Ааспыт ыйдарга бары ХБКлар тургутулуннулар. 

Бу кыбаарталга туох баар хайаны-байытар кэмбинээттэргэ, "АЛРОСА" Кэтиир Сyбэтэ алтынньы 24 кyнyгэр ылыммыт дьаhалынан сирдэтэн, промышленнай куттала суох буолуу тэрээhиннэрэ ыытылла тураллар.

Производство былаhааккаларынан, бэрэбиэркэлэр, билигин да бара тураллар. Yлэ боломуочунайдара уонна "Профалмаас" бэрэстэбиитэллэрэ – манна эппиэттээх сирэйдэр. Итиннэ биир эбэн этиэххэ наада.

Алмаас хостооhуна, "МИР" рудник, иэдээннээх сааххалыттан сылтаан буомурда диир этиилэр, оруна суохтар. Мииринэй хайаны-байытар кэмбинээтин 2017 сылга былаана тохтубутуттан тутулуга суох, "АЛРОСА" хампаанньа, быйылгы былаанын – 39,3 млн. карааттаах бородууксуйаны ыларга дьулуччу иhэр.

rtt

Алмаасчыт идэтэ барыта тимир ортотугар

Айхал, Удачнай, Ньурба ХБКлар, "Севералмаз", кыттыгас ("Дочернее предприятие") тэрилтэ - "Анаабыр алмаастара" туруктара былаан чэрчитинэн. 2016 сылтан ылата Удачнайга yлэ хаамыыта биллэ сэргэхсийдэ. 2009 сыллаахха Удачнай "сабыллар туруктаах" диэн буолбутугар, манна дьиэ сыаната аллараа сурулаабыта, элбэх киhи бу куораттан тэскиллээбитэ.

Аны билигин Удачнайга шахта yлэтэ yс бyк yрдээн, кини тула тутуу сэргэхсийэн, "Зарница" карьерын тула былаан тахсан, Мууна сирин сайыннаран, Удачнай куорат диэки дьон, эргиэн-урбаан сыбыытааhына буолан эрэр. Ханнык да шахта yлэлиир болдьохтоох.

oioi

МУАД тиэхиньикэтэ Мууна суолугар

2019 сылтан ыла балысханнык алмаас хостоон барар буоллахтарына, туох да сааххал, ол-бу быhылаан, араас "форс-мажор" "сабардаабатахтарына", "Удачнай" шахтата 25 сыл устата yлэлиир кыахтаах. 

Итинтэн ыла, шахта аллараатыгар киирдэх ахсын, саппаастара аччаан барыахтара.

Айхал ХБК 

Айхал ХБК - сyрyн производство саамай эрэллээх тэрилтэтэ. Быйыл бу кэмбинээт дохсуннук yлэлээн, караат чааhыгар хаалыы суох. Биир караат сыаната - ортотунан ыллахха, 14-21 тыhыынча американскай доллар.

Баабырыкалар хайдах кыалларынан алмааhы ботуччу ылгыыр былааннаахтар. Бу кyhyн № № 8,14-с  баабырыкалар, туох баар сиксийэр-байытар утумнара, эмиэ хаттаан тургутулуннулар. Промышленнай куттал суох буолууга бары эбийиэктэр тургутулуннулар.

Саамай улахан - № 14-дээх баабырыка кыраапык сиэринэн утумнаахтык yлэлии олорор. Айхал "Юбилейнай", "Комсомольскай" карьердарын саппаастара энчириир тyгэнигэр, анаан-минээн былааннаахтар.

Айхалларга "Юбилейнай" карьер тyгэххэ сытар туруупка "баранар баhын" батарга, инникитин шахта тутарга былаанныыллар. Манна yлэ-дьол сырсыытыгар "материктан" кэлбит эдэр ыччакка, эрэл "кыыма" син-биир баар буолааччы. Айхалтан чугас 3 млн. туонна саппаастаах "Заря" туруупканы yлэлэтэн эрэллэр.

Геологтар 2011 сыллаааха таба тайаммыт "Заря" туруупкаларыгар, күндү таас саппааhын туhунан элбэхтик этиллэр буолла. Бу туруупка кэскиллээх буолуон алмаастара олус түгэххэ кистэнэ сыталлар диэн буолла.

Аны, сыл ахсын 2 млн. туонна урууда хостонор саппаастаах "Комсомольскай" карьеры тумнар сатаммат. Ол эрэн, кэккэ тэхиниичэскэй биричиинэлэринэн бу карьерга алмаас билигин хостоммот.

Уопсайынан, урууданы тиэйэр Айхал автобазата, Мииринэй ХБК курдук 30 бырыhыан сарбыллар куттала суох. Технологическэй тыраанспар автобазатын эмиэ тугу былааннаабытын ситистэ.

Айхал технологическэй тыраанспарын автобазата, сылга ортотунан, 40 млн. туонна хайа маассатын тиэйэр-таhар. Бу үлүгэрдээх элбэх таас-буор биир туоннатыттан, "сүүтүккэ" холоонноох эрэ алмаас кэлэр.

"Айхал" рудник кыамтата кыра. 500 тыhыынча туонна урууда. Алмаастарын табаарынай туруга, караатынан тахсыы (биир туонна уруудаттан ювелирнай таастар тахсыылара) "Интерга" тиийбэт. Алмаас саппааhа аччыыр тyгэнигэр, "Айхал" руднигыттан, эдэр шахтердар Удачнайга баралларыгар тиийэллэр. 

Накыын 25 сыл устата үлэлиир кэскиллээх

Ньурба ХБК 2017 сылы ортоhуордук түмүктээн эрэр. Накыын сиригэр алмаастаах хампаанньа 20 бырыhыан бородууксуйата хостонор.

2017 сыл бастакы кыбаарталларыгар, yлэ күрэhигэр, Ньурба ХБК-та, бары хайысхаларга – боруоданы сургэйиигэ («вскрыша»), табаарынай бородууксуйа, караатынан таhаарыы чаастарыгар былаанын толорон, кыайа-хото иhэр.

Балаhыанньа, хайа боруодатын тиэйиигэ, урууда уонна байытыытыгар – бигэ туруктаах. "Ньурба" карьерыгар инникитин уонча сылга, алмаас бигэтик хостоноро бигэргэтилиннэ.

qww

Накыын дизельнай уматыгы харса суох сиир хочуолунай

Бары чахчылары, түмүктэри сүүмэрдээтэххэ, Накыын уруудалаах сиригэр 2042 сылга диэри алмаас хостуур кыах баар диэн буолла. Накыын кэскилин учуоттаан, ханнык да ХБКтаа5ар элбэх кэми сабырыйар yп-харчы, тиэхиньикэ санардыллыытыгар ананна.

"Ньурба" карьерын автобазата, ыарахан уйуктаах самсыбааллар - "Катерпиллардар", "Терекстэр", 15 куубтаах «Либхерт» экскаватор бэркэ диэн yлэлии олороллор.

Байытыы ситимигэр, быйыл эмиэ yгyс yлэ ыытылынна. № 16-дээх баабырыка кэккэ утумнара уларытылыннылар. Бу баабырыка хвостохранилищетын "кутуруктарыгар" үмүрүтэр, хойуннарар үлэ ыытыллан экология чааhыгар арыый амалар.

Ол түмүгэр, уон алтыс баабырыка, туттубут уута ханна да туора-маары халыйбат. Баабырыкаттан тахсар утум сабыылаах эрэсииминэн yлэлии олорор. Маны экологтар кытаанахтык хонтуруоллууллар.

Бу күннэргэ Накыын уруудалаах сиригэр, ахсым тымныыга туох баар эбийиэктэри, араас күүтүллүбэтэх быhыы-майгы буолбатын туhугар бэлэмнииллэр.

Промышленнай куттала суох буолууга тэрээhиннэр чэрчилэринэн НХБК балачча утумнаах yлэни ыытта. Куттал куруук баар. Бастатан туран, Накыын уопсайдара – бары мас дьиэлэр. Баhаар, бэрт кыраттан, күүдэпчилэнэн турар кыахтаах. Хочуолунай, энергосыах ыарахан сыаналаах диизэл уматыгынан yлэлии олороллор.

llp

Сылаас биэрэр пуун

Саппаас уматык кыччаата да ыксаллаах балаhыанньа буолар. Маны сэргэ, баахта дэриэбинэтигэр уонна промышленнай учаастакка ититии, итии-тымныы уунан хааччыйыы ситимэ куруук бэрэбиэркэлэннэхтэринэ сатанар.

Мииринэй ХБК

Мииринэй ХБК 2018 сылга кыччаабыт былааны ылынар буолла. Биллэр биричиинэлэринэн, 2017 сылга Мииринэй ХБК ааспыт сыл түмүгүн ситиhэр кыамтата суох. 

Билигин «МИР» шахтататтан, бастакы кыбаарталларга, № 3-дээх баабырыкаларыгар тиэллибит саппаас урууда суотугар олороллор. "Интер" 500 тыhыынча туонна урууда хостуур былааннаах. 

"Интер" шахтата 2002 сыллаахтан бырыайыактаах таhымыгар үлэлээбититтэн ыла тохтобулга бара илик.

2017 сылга сир үрдүттэн чугас сытар кирбиилэр уолдьастылар. Ону, урукку карьер аннынан, "урууда улахан эттигин таба тайанан" алмаас хостонор кэмэ уhуур чинчилэннэ.

"МИР" шахтатыгар саахал кэнниттэн, инники кэскилин туhунан былааннаабаттар да.  

Итинэн сиэттэрдэххэ, хайа-геологическай усулуобуйата улаханнык уустугуран турар. Сир yрдyгэр бытархай алмаастары ("Россыпи") хостуур икки самалык – "Водораздельные галечники" уонна "Иирэлээх" бириискэлэр утумнаахтык үлэлии олороллор.

"Водораздельные галечники" бириискэ "Горнай" полигонун тула үлэлиир. Yлэтин биир туhаайыыта - Мииринэй куораттан чугас, 2004 сыллаахха, күhүн сабыллыбыт бэhис баабырыка "кутуруктарын" хаттаан сиппийэн, баhыталаан-сахсыйталаан, урууда ыскалаатыгар тиэйии. Итинник "сиппийэн", "ВГ" бириискэ, аны уонча сыл саппаастаах.

Быйыл "КСА" (Икки тэриэбэ) тиhиктэрэ алмаас сиксийиитигэр бэртээхэй түмүктэри ситистэ. "Водораздельные галечники" бириискэ бары полигоннарыгар 786 тыhыынча кууп. алмаастаах кууп кумахтары хостуур былааннах.

Ааспыт сылтан хаалбыт үлэ учаастага, Иирэлээх үрэх кыйа баар "тымырдарга", эмиэ баар. Аны "Иирэлээх" бириискэтэ.

Манна киэргэтэн этэллэринэн, "Дыраага флота" промсезоны тyмyктээн, 5 ый устата, аны сайын буолар алмаастаах кумах сууйуутугар тиэхиньикэтин бэлэмнээн түбүгүрэр.

Маны сэргэ, "АЛРОСА" промышленнай куттала суох буолууга, "Профалмаас" уонна МХБК бэрэстэбиитэллэрэ "Иирэлээх" бириискэтин бэрэбиэркэлээтилэр.

Бу түмүгэр, улахан кэhиллии бириискэ үрдyнэн бэлиэтэммэтэ.

Станислав Алексеев

Мииринэй куорат

Ааптар уонна Слава "Gelio" Степанов хаартыскалара

Поделиться: