Ботуобуйа ГРЭ Бyлyy эспэдииссийэтэ буолла. «АЛРОСА» геологиятыгар улахан уларыйыылар бара тураллар. 

Бастаан утаа Арктическэй эспэдииссийэ (Эдьигээн) сабыллыбыта. Аатырбыт Амака, Ботуобуйа эспэдииссийэлэрэ сарбыйыыны бардылар. Аны БГРЭ Бyлyy эспэдииссийэтэ («Вилюйская») диэн ааттанна.

Анаарар-чинчийэр отдел НИГП (Научнай геологическай тэрилтэ) састаабыгар ыытылынна. Оттон НИГП Орто-Марханы, Ыгыаттаны чинчийэр геологическай сулууспата, Бyлyy эспэдииссийэтин баартыйатыгар холбосто. «АЛРОСА» сyрyннyyр геологическай отдела Саха сиригэр 1.200 алмаас эттиктээх сир баарын, олортон 700-э сыныйан тургутулларын биллэрдэ. Бу сирдэр алмаастарын саппааhа кыра. Сир баайын хостуурга, ортотунан, 20 сылга саппаастаах обургу туруупкалар, бытархай алмаастаах сирдэр («Россыпные месторождения») ирдэнэллэр.

geo

2000-с сылларга Мииринэй куоратыттан чугас «Дачнай» диэн ааттаах туруупка баара. Уруудатын эттигэ быыкаа буолан, сэттэ сыл устата нэhиилэ үлэлээбитэ. Куораттан чугас эрэ диэн карьер хаспыттара. Билигин геологтар 2017 сыл сайыныгар мунньуллубут «хонуу» («Полевые работы») yлэлэрин түмүктэринэн, отчуоттары ахсынньыга кyyтэллэр.

Ол курдук быйыл 60-с сылларга соччо кэскилэ суох диэн хаалларыллыбыт «Тымтайдаах», «Озернай» бытархай алмаастаах сирдэрин чинчийдилэр. Мин билэрбинэн, урут, Озернай диэн ааттаах геологическай дэриэбинэ баара. Бу сирдэргэ 2018-2019 сылларга геологтар чинчийэр үлэлэрин салгыы ыытар былааннаахтар.

Геологтар тэриллиилэрэ билигин барыта аныгы - «сыыппара» технология. Геофизиктэр модун yyттyyр-чyyччэйэр тэриэбэлээхтэр, урууда эттигэ сытар сирин анаарарга аэро-ма5ынньыыт устууну, yрдyк кyyрyyлээх уотунан чинчийиини («Электроразведка») туhаналлар. Чинчийиллибит сирдэртэн балай эмэ баай матырыйаал баар буолла.

Бyлyy эспэдииссийэтин кyндy бытархай таастарын уонна кумахтарын саппааhа, бyтэhиктээхтик, Москуба куоракка, судаарыстыба сир баайдарыгар кэмитиэтигэр бигэргэтиллиэхтээхтэр. Онон сэбиэскэй кэмнэргэ саппааска хаалларыллыбыт бытархай алмаастаах сирдэр, балачча кэмнэргэ туhалыахтара диэн геологтар эрэнэллэр. 

УКК  куурустара – ботуччу сумма иhин

Мииринэйгэ уhуйар-курсовой кэмбинээккэ уларыйыылар буоллулар. Аны «АЛРОСА» састаабыгар киирсибэт тэрилтэлэр, атын эрэгэйиэннэр, улуустар дьонноруттан куурустар иhин харчы ирдэнэр. Ол эбэтэр сэдэх промышленнай идэлэргэ уhуллуу олус ыарахан сыаналанна. Куурус биир эрэ чааhыгар 350 солк. ирдэнэр (биир кyн ортотунан – 1.400 - 2.100 солк).

Мин УКК босхо уhуйар кэмнэригэр тыа ыччата кэлэн, идэ ыларгыт олоххутугар туhалаах буолуо диэн элбэхтик суруйан турабын. Ону истибиттэр, идэлэнэн, хамнастаах yлэлэнэн абыраннылар.

Алтынньыттан ылата, «Атлас Копко» уонна «Сандвик» фирмалар тиэхиньикэлэрин кытары yлэлиир силиэсэрдэри, yрдyккэ yлэлээhин («Иккис кэрдиис») оробуочайдарын, «ДОПОГ», «С» категориялаах суоппардары, уот-кyyс тэриэбэтин маастардарын, полимер турбалары хааччыйар монтажниктары, гаас уматыга баар утумнарга силиэсэрдэри, сыбаарсыктары, рудник эбийиэктэригэр yлэлиэхтээх испиэстэри бэлэмнииллэр. Элбэх yлэhит «Удачнай» руднигар ирдэнэллэр.

УХБК yлэhиттэрэ «Удачнай» руднигар yлэлииргэ анаан шахтер идэтигэр эрэсэрээттэрин уларыталлар. Удачнай хайаны байытар кэмбинээтигэр билигин 3.400 киhи yлэлиир. 2021 сылга бу ахсаан улаатан 6.000 буолар былааннаах.                      

«Алмазавтоматика» трест yhyс баабырыка утумун сайыннарда

Ааспыт кyhyн № 3-дээх баабырыка былааннаах тохтобулугар «Алмазавтоматика» трест эмиэ өрөмүөн үлэлэригэр кыттыыны ылла. Байытыы утумнарыгар сонун технологиялары киллэрдилэр. Кэнники сылларга «Алмазавтоматика» Арассыыйа «Буревестник» научнай-чинчийэр холобоhугун кытары үлэлиир.

st

Икки тэрилтэ № 3-дээх баабырыка утумнарыгар, рентген-люминесцентнэй уонна сыанан кимберлити сыhыарар сэппэрээтэрдэр оннуларыгар аныгы тииптээх сэппэрээтэрдэрин айдылар.

Бу аныгы сэппэрээтэрдэр алмааhы хойуутук хаалларыыга быдан кыахтаах буолаллара дьыалатыгар дакаастанна.

Станислав Алексеев

Мииринэй куорат

Ааптар уонна Слава Gelio Степанов хаартыскалара

Поделиться: