Мииринэйтэн Удачнайга, Айхалга барааччылар боппуруостара. 

МХБК "Мир" руднигын сабыллыытын содулугар, уопсайа, тыhыынчаттан тахса киhи үлэтэ суох хаалбыттара. Бу – улахан сыыппара. Мииринэй ХБК үлэhиттэри Удачнайга, Айхалга сол да ыыталыы олорор.

Бу сытыы боппуруоhу кытары быhаччы сибээстээх Удачнай ХБК, Мииринэй ХБК, Мииринэй дьарыктаах буолуутун киинин эппиэттээх сирэйдэрэ кыттыылаах "Мир" рудник АБКтыгар мунньах буолан ааста. Удачнай ХБК дириэктэрэ Александр Махрачев: "Идэтийиигит баар буолла да биhиэхэ кэлэргитигэр хаарчах суох"- диэтэ.

Билигин Удачнайга барааччылар үлэлэригэр табыллаллара, каадырдартан бэрт үгүс тутулуктаах. Мииринэй ХБК каадырга отделын Алина Пацианская салайар.

"Интернациональнай" рудникка үлэ боппуруоhунан - Ольга Белецкая, сабыллыбыт "Мир" рудник аата-ахса суох дьонун атын тэрилтэлэргэ ыытыынан Людмила Стеблецова, "ВГ", "Иирэлээх" бириискэлэринэн Вера Барматова дьарыктаналлар.

107 үлэhити – "Интергэ", 65-ча киhини – Мииринэй ХБК атын тэрилтэлэригэр, балачча киhини Айхалга, Удачнайга ыыттылар. "Удачнай" рудникка, үhүстэн бэhискэ диэри кэрдиистээх силиэсэрдэр, элиэктириктэр ирдэнэллэр.

Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтин каадырга отделыгар, Удачнайга, Айхалга үлэлии барааччылары эрэ кытары кэпсэтии ыыталлар. Олорго үлэ эрэ буолбакка олорор сир боппуруоhун эмиэ быhааран эрэллэр. 

oioioi

Удачнай руднигын тутуллар эбийиэктэрэ

Айхал ХБК бакаансыйа чааhыгар тутах

Билигин "Айхал" рудник "ыы-быччары" туолан турар. "Айхал" рудникка үлэлэтэргэ анаан "Проходчик", "Скип утумун оробуочайа", "Дэлби тэбиини бопсор тэриэбэ маастара", "Пульт эппэрээтэрэ" идэлэргэ куурустар ыытыллан бүппүттэрэ. Олору мэктиэлэммит үлэлэрин миэстэтинэн хааччыйдылар.

"Мир" рудниктан хайа боруодатын күрдьэр машинистар, забой оробуочайдара, электросилиэсэр идэлээхтэр Айхал руднигар баран тураллар.

rtyituiytj

Урууданы тиэйии

Накыын: бакаансыйа суох

Ньурба хайаны-байытар кэмбинээтэ "АЛРОСА" АХ 20 бырыhыанын ылар. 2042 сылга диэри алмаас хостуур кэскиллээх. Yлэ миэстэтэ, биллэн турар, былдьаhык. Ыарахан уйуктаах массыыналар суоппардарын, силиэсэрдэрин, элиэктириктэрин идэлэригэр үлэ тахсарын дьон дьаныардаахтык кэтэhэр да халтай.

Ньурба хайаны байытар кэмбинээтин, каадырга отделыттан, үлэ туhунан токколоhон туhа суох. Ким үрдyк хамнастаах үлэтин туран биэриэй?!

Мууна баhыгар

Удачнай ХБК Мууна баhыгар баар учаастага 38 млн. караат саппаастаах уонна манна 28 сыл алмаас хостонор кэскиллээх. Хамнаhа үрдyк диэн автопуойас-саамысыбаал суоппара, экскаватор, бурстанок машиниhа буоларга дьулуhааччы үгүс. Ый аайы 150-170 тыhыынча солкуобай хамнас биэрэллэригэр дьүлуспакка.

Аны туран манна эргиччи бэлэмнээх буолуоххун наада. Сүрүн производство тэрилтэлэригэр, киhи ылла эрэ сатаан сылдьар сирэ буолбатах. Манна быылга-буорга, тиэхиньикэ арыытыгар-угунуохха миккиллэн килиэптэнэллэр.

Алмаастаах Мууна сиригэр аналлаах идэлээх киhи эрэ тиийэр кыахтаах. Холобур, автопуойас суоппара, бульдозер машиниhа (6-с, 8-с кэрдиис эбэтэр "разряд"), автосилиэсэр (5,6-c кэрдиис), сыбаарсык (5,6-с кэрдиис), араас категорияларга суоппар, маркшейдер, бурстанок, экскаватор машинистара, хайа боруодатын дэлби тэптэрээччи, уо.д.а.

Маннык идэлэргэ, холобур, Дьокуускайга дуу Бүлүүгэ дуу уhуйаллар дуо? Суох. Биhиги дьоммут манна бэлэмнэрэ суох! Мууна сиригэр элбэх харчы "оонньоон эрэрин" билиэххэ баар этэ. Манна кэлэр сылларга элбэх үлэ миэстэтэ тахсара былааннанар. Сонун дэлэгэй алмаастаах сиргэ "материктан" субу кэлбит дьон үлэлииллэрин, ботуччу хамнас аахсарын, туораттан ымсыырар кэммит эмиэ кэллэ дуу?! Ыраах Мууна учаастагар үлэлииргэ туох ирдэнэрий?  

Бастатан туран, Удачнай хайаны байытар кэмбинээтин ОТиЗын, приемнайын, бу куорат бэлииссийэтин, "профосмотру" ааhыахха наада. Манна түргэтээтэхтэринэ – 15-20 күн, улаханнык уhаатахтарына биир ый сылдьаллар. Бэйэтэ – туhугар эксээмэн. Yлэ биэрэр бирикээстэрин таhаардылар да, Удачнай хайаны-байытар кэмбинээтин үлэhитэ буолбуккунан киэн туттар кыахтааххын.

Туох баар үлэ айан ханнык уопсайга олоруу боппуруоhа онно УХБК хонтуоратыгар быhаарыллар. Ол аата, Бүлүү умнаhын кыйа сытар дэриэбинэлэр олохтоохторо Мууна учаастагар баран үлэлээн дьоннорун иитэр кэмнэрэ тосхойдо.

Онно, биир "но" баар. Мууна учаастагар анаан Удачнай ХБКгар 95-100 туонна уйуктаах автопуойастар суоппардара наадалар. Бу – "Scania" уонна "Iveco" диэн автопуойастар.

poip

Мууна учаастагар автопуойастар

Дьокуускайга уонна бэл Нерюнгрига маннык тиэхиньикэ суоппардарын уhуйбаттар. Мииринэй УККгар кэлэн, Удачнайга баран, миэстэтигэр ботуччу харчы иhин хас да ыйдаах куурустары бардаххытына сатанар. Билигин Мииринэйгэ ким да босхо уhуйбат.

Оробуочай идэлэргэ уhуйууну күүhүрдүү ирдэнэр

Олохтоох дьон УКК ботуччу төлөбyрдээх буолбутунан сибээстээн манна киирэллэрэ ыараата. Манна олохтоохтору квотанан ылалларын туhугар тустаах Ил Түмэн кыттыhыыта наада. Олус элбэх үлэтэ суох ыччаттаах Дьокуускайтан, Мииринэйтэн тыа улуустарыттан дьону Мууна алмаастаах сиригэр аналлаах дуогабарынан үлэлэтиэх баара. Манан дьарыктаныах айылаах соччо-бааччы биллибэт.

Онон, оробуочай идэлэринэн Ньурба, Дьокуускай тэхиниичэскэй уhуйааннар базаларыгар куурустары ыытыахха диэн этиилээх түмүктүүбүн.

Станислав Алексеев

Мииринэй куорат

Поделиться: