"Кыым" хаhыат алмаастаах Мииринэй олохтоохторун Саха сирин тыатын сирин үрдyк хааччыстыбалаах бородууксуйатынан хааччыйыыга тус бэйэтин бачыымын салгыыр былааннаах. Бу дьаарбанка инникитин Мииринэйи эрэ буолбакка Айхалы уонна Удачнайы эмиэ хабара былааннанар.
Биhиэхэ тыа хаhаайыстыбатынан дьарыктанар улуустартан бородууксуйа соччото суохтук кэлэр. "Ситим" Медиа, Саха сирин тыатын хаhаайыстыбатын министиэристибэтэ, Мииринэй оройуонун дьаhалтата быйыл "Алмаастаах күhүн-2017" диэн олохтоох бородууксуйа атыытын дьаарбанкатынан "сибиэhэй сүүрээн" киллэрэн тураллар.
Дьэ аны сотору кэминэн "Алмаастаах тyбэ-2017" дьаарбанка ыытыллара былааннанар. "Мясной двор", "Ягоды Якутии", СХПК "Кyндээдэ", "Сунтаар-Ас", "Табаҕа" КТ, "Хочо" КТ, хотугу улуустартан күндү балыктаах эргиэн-урбаан "кимэн" кэлэрин күүтэбит.
2009 сылга диэри маннык хабааннаах ахсынньы ый эргиэнин сүрүн тэрээhинигэр, Бyлyy, Эдьигээн, Аллараа Халыма улуустара кытары кэлитэлиир этилэр.
2006-2007 сыл кыhыннарыгар Эдьигээнтэн, Анаабыртан, Аллараа Халыма Походскайыттан эп-эмис чыыр, муксуун, тууччах кэлитэлээбитэ. "Зарница" гостиница саалатыгар "Строганина" диэн ааттаах хотугу балыгы кыhыыга күрэхтэhии буолааччы.
Онно Саха сирин эстрадатын "сулустар" кыттыылаах кэнсиэртэри, саамай күндү балыкка аукционнары ыытар этилэр. Оттон, "Юбилейнай" эргиэн киинин, чыыртан тууччахха тиийэ балыктарынан толорон кэбиhэллэрэ. Бырааhынньыктарга кыhыллар балыктанан абыранар ахан этибит.
2009 сылтан бэттэх күндү балык кэлэрэ уурайда. "Материктан" кэлэр уу-ньамаан амтаннаах балык тобус-толору. "Алмаастаах тyбэ" 2011 -2016 сылларга буолбут дьаарбанкаларыгар тыа улуустара бэрт сэмэйдик, бар туомугар эрэ кыттыбыттара.
Бородууктабыт "ассортимена" да олус сиэдэрэйэ суох буолааччы: бакыаттаах суорат, бэлимиэн, тиэптэл, ардыгар бас быстар сыаналаах барыанньа. Бородуукталарынааҕар элбэхтик, аата-ахса суох хаартыскалаах, бэйэлэрин туhунан билиhиннэрэр истиэнэ хаhыаттара дьэрэлиhэн турааччылар.
Ону ким да сыныйан аахпат. Атыылаhааччылар истиэнэ хаhыатыгар буолбакка сибиэhэй уонна хааччыстыбалаах аhылыкка наадыйаллар. Биhиги промышленнай оройуоммутугар чугас сытар тыа улуустара таhаарар бородууксуйаларын кэмчитэ – баар суол. Саамай улахан биричиинэ – Бүлүү улуустарыгар тыа хаhаайыстыбатын бородууксуйатын бэлэмнээhин бырабыытылыстыбанан тустаах "ыллыгар" киллэриллэ илигэ.
Чугас сытар улуустар бэйэлэрин эрэ ынах этинэн нэhиилэ хааччыналлар. Холобур, Мииринэйгэ чугас сытар улуустар лааппыларыгар сырыттахха, ынах этэ – куруук мэлигир. Ким да маны улаханнык ааххайбат.
Мииринэй уонна Ленскэй оройуоннара гаас-ниэп промышленноhа балысханнык сайдан, оробуочай кылаас элбээн, yчyгэй хааччыстыбалаах аhылыкка наадыйаллар. Ол наадыйыыны Саха сирэ кыайан толуйбат. Манна бэлэмнэнэр бородууксуйа промышленнай оройуоннар эргинэр туочукаларыгар 2-3 бырыhыаны нэhиилэ сордоон ылар. Ол аата дьыала-куолу тыа хаhаайыстыбатын сайыннарыы ситэ быhаарыллыбатах боппуруостарыгар сытар.
Онно холоотоххо, Дьокуускайга "Сайсары" ырыынагар буолар атыы-тутуу дьаарбанкаларыгар бородуукталарын арааhа, эгэлгэтэ, сибиэhэйэ быдан ордуктар. Мииринэйгэ, хаhан Дьокуускай курдук дэлэгэй, уhун тыыннаах атыы-тутуу буолара биллибэт. Тыа улуустарыгар бородууксуйаны аныгы ньыманан табыгастаахтык батарыы сайдара уолдьаста. Бу туhунан, ТХМ бэрэстэбиитэлэ кыттыылаах, сүбэ мунньах Мииринэй оройуонун дьаhалтатыгар буолбутун кэпсээн турабын. Туттумахтыахха, дьон-сэргэ дьоhуннаах хамсааhыны күүтэр.
Чыпчылҕан-ыйытык
"АЛРОСА" үлэhиттэрэ Саха сирин тыатыттан кэлэр бородууксуйа туhунан хайдах-туох санаалаахтарын сурукка тистим.
М. Федоров:
- Сибиэhэй эт атыыга куруутун суох. Собо кэлэр түгэнигэр булгуччу ылабын. Алтынньыттан сэтинньи ый ортотугар тиийэ атыыга аспыт арааhа дьадайар. Суолбут-ииспит куhаҕана дьайар.
В. Очирова:
- "Юбилейнай" АЭК ахсыс павильоныттан бараан этин атыылаhабын. Новосибирскайтан кэлэр. Хааччыстыбата арааhынай. Ону оннук-маннык, эргэ диэн сирэ-тала турааччыбыт суох.
Т. Красовская:
- Эт куруук атыылаhабыт. Ынах, бараан этэ хантан кэлэллэрин билбэппин. Бырааhынньыктарбытыгар пловпутугар бараан этэ ордук барсар. Олохтоох бородууксуйаттан, Сунтаартан кэлэр, ООО "Табага" лааппытыттан ынах арыытын ордук астынабын.
В. Шефнер:
- Сибиэhэй балык – олус күндү. Сыаната ыарахан. Оннук да буолуохтаах. Хоту сир булчуттарын, балыксыттарын үлэтэ олус ыарахан. Yчүгэй балыкка харчыбытын харыстаабаппыт.
В. Довгалюк:
- Дьаарбанка сылга биирдэ эрэ буолар. Кэргэмминээн, куруук үлэбитигэр баттата сылдьар буоламмыт, тииспэккэ хаалааччыбыт.
А. Семенова:
- Тыа улуустарын бородууксуйалара Дьокуускайга курдук атыыланаллара буоллар бэрт да буолуо этэ. Ону баара Сунтаарга да Ньурба да диэки эттэрэ кэмчи быhыылаах. Хайаан манна кэлиэхтэрэй. Кэлэллэригэр да ончу барыыhа суох. Уматыгы таах үрдэрэллэр. Эрэйдэрэ элбэх: массыыналарыгар гараас бүлүү, ветиниспиэксийэни ааhыы. Түhэр сирдэрэ суох буолан накааhыраллар.
П. Григорьев:
- Чугас сытар, сунтаардарбыт, эттэрэ ордук эмис, минньигэс да букатын атыылаабаттар. Атын сиртэн тиэйэр эттэрин сирэ-сирэ да буоллар атыылаhабыт.
В. Аржаков:
- Сунтаардар, ньурбалар бородууксуйалара сэдэхтик кэлэр. Кэлэн атыылаатахтарына атыылаhыам этэ.
М. Савченко:
- Саамай минньигэс олохтоох ынах арыыта – кириэстээх гиэнэ. Сыаната ыарахан – 700 солкуобай. Ол да буоллар хааччыстыбата эппиэттиир. "Материк" арыытыгар тугу буккуйалларын ким да билбэт, амтана соччото суох буолар. "Новай" сопхуос бородууксуйатын, "Скиф" ыыhаммыт эттэрин, халбаhыыларын биhириибин.
В. Никитина:
- Эт үксэ Иркутскайтан, Новосибирскайтан тиэллэр. Манна олохтоох сибиэhэй эт булуом диэн саараабаккын. Куруук суох! Дьаарбанканы маныырга, уочаракка туран анньыhарга отойун солом суох. "Кыымнар" саамай "ыарыылаах" боппуруоспутун таарыйбыттарыгар махтал.
М. Петрова:
- Эт тыа улуустарыттан кэлэрин тыа хаhаайыстыбатын министиэристибэтэ сyрyннyөхтээх. Иhиттэх тухары, сунтаардар, "Мииринэйгэ эти-yyтy батарабыт" диэн отчуоттууларын истэбин. Yүттэрин, барыанньаларын, суоктарын, йогуртарын, арыыларын билэбит уонна биhириибит. Оттон эттэрин ханна батараахтыыллара буолла?! Дьаарбанкаҕа аатыгар эрэ, "уруhуйданар курдук", биир күн (икки күн буолбатах) бар туомугар атыылаатах буолаллар уонна элэс гынан хаалаллар. Аны, бородууксуйаларыгар киhи тииhиспэт эрэйэ. Кыhын оройугар Бүлүүттэн собо, Эдьигээнтэн, Анаабыртан муксуун кэлэн абырыыра. Бастаан Эдьигээн авиаэриэйсэтин онтон Сааскылаах гиэнин сабан кэбистилэр! Балык, сибиэhэй таба этэ кэлиитэ, итинэн сибээстээн, уурайда. Дьокуускайга "Строганина" ыытан ырааппыттар эбит. Оттон биhиэхэ балык мэлигир.
Станислав Алексеев
Мииринэй
Ааптар хаартыскалара
Хаартыскаларга: Мииринэй куоратыгар атыы-эргиэн дьаарбанкалара араас кэмнэргэ