылар - гаас киллэриитигэр бэриллиэхтээх үп, Дьокуускай аттыгар сытар нэhилиэнньэлээх пууннарга толорутук бэриллэн турар.  

Бу кэм иhигэр, киин улуустарга, сyyрбэччэлии дэриэбинэ бала гаастанна буолбаат?! Модьуйсарга тиийэбит. Саха сирин бырабыытылыстыбата, Таас-Yрэххэ гаас уматыгы тардыы үлэлэрин дьиэлэр бары гаастаналларын курдук үбүлүүрэ уолдьаста.      

popo

Газовики из Таас Юряха

Дьэ ол да буоллар!

Таас-Yрэххэ эдэр ыччат олохсуйар. Эдэр ыччат, ниэп-гаас тэрилтэлэригэр, үлэлии сатыыр. Онтон атын үлэ да суох. Таас-Yрэх гааhа суох оройуоммут сатаммат. Бу кып-кыра сэлиэнньэ, атыттар курдук бүддьүөт "бэлэми мэтийээччитэ" буолбатах.

Ниэп-гаас хостонор сирдэрин түүлэhииттэн Саха сирин хааhынатыгар мөлүйүөнүнэн үбү киллэрэр! Датаассыйа ылбат, биэрэр эрэ!

Ону билинэр уолдьаспата дуо?!  

Станислав Алексеев

Мииринэй куората

                         

Поделиться: