«Алмаастаах кyhyн» атыы-эргиэн дьаарбанкатын тэрийбит «Кыым» хаhыат, тыа хаhаайыстыбатын министиэристибэтэ, Мииринэй оройуонун дьаhалтата инникигэ кэскиллээх ис хоhоонноох бачыымы тосхоттулар.
Ааспыт кyннэргэ Мииринэй куорат «Юбилейнай» эргиэнин киинигэр «Алмаастаах кyhyн» атыы-тутуу дьаарбанката сyрдээх далааhыннаахтык, атыылаhааччыларга туhалаахтык, урбаанньыттарга барыыстаахтык ыытылынна. Тыа фермердэрэ, урбаанньыттара, биир ыйдаах yлэлэрин Мииринэйгэ биир-икки кyн устата толордулар. Мииринэй олохтоохторо тыаттан кэлбит бородууксуйаттан тугу да ордорбокко «ньылбыччы сотон» ыллылар.
Бу дьоhуннаах тэрээhин чэрчитинэн Мииринэй оройуонун дьаhалтатыгар Дьокуускайтан «АЛРОСА» «Новай» сопхуоhугар тиийэ олохтоох бородууксуйаны онорооччулар төгyрyк остуоллара yлэлээтэ.
Мунньахха «Ситим» Медиа генеральнай дириэктэрэ бу форум модератора М. Христофорова, Мииринэй оройуонун кулубатын солбуйааччыта Г. Башарин, Саха сирин тыатын хаhаайыстыбатын аска-yөлгэ Департаменын салайааччыта В. Афанасьев, «Мясной двор» салайааччыта А. Макаров, «Ягоды Якутии» ХЭТ дириэктэрэ А. Аржаков, Сунтаар ТХУ салайааччыта И. Тихонов, «Тирэх» СПОК менеджерэ В. Барашков (Сунтаар), «Новай» сопхуос сyрyннyyр инженерэ Н. Ноттосов, Мииринэй бэтэринэриийэтин кылаабынай иниспиэктэрэ И. Курочкина, Мииринэй эргиэнин «Экспресс» утумун кэтиир- маныыр биэдимистибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, суруналыыстар, чунуобунньуктар уо.д.а кыттыыны ыллылар.
Бу дьыалабыай форум кэмигэр этиллибит тыллар дуораннаахтарын бэлиэтиир оруннаах. Буhуруктаах ирэ-хоро кэпсэтиини, «Ситим» медиа-хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Мария Христофорова иилээн-салайан ыытта. Олохтоох киhи буоларым быhыытынан, тыа улуустарыттан уонна Дьокуускайтан кэлэр сибиэhэй хааччыстыбалаах бородууксуйа харгыстанар биричиинэлэрин ыйыым.
Урут чугас сытар улуустарбыт сылга иккит, кyhyн эмиэ кэлэн, алмаастаах кыраай киинин олохтоохторун дэлэй атыынан-эргиэнинэн сэргэхситэн бараллар этэ. Билигин тыа улуустара «куораттыы» олоххо бараннар, эттэрин-yyттэрин, арыыларын бэйэлэрин улуустарыгар батараллар.
Кэлин бэнсиин уонна сэлээркэ сыаналара таhыччы ыараан Мииринэйгэ кэлэн эргинэр ороскуотун букатын толуйбат буолла. Аны Мииринэйгэ хонтуруолбут сиэрэ суох бириинчик, кытаанах.
Тыа улуустарын дьонун атыыларын сорунан туран «хатыйталыыллара» yгэскэ кубулуйбут.
Онно холоотоххо Монголия ынаҕын, сылгытын этин быhаас, атын эрэгэйиэн дьоно атыылаабыттарыгар, биир дойдулаахтара кууhунан атыылаhан, туох баар хонтуруол «сымнаан», батсабынан, интернетинэн биллэртээн, эргиэмсиктэр, мантан киибинэн харчылаах аттаммыттара. Маннык быhыыга-майгыга тыа хаhаайыстыбатын орто баайыылаах улуустарынан биллибит Бyлyy умнаhыттан, yчyгэй хааччыстыбалаах, сибиэhэй бородууксуйа Мииринэйгэ батарыыта ыарахана чуолкай.
Арай ыаллыы Сунтаар оройуона чугас сытар Мииринэй оройуонугар олохтоох бородууксуйаны батарыы барыыстаах суолун дьэ тобулан эрэр. Билигин Сунтаарга yyт собуоттарыгар, барыанньа, суок, йогурт бэлэмниир сыахтарга, yлэ усулуобуйата, технология кыратык да буоллар, тупсан тураллар. Маннык сыhыан тyмyгэр Мииринэйгэ «Юбилейнай» ырыынакка ахсыс павильоннарыгар кириэстээхтэр атыылыыр сирдээхтэр.
Тыыппалаах этиилэр
Дьэ итиэннэ, мунньахпытыгар киириэххэ.
«Бастатан туран, yлэбит хардыытын улаатыннарарбыт наада. Онно бастакы тyhyмэх быhыытынан, Мииринэй «Юбилейнай» атыытын киинин ахсыс павильоныгар, Саха сирин бородууксуйата (эт-yyт, балык, барыанньа, отон, суок, утахтар) туох да харыыта суох атыыга киириэхтээхтэр» - диэтэ киирии тылыгар «Ситим» медиа генеральнай дириэктирэ М. Христофорова.
«Манна, олохтоох бородууксуйа биир-икки бырыhыан эрэ. Ол - кэрэгэй. Олохтоох ырыынакка биhиги быдан элбэх миэстэни ылыахтаахпыт» - диэтэ Мария Николаевна.
«Ситим» медиа генеральнай дириэктэрэ М. Христофорова Мииринэйи эрэ буолбакка, Ленскэйгэ, Айхалга, Удачнайга олохтоох бородууксуйаны батарыахха диэбитин мустубут дьон биhирээтилэр.
Эмиэ Мииринэй оройуонун киhитин сиэринэн этиэм этэ. Материктан» кэлэр эттэн-арыыттан хал буоллубут. Ону, син биир тиэйэ тураллар. Мииринэй сиригэр yлэлиир «Сургутнефтегаз», «Таас-Yрэхнефтегаздобыча», «Роснефть» «Юбилейнайтан» бородуукта тиэнэллэр.
Онон М. Христофорова Мииринэй «Юбилейнайын» Саха сирин бородууксуйатын батарыытын сyрyн учаастага гыныахха диэбитэ оруннаах.
Тыа хаhаайыстыбатын министиэристибэтин аска-үөлгэ Департаменын салайааччыта Василий Афанасьев, «саха сирэ бэйэтин 26 бырыhыан тыа хаhаайыстыбатын бородууксуйатынан хааччыйар»- диэтэ. Кыра эбит.
Василий Владимирович этэринэн, Саха сиригэр 8 эрэ улуус бэйэтин бородууксуйатынан толорутук хааччынар. 28 улуус тастан туох кэлэрин кyyтэллэр.
В. Афанасьев Дьокуускай холобуругар тирэнэн улахан супермаркеттар, Саха сирин бородууксуйатын атыылааhын дьыалатыгар ылсыспыттарын бэлиэтээтэ. Ол курдук, 3-4 тыhыынча киhи кyн аайы сылдьар «Айгуль» гипермаркеттарыгар, Дьокуускай килиэбин кэмбинээтин лааппыларыгар, чопчутук, Саха сирин бородууксуйатыгар аналлаах миэстэлээхтэр.
Василий Афанасьев «Сделано в Якутии» диэн атыы-эргиэн дьаралыга («брэнд») Мииринэй курдук промышленнай улууска эмиэ киириэхтээх диэн чуолаан бэлиэтээтэ.
В. Афанасьев этэринэн, олохтоох бородууксуйаны тосхотооччу уонна ритейлер табыгастаах сибээстэрэ улахан оруолу оонньуур. Хомойуох иhин, бу маннык сибээс Мииринэйгэ да Ленскэйгэ да Удачнайга да мэлигир. Онон барытын «ыраас илиистэн» сириэдитиэххэ наада.
Аны туран бородууктабыт арааhа («ассортимент») Мииринэйгэ сэмэй. Саха сиригэр бэлэмнэммит ынах этэ атыыга суох. «Материктан» тиэллэр арыы амтана сымсах. Ону сыанатын чэпчэтэн атыылыыр буоланнар эрэ, дьон хото ылар. Итинник гынан, «сыананы алдьаталлар».
2017 сыл yyнyyтyгэр кириэстээхтэн кэлэр биир киилэ арыы сыаната 700 солк. буолла. Ону дьон Мииринэйгэ атыыланар саамай минньигэс арыы диэн атыылаhаллар. Оттон «АЛРОСА» «Новай» сопхуоhун биир киилэ арыытын сыаната 800 солк. буолла. Дьэ, саллыы сыаналар!
Сунтаар улууhун тыатын хаhаайыстыбатын управлениетын начальнига И.В. Тихонов, араас хайысхаларга, yлэ бара турарын бэлиэтээтэ. Иван Викторович былааннарын тутатына арыйа охсубата.
Мин тус бэйэм санаабар, сунтаардар, Мииринэй, Ленскэй оройуоннарыгар ырыынактарын иркутскайдартан, новосибирскайдартан красноярскайдартан «мyлчy тутан» ылаллара уолдьаста. Олор сиэрэ суох хаhаайыннаан бардылар. Билигин Удачнай куоратыгар улахан рудник тутуллан бyтэрэ чугаhаабытынан сибээстээн 6 тыhыынча киhи yлэлиирэ былаананар. Оттон Мииринэй, Таас-Yрэх, Арыылаах, Заря, Чернышевскай тула ниэп-гаас хостооччу, геолог, буровик тобус-толору. Кириэстээх Чаачах Тyбэтин, Моомуратын баhын, Начынын, «Сургутнефтегаз» айбардаата. Бyлyyчээн Бэтинчэ yрэхтэр быысаhыылара – иркутскай нефтяниктарын икки учаастактара.
Мииринэй оройуонун дьаhалтатын баhылыгын солбуйааччыта Г. Башарин, биир Таас-Yрэх тыатыгар, ниэп-гаас хостооччу, геолог, буровик уопсай ахсаннара 5 тыhыынчаны буолбутун иhитиннэрдэ. Аны манна эбэн кэбис Ленскэйгэ - 9 тыhыынча «Сургутнефтегаз», балтараа тыhыынча – «Транснефть», 6 тыhыынча «Газпром» yлэhиттэрин. Бу промышленниктар, бородуукталарын Мииринэй, Ленскэй куораттарыттан тиэнэллэр. Оттон эт-арыы, мантан инньэ, «көмyскэ» кубулуйар чинчилээхтэр.
Саха сиригэр аатырбыт «Мясной двор» Мииринэй куоратыгар аhылларын, тэрилтэ салайааччыта Айаал Макаров уонна Мииринэй оройуонун кулубатын солбуйааччыта Георгий Башарин бигэргэттилэр.
Дьокуускай «Мясной двора» Мииринэйгэ уонна Ленскэйгэ кэлэр тyгэнигэр, Саха сирин атын бородууксуйаны онорооччуларыгар «суолу тэлээччи» буолуо этэ.
Бу мунньахха тыл эппит, «Новай» сопхуос сyрyннyyр инженерэ Николай Ноттосов ТХМ Департаменын салайааччытыгар Василий Афанасьевка, олохтоох бородууксуйаны иилиир-сyрyннyyр суол-логистика Киинин Арыылаахха, «Новай» сопхуос базатыгар тэрийиэххэ диэн этии киллэрдэ. Тыыппалаах, сорунуулаах этиини, ТХМ бэрэстэбиитэлэ тутатына ылынна.
Мунньах уураах ылынна. «Алмаастаах тyбэ» диэн ааттаах агрокластер тэриллэр буолла. Мииринэй лааппыларыгар, «Сделано в Якутии» диэн аналлаах хабыына баар буолуохтаах диэн уураахха сурулунна. Эбиитин Мииринэй эргиэнини ситимэ, Саха сирин бородууксуйатын тэнитиигэ кыттыhарыгар этии киллэрилиннэ. Маны учуоттаан туран, тыа улуустарыгар олохтоох бородууксуйаны элбэтиигэ дьоhуннаах тэрээhиннэр ирдэнэллэр.
Балысханнык сайдар алмаас, ниэп-гаас промышленноhын yлэhиттэригэр yрдyк хааччыстыбалаах бородууксуйаны атыылааhын тыа хаhаайыстыбатын нэhилиэктэригэр дохуот «тэбэн биэрэрэ» саарбахтаммат. Yлэлиэхпитин наада!
Станислав Алексеев
Мииринэй