Биhиги диэки оройуоннарга, авиация сyдy оруолун туhунан этэ да барыллыбат. Сyyстэн тахса тыhыынча киhи олорор Ленскэй уонна Мииринэй оройуоннара, суоллара-иистэрэ ураты ыарахан буолан, авиация эрэ абырыыр. 

Алтынньы ый ортотуттан ахсынньы ыйыгар диэри бородуукта, табаар, уматык кэлэр аартыга буомурар. Дьэ бу маннык кытаанах балаhыанньалаах кэмнэргэ, «АЛРОСА-Авиа» (тэрилтэ салайааччыта Андрей Гулов) хайдах-туох сайдара дьону долгутар.

Мииринэй авиа-тэрилтэтэ (МАП) «АЛРОСА» састаабыттан таhаарыллыбыта 4 сыл буолла. Билигин МАП хампаанньаны кытары дуогабарынан yлэлиир тэрилтэнэн буолар.

Онон МАП уонна «АЛРОСА» иhинэн тэриллибит «АЛРОСА-Авиа» авиахампаанньа тус-туспа тэрилтэлэр. «АЛРОСА-Авиа» yлэтэ алмаас хостооhун уонна геология салааларыгар тыын суолталаах диэн сыаналаан, хампаанньа састаабыттан «харыс да» халбарыппатылар. 

P1010114

Авиахампаанньа «Боинг» ааллара, бу сааhы, сайыны быhа Мииринэйтэн Сибиир, Урал куораттарыгар, Москуба, Санкт-Петербург туhаайыыларынан айаннаттылар. Авиатордар 2018 сылга «АЛРОСА» лизинг ньыматынан ылыытын суотугар yс «Боинг 737» аалланыахтаахтар.

«Боинг» - биллэн турар модун автиэхиньикэ эрээри «АЛРОСА» авиатордара бэйэлэрин сэмэлэрин этиннилэр. Бастакыта, «Боинг» гидравликата «Ту-134», «Ту-154» «СуперДжет» ааллары кытары холоотоххо хаппырыыс. Иккиhинэн, 50 кыраадыс тымныылаах дойдуга «Боинг» быыстала суох сылыта сылдьыыны ирдиир. Yсyhyнэн, буор-кумах аэропуортарга сылдьара боппуруос. Кини сырыытын кэнниттэн балаhа алдьанар. 

Дьокуускайга диэри авиабилет – 19 тыhыынча солкуобай

Айаннааччылар авиабилиэт сыаната хайдах буоларын интэриэhиргииллэр. Кэлин Мииринэйгэ «Якутия», «Seven 7» - «Глобус», «Ангара» хампаанньалар Мииринэйгэ кэлитэлээтилэр. «Материкка» айаннааччыларга, авиабилиэт сыаната аматыйда, табыгастаах авиахампаанньаны талар кыах баар буолла.

yuyu

Кyн бyгyн, Мииринэйтэн Москуба, Новосибирскай, Иркутскай, Екатеринбург куораттарга айаннааччыларга 55 сааhыттан ыла биэнсийэлээхтэргэ, 1,2 категориялаах инбэлииттэргэ, 23 саастарын туола илик ыччаттарга авиабилиэт, чахчы да, чэпчээтэ. Новосибирскайга 6-7 тыhыынча солк. барар кыах баар.

Хомойуох иhин, Мииринэйтэн Дьокуускайга айанныыр авиабилет лаппа ыараата. «Эконом-кылаас» 18-19 тыhыынча солк. буолла. Бэл, Мииринэйтэн Удачнайдыыр ("Полярнай аэропуорда") авибилет 13 тыhыынча солк.

Биллэн турар, бу соччото суох дьыала. Бу боппуруоска Саха сирин саламтата, суол-иис салаатыгар эппиэттиир министиэристибэ,  дьокутааттарбыт орооспотулар. Биhигини, уhук сытар сир дьонун эрэйбитин дьаалайбатылар.

«АЛРОСА-Авиа» нефтяниктарга yлэлиир

2012 сыл бyтэhигэр «Сургутнефтегаз» «АЛРОСА» авиациятыттан кыккыраччы аккаастанан турар. Нефтяниктар Витим аттыгар бэйэлэрэ yс биэрэстэлээх балаhалаах аэропорт туппуттара. Билигин, «газпромнар» 81-с скважиналарыгар, Мииринэйтэн буолбакка Таалакаан пуордуттан айанныыр буоллулар.           

Хата олору, кэмэ суох yптээх-харчылаах «Роснефть» тэрилтэтэ – «Таас-Yрэхнефтегаздобыча» солбуйда. Билигин Мииринэй аэропуорда 4-с карьерга («Таас-Yрэхнефтегаздобыча») баахта дьонун ыыталыы олорор.

Сайын «АЛРОСА-Авиа» «тэмэлдьигэн»-бэртэлиэттэрэ нефть уонна гаас суккуллар ситимин устун бэрэбиэркэлиир-харабыллыыр, ханна баhаар суоhуурун биллэрэр сулууспа быhыытынан ирдэнэллэр.

Итинэн да сылыктаатахха,  «АЛРОСА» авиатордарын балаhыанньалара орто сиэринэн. Уустук балаhыанньа да баар. Ол туохха ордук дуораананна? Yп-харчы арыый да ама кэмигэр «АЛРОСА» аныгы кыахтаах салгын аалларын атыыласпакка хаалбыта.

Аны туох баар тиэхиньикэтэ, навигационнай арыаллааhына, хааччыллыыта биллэ эргэрдэ. Биллэрин курдук, Саратов авиационнай собуота «Ту-154» салгын аалын биир кэлим («Серийнай») таhаарыытын 2012 сылга тохтоппута.

Билигин «АЛРОСА-Авиа» биир эрэ «ТУ-154» суудунаны Полярнайга айаннатар. «Боинг» сиэрэ суох улахана, модуна бэрт буолан, Полярнай буор-таас балаhатын тyргэнник алдьатыа диэн сэрэхэдийэллэр.

Станислав Алексеев

Мииринэй куорат     

 

Поделиться: