Ааспыт атырдьах ыйыгар «Мир» руднигар алдьархайдаах саахал кэнниттэн, «Интернациональнай» рудникка yлэ куттала суох буолуутугар сорунуулаах миэрэлэри ылыналлар. 

Бастатан туран, «АЛРОСА» бэрисидиэнэ С. Иванов «Интер» бары эбийиэктэрин тургутуутун кэнниттэн, рудникка куттал суох буолуутугар эппиэттиир сулууспа yлэтэ кyyhyрдyлyннэ. Рудник куттала суох буолуутугар сyрyннyyр инженери солбуйааччы Е. Колотько эппиэттиир. Эппиэттээх сирэй, уочараттаах симиэнэ иннигэр, шахта кирбиилэригэр киириилэригэр ыйыы-кэрдии биэрэр.

Эдэр шахтердарга сир анныгар араас быhыы-майгы сириэдийэр тyбэлтэтигэр, хайдах быыhанарга аналлаах уhуйар-такайар кэбиниэттээхтэр. Холобур, yрyт сууллан, забойга хаайтардахтарына, эбиитин метан, быыл тунуйар тyгэнигэр самоспасателтинэн хайдах сатабыллаахтык туттарга ыйыы-кэрдии биэрэллэр. Бу самоспасатель «улахан муудараhа» суох – кырыыскатын туура эрийэн, тыынар устууканы ороон, сирэйдэригэр иилинэн кэбиhэллэр. Маннык устуука сир анныгар баттаппыт шахтеры 90 мyнyyтэ сибиэhэй салгынынан тыынарга кыах биэрэр.

dgrgtrgtt

Шахта кирбиилэригэр сэрэтии бэлиэлэрэ уларытылыннылар. Клетькэ киириигэ – «Шахта кутталлаах эбийиэк буоларын умнума!» диэн сурук кыhыл буукубуларынан адаарыччы суруллан турар. Бастатан туран, диспиэччэр сулууспата, шахтаны кэтиир монитордар, саахал буоларын биллэрэр баhаарынай тэриэбэ, метан-гаас таhымын бэрэбиэркэлиир аппарааттар, кирбиилэргэ электровозтар бэрэбиэркэлэннилэр. «Дегазация» эбэтэр гаас сириэдийиитин бохсор ротационнай ыстаансыйа 4 компрессора бэрэбиэркэлэннилэр. Манна эппиэттээх инженер А. Земсков ыстаансыйа yлэтин туhунан хампаанньа саламтатын иннигэр отчуоттаата.

Шахта yрyтyн уонна сакылаакка хааччыстыбатын бэрэбиэркэтэ, урукку кэмнэртэн, ордук сыныйан ыытыллар. Быыhыыр сулууспа – ВГСЧ, манна аналлаах учуонньуйалары ыытта. 

Рудник сайдыытын кэрчиктэриттэн

«Интер» «АЛРОСА» алмаастарын 5 бырыhыанын хостуур (сааххалламмыт «Мир» 11 бырыhыаны ылара). Биир туонна уруудатын састаабыгар 8 караат алмаас баар буолан, хампаанньа табаарынай бородууксуйатын биллэ тупсарар. «Интернациональнай» руднигы 1969 сыллаахха арыйбыт киhинэн, Сунтаар Уhун-Кyелyттэн кииннээх-хааннаах геолог Александр Иванов буолар (биhиги кэккэбитигэр билигин суох). Геологтар чинчийбит тyмyктэринэн сирдэтэн, ПСМО «Якуталмазстрой» дьыала «муоhатын» илиитигэр ылбыта.

«Интергэ» урууда хостоору сyргэйэр yлэлэр («Вскрыша») 1971 сыллаахтан ыла ыытыллан барбыттара. 1971 сылтан 1980 сылга диэри карьерга урууда тэтимнээхтик хостоммута. 283 миэтэрэ кэрдиискэ тиийээт 1984 сыллаахха «Интер» yлэтэ тохтотуллубута. Эмиэ бу кэмнэргэ, «Интернациональнай» аллараа сытар саппаастарын сыныйан чинчийии yлэлэрэ ыытыллыбыттара. 1997 сылтан ылата, манна, шахта коперын тутан, сири хаhан барбыттара.

«Интер» бастакы уочарата 1999 сыл, атырдьах ыйыгар киирбитэ. Шахтердар -290/-380 миэтэрэлээх кирбии № 6-дээх болуогуттан ыла yлэлээн барбыттара. 1999 сыллаахха, аан-бастаан «Интернациональнай» рудникка yhyс кирбиигэ киирэ сылдьыбыппын санаан кэлэбин. Урукку 16 туонналаах клеть модороон, судургу этэ.

«Околоствольнай двор» уота олус симигэ

Кирбиилэр, электровозтар алдьаннахтарына суhаллык «тилиннэрэр», туох эмит сааххал буолар кэмигэр, шахтердар саhар хаамыралара, рудоспуск сэбиэскэй кэмнэр ньымаларынан тутуллубуттара олус модорооно биллэрэ.

«Интер» сайдыыта

Кэнники уонча сылга «ноу-хау» сыыдамнык киллэртэлээн барбыттара. «Интергэ» клеть уонна скип тэриэбэлэрэ уларытыллыбыттара. Аныгы - 16 туонналаах клеть 120 киhини уйар кыахтаах. Бу клеть саамай аллараа кирбиилэргэ уhаабыта 7 мyнyyтэ айанныыр.

Клети кытта сэргэ скип утумнара, урууданы « на гора» таhаарыы учаастак иhэ-таhа уларыйбыттара. Хамбаайын хостообут хайа маассатын, ПДМ массыына урууданы суулларыы миэстэтигэр таhар (биир сырыы – 6 туонна). Урууданы электровозтар кытары тиэйэллэр (15 вагон). Богуоннар 207 кууп иэннээх бункерга таастарын сyеккyyллэр. Скип – урууданы шахта yрдyгэр таhаарар утум. Биир скип 12 туонна ыйааhыннаах. Биир симиэнэ устата кэмбиэйэр штрегиттэн - барыта 60 скип шахта yрдyгэр таhаарыллар.

Биллэн турар, маннык модун тэриэбэ аалсыытыттан, ыстаал тyргэнник элэйэр. Ону уларыттылар. Забой тиэхиньикэтэ син тулуhан сылдьар. «Интергэ», Австрия «Альпине-Майер Бергтехник» хампаанньаттан шахта тиэхиньикэтэ – хамбаайыннар, боруоданы тиэйэр массыыналар, американскай «Роббинс», шведскэй «Сандвик», «Атлас Копко» yyттyyр-чyyччэйэр станоктар билигин да yлэлииллэр.

Кутталлаах идэ

Шахта тигинэччи yлэлээн да бардар, отучча сыл аннараа сабыллыбыт карьерга, тyгэххэ хаалбыт алмаастары («Подкарьерные запасы») хостууру булгуччулаах диэбиттэрэ.

2005 сылга карьер тyгэхтэрин алмаастарын хостооhун хат ыытыллан баран, 2009 сыллаахха бyтэhиктээхтик уолдьаспыта. Биллэрин курдук, карьерга алмаас хостуур туhугар боруоданы дэлби тэптэриилэри ыытыахха наада. Оннук дэлби тэптэриилэр шахта кирбиилэригэр, скип уонна клеть копердарыгар сабыдыаллыыллара саарбахтаммат этэ. Ону учуоттаан, шахта yрдyгэр баар карьерга дэлби тэптэрии кэмигэр, туох баар шахтердар «На гора» суhаллык таhаарыллар этилэр.                                                

Ол кэмнэргэ, «АЛРОСА» бастакы шахтатыгар А. Бородин (1999-2007 сылларга начальник), В. Шамшур, О. Чукреев, В. Докучаев, Н. Адылбеков, Е. Стасьев, А. Фоменко, Б. Джамбулов, Э. Кузембаев, Э. Сулейменов курдук Норильскай, Депутатскай хайаны байытар кэмбинээттэрин ааспыт аастар yлэлээбиттэрэ. Кинилэр уhуйбут эдэр шахтердара, боруоданы илдьи сынньар ыстаал шарошкалаах хамбаайыннары, ПДМнары, араас бурстаноктары, перфоратордары баhылаатылар.

Шахта – биир кэлимсэ утум

Шахта yрдyн эбийиэктэригэр, сир анныгар ыгыллыбыт салгыны биэрэр компрессорнай, кирбиилэри тонорор ыстаансыйа, энергоучаастак, урууда ыскалаата, АБК киирэллэр.

Шахта кирбиилэрэ билигин усталара-туоралара араас кээмэйдээх ситимнэринэн ууннары тардыллан, сибиэhэй да салгын баар, кыhыннары да сылаас. Маны барытын шахта yрдyн эбийиэктэрэ хааччыйаллар. Шахта тула сир ирэрин боhойор ыстаансыйа туох баар тэриэбэтин эндэппэккэ yлэлиирэ ирдэнэр.

Сир ирдэ да шахта туох баар тулааhына сууллубутунан барар. Мин, «МИРгэ» да «Интергэ» да умнастары дьилэйдии тонорор тирэхтэр тутууларыгар сылдьан турардаахпын. Бу – шахта кирбиилэрин, сир аннын боруодатын мууhура дьилэтэн, боруода хостуурга куттала суох буоларын хааччыйар учаастактар.           Билигин, ыстаансыйа баhыйар yгyс бырыhыана – омук тэриэбэлэрэ. Аны туран, yксэ автоматика.

Хас биирдии тэриэбэ yлэтин сyрyннyyр монитордар бааллар. Элбэх тиэхиньикэни, кунуопканы-ырычаагы билиэххэ наада.

Манна сылга 500 тыhыынча урууда хостонор

2002 сыллаахха «Интер» бырайыактаах таhымнанан – сылга 500 тыhыынча туонна урууданы хостуур кыахтаммыта. «АЛРОСА» инники сылларга былааннаабыт сайдыыга инвестициятын улахан бырыhыана, рудниктар тутууларыгар ананар. Онтон, кырата суох yп-харчы, «Интернациональнай» рудник аллараа сытар кирбиилэрин салгыы тутууга, урут ситэ хабыллыбатах учаастактары геологическай чинчийиигэ, урууда эттигэ тайыыр сирин таба тайаныыга ананна.

2005 сыллаахха геологтар «Интер» саппааhа кычаата, уон сыл эрэ холкутук алмаас хостонор кыахтаах диэбиттэрэ. 2014 сыллаахха «Интер» саппааhа 2023 сылга эрэ тиийэр диэн буолбута. 2017 сыл туругунан «Интернациональнай» рудник шахтата 1.220(-820), 1.400 м тиийэ чинчийилиннэ. Алмаас саппааhын, аны 20-чэ сылга диэри уhата сатыыллар. Бачча рудник дьэндэтэн баран, кылгас кэм урууда хостуур сыыhа диэн этиилэр, тэхиньиичэскэй хабааннаах мунньахтарга, киирбиттэрэ. 

Уруудатын эттигэ, карьер аннынан ойуччу сытар буолан, атын, ордук чуолкай барыл бэлэмнээбиттэрэ. Алмааска арыый да дьулуччу тиийэр туhуттан «Саппаас» умнас хаспыттара. Скиптэрин, кэмбиэйэрдэрин, урууданы сyеккyyр тэриэбэлэрин уларыппыттара. Карьер анныгар 300 миэтэрэлээх кэрдиискэ урууда эттигин чэрчилээбиттэрэ. Онон, бу саппаас «Интер» yлэтин 20-чэ да сыл буолбатар, 15 сыл холкутук хостуурга кыах биэрэр. Манан сэдиптээн, шахта аллараа болуоктарын тутууну кyyhyрдэр былаан ылыллыбыта.

Бастатан туран, хамбаайыннар ойу тардан ылар сирдэрин толорор сакылаакка хааччыстыбатын тупсарарга этиилэр киирбиттэрэ. Ол суотугар, сакылаакка «малоклинкернай» ньымата туттуллар. Оттон урууда хостонор былаана уларыйбат. «Интер» алмааhа табаарынай ирдэбилинэн –  киэргэлгэ диэн брэнд-тумалыгынан аатырар. Итинэн да холобурдаатахха, Мииринэй ХБКгар – «Интерэ» оруола улааттар улаатан иhэр.  

Станислав Алексеев

Мииринэй куорат

Поделиться: