«Удачнай» рудник, «Мир» шахтатыгар буолбут саахалы учуоттаан, профилактика-тургутуу тэрээhиннэрин былаан чэрчитинэн ыыта олорор. 

Ордук эбийиэккэ промышленнай куттала суох буолууга отдел, инженернэй састаап, геологическай сулууспа уонна маркшейдердар тустарыгар ирдэбил кытаатта. Шахтаны тутааччылар отчуоттарыгар ордук кытаанахтык сыhыаннаhар буоллулар. Геологтар аллараа кирбиилэргэ ороhуоллаах уу уонна метан-гаас кутталларын, кичэйэн тургуттулар.

2012 сыллаахха тутулла турар кирбиигэ, «хармааннарын» ситэ салгылаппаккалар, кыра кыымтан сылтаан метан дэлби барыыта буолбута. Икки шахтаны тутааччы тутатына суох буолбуттара. Ол кэнниттэн, Ростехнадзор хас да кичэллээх бэрэбиэркэни ыыталаата. Билигин сүрүн бэнтилээтэр, салгылатыы ситимэ «Нуорма» диэн буолла.

Эмиэ бу кэмнэргэ «Профалмаас» бэрэстээбиитэллэрэ шахтердар yлэлиир усулуобуйаларын, «спецовкаларыгар» тиийэ бэрэбиэркэлээтилэр. Ирдэбилгэ толору эппиэттиир спецовка, ороhуоллаах уу тохтор сиригэр аналлаах куурка, эрэhиинэ саппыкы саппааhа кэмчи эбитин бэлиэтээтилэр.  

«Удачнай» рудник - идэлээх шахтердарга аартык

«Удачнай» рудник – «АЛРОСА» хампаанньа, күн бүгүн туттарар эбийиэктэриттэн саамай модуннара. «Мир» хомолтолоох уопутун учуоттаан бу шахта, хайа промышленноhын бүттүүн тэхиньиичэскэй ирдэбиллэригэр эппиэттиэхтээх. Уопсайынан, манна yлэлииргэ табыгастаах буолуо диэн эрэнэллэр.

Удачнай уруудата, алмааhы карьер ньыматынан хостооhунтан ыла, кимберлитин «тымыра» улаханынан, биир туонна боруода састаабыгар баар урууда састааба улаханынан биллэр. Караатынан ыллахха, саамай улахан алмаас (342,5 карат) «Удачнай» туруупкатыгар булуллан турардаах. Холобурдаан эттэххэ, 1,27 караат 0,25 грамм буолар.   

trtrtrtr                            

2004 сылга диэри Удачнай хайаны байытар кэмбинээтигэр сэттэ тыhыынчаттан тахса киhи yлэлиирэ. Билигин манна 4 тыhыынчаттан тахса  киhи баар. 1975-2007 сылларга ортотунан 12 млн. туонна урууда хостонор этэ. № 12-дээх баабырыка Сэбиэскэй кэмнэргэ - 1.200, 1992 сылтан 2007 сылга диэри 750-800 yлэhиттэнэ сылдьыбыта. Ол сыыппара 480 киhиэхэ диэри аччаан турар. Бу ХБК алмаастаах хампаанньа yрдyнэн саамай кэскиллээхтэрэ. Ол курдук, «АЛРОСА» хампаанньа алмааhын 38 бырыhыана манна хостонуохтаах.                                           

УХБК 2019 сылга сир анныттан алмааhы хостуур рудник толорутук yлэлээн барар кэмигэр, кэскилэ улаатар. Ол эбэтэр, бу кэмтэн ылата, инники уон сыл устата, шахта ньыматынан 40 млн. туонна урууда хостонуохтаах. Ити курдук, Удачнай, «АЛРОСА» дохуотугар киллэрэр кылаата лаппа yрдyyр чинчилээх.

Удачнай шахтатыгар «МИРгэ» курдук балысхан уу суоhаабат

Бастатан туран, шахта хайдах буолуой диэн ытырыктатааччы элбэх. Ол иhин, «Удачнай» шахтатыгар ороhуоллаах уу суоhуур дуу суох дуу диэн ыйытык тула тохтуубун. «Мир» руднигын аннынан, 300 миэтэрэ аллараа «метегеро-ичерскэй» уулаах кирбии малтаччы эттэххэ сир аннын кyрyлгэнэ баар. Ону уодьуганныыр сулууспалара кыамматахтара иэнэ суох иэдээни, аана суох алдьархайы таhаарда.

«Мир» карьерга биир эрэ чааска 1.200 кууп.м уу кутуллан киирэр. Оттон, «Удачнай» шахтатыгар 400 миэтэрэ аллараа «Орто-кембрийскэй» («Средне-кембрийский водоносный горизонт») уулаах кирбии баар. Бу кирбии бидилитэр уута – биир чааска 359 кууп. Онон, киирэр уута кыра.

«Мир» курдук, уонча туонналаах тиэхиньикэни «чыыппаан курдук элитэр», балысхан сyyрyк суох. Урукку сыысхаллары учуоттаан, квершлагтары, «На гора» тахсар аварийнай холлорооннору, хаамыралары атыннык туталлар. Иккиhинэн, сир анныгар эмискэччи уот барар тyбэлтэтигэр, аварийнай элэктэриичистибэ утума баар. Yсүhүнэн, шахта туох баар кирбиилэрэ, үрдүгэр баар эбийиэктэр сyрyн диспиэччэрискэйтэн мониторунан кэтэнэ олороллор.

Биллэрин курдук, «Мир» уот-күүhэ, шахтердар ханна баалларын биллэрэр даатчыктара саахал кэмигэр «кyппyлyy» барбыттара. Арай сибээс эрэ -410 кирбиигэ «тыыннаах буолан» шахтер А. Мирзаев быыhаммыта. Ону, «Удачнай» рудникка эмиэ учуоттууллар. Атын рудниктарга курдук, шахтаны хааччыйыы бэйэтэ туспа эйгэ.

trtr

Күндү тааhы хостуур рудник бэйэтэ уустук инфраструктуралаах – сүрүн бэнтилээтэр, калорифернай, теплопуун, носуос тэриэбэлэрэ, уот-күүс учаастага, ууну ыраастыыр ситим, умнастары тонорор станция.

Барыта кунуопка уонна ырычаах yлэтэ

Тутуллар эбийиэктэн чугас баахта «дэриэбинэтэ» баар. Саха сиригэр шахтаны тутууга идэтийэр yлэhит сэдэх буолан, «материктан», аата-ахса суох киhи кэлэн yлэлии сылдьар.

Сотору-сотору, «АЛРОСА» хампаанньатын кытта селекторынан сибээс, тутууга эппиэттээхтэр сyбэлэрэ ыытыллар.

Манна «Мир» руднигын тутууга быhаччы кыттыыны ылбыт баай уопуттаах салайааччылар «АЛРОСА» - бастакы вице-бэрисидиэн, толорооччу дириэктэр В. Соболев, АХ сyрyн инженера А. Черепнов, А. Махрачев (УХБК дириэктэрэ), С. Потапов (УКС), А. Фоменко (Айхал-Удачнай шахтаны тутар управлениета) тутуу хайдах барарын сyрyннyyллэр.

Бүгүн Удачнай шахта кэскилинэн олорор. Санатабын: Удачнай руднигын былаана – 2019 сылтан ыла 4 млн. туонна урууданы хостооhун.

Yлэ тохтоло суох барар

Билигин «Удачнай» шахтатын салгыы тутууга Мииринэй шахтаны тутарга аналлаах (МСШСТ) уонна Айхал-Удачнай шахтаны тутуутун управлениелара тигинэччи yлэлии сылдьаллар. Умнастар биир биэрэстэ усталаах сир тyгэхтэригэр тиийэннэр, штректэри, болуоктары быhа охсор, yрyттэри кытаатыннарар, армировкалыыр yлэлэр бараллар.

Мантан салгыы, аллараа сытар кирбиилэр геологическай скважиналара хаhыллаллар. Сир аннын сибиэhэй салгынынан хааччыйар сыаллаах сүрүн вентилятор yлэлии олорор. Бу сүрүн вентилятор «Зитрон» диэн фирма дьаралыктаах. Маны сэргэ сyрyн калорифернай тэриэбэ баар. Маннык калорифер, шахта кирбиилэрин, сылааhынан хааччыйыахтаах.

Ол эбэтэр, сайын да кыhын да сибиэhэй салгын (+ 2 кыраадыс) баар буолуохтаах. Бу маннык улахан кыамталаах уонна улахан дьайымтыалаах тэриэбэлэри Норвегия фирмата силигин ситэрбитэ. 

Ким хайа иннинэ кэлии дьон Удачнайдаатылар

Мииринэйтэн 600 биэрэстэ ыраах Удачнайга, Мииринэйтэн «МИР» руднигын yлэhиттэрэ, шахтаны тутааччылар (МСШСТ) тутуу былдьаhан бардылар ахан.  Удачнайга дьиэ-уот боппуруоhа ыарахан. Тутуу манна 20-чэ сыл барбатах. Ол биричиинэтэ биллэр. 

«Удачнай» карьер уолдьаhаатын кытары, манна куораты тутар, социалканы хааччыйар олус ороскуоттаах диэн «мындыр толкуйдаахтар» сыаналаабыттар. 2009 сыллаахха бэл эппиэттээх сирэйдэртэн, Удачнай куоратын сабыахха диэн этиилэр сатараабыттара. Оннук куолу баарын yрдyнэн, аны Удачнай, саамай кэскиллээх производство киинэ буолан хаалла. Эдэр кыахтаах дьон Удачнайга бараллар.

Yрдyк хамнас туhуттан

Аата-ахса суох Бyрээтийэ, Киргизия, Донбасс дьоно онно аттаннылар. Олох-дьаhах эрэйин аахсыбакка, инники кэскиллэрин толкуйдаан. «Мир» рудник yлэтэ тохтоотун кытары балачча ахсааннаах саха уолаттар эмиэ удачнайдаатылар.

Удачнайга Дьокуускайтан 37 чааhынан таксыыларга айаннаан тиийэллэр. Таксыы сыаната – 11 тыhыынча солк. Күн бүгүн манна сиринэн айанныыргар – хаайтарыы. Барар буоллаххына, «Дьокуускай-Полярнай» авиариэйсэни, ыйытаххына сатанар. Онно салгын суудуналара, хас оптуорунньук, бээтинсэ ахсын айанныыллар. Сыаната, биллэн турар, олус ыарахан - 17 тыhыынча 365 солк.

Удачнай куоратыгар, бастаан утаа, «Визит» суукканан хоннорор сирдэригэр тиийээччилэр. Биир миэстэ сыаната биир эрэ суукка иhин - 1.800 солк, биир хос – 3.000 солк. Харчыларын кэмчилээччилэр, «Вилюй», уопсайдыы тииптээх хонугулуур сиригэр кэлэллэр. Биир миэстэ иhин, онно, 800 солк. ылаллар. Онтукалара – былдьаhык.

Дьэ ол сирдэригэр, Арассыыйа араас муннуктарыттан кэлбит араас омук дьоно толорулар. Олору кытары бииргэ yлэлииргэ, уопсай тылы буларга бэлэм буоларгыт наада. Олорор сир тиийбэтин учуоттаан, Удачнай ХБК 130 миэстэлээх таас уопсай дьиэни тутууну былааннаабыт. Ол олоххо киирэр тyгэнигэр «ыарахан сyгэhэр түспүт» курдук буолуо. Хайдах да диэбит иhин, шахтерга, нус-хас, сынньанарга чуумпу усулуобуйа ирдэнэр.

Станислав Алексеев

Мииринэй куорат            

Поделиться: