МХБК: сырье кыччаата
«Мир» рудникка атырдьах ыйын 5 кyнyгэр буолбут иэдээннээх саахал содулугар №3-дээх баабырыка утумнарыгар эргитэр сэмэй саппаас сырьелаах. 2017 сылга «Мир» рудник 2,8 млн. карааттаах урууданы, сайын ортотугар диэри хостоон турар.
Мантан салгыы №3-дээх баабырыка «Интер» шахтатын «Водораздельные галечники», «Иирэлээх» бириискэлэрин алмаастарын байытыа. «ВГ» бириискэ алмаас байытар икки «КСА» тэриэбэлээх. Манна байытыллыбыт концентрат №3-дээх баабырыка утумугар тиийэр.
Кyhyн аайытын «АЛРОСА» алмаас байытар баабырыкалара, былааннаах тохтобулга барар идэлээхтэр. Онно, сыл тухары, буор-таас илдьи сынньыытыгар элэйбит тэриэбэтэ уларытыллар.
Алтынньыттан №3-дээх баабырыка тустаах кыраапыгынан yлэлээн барыахтаах. Бастатан туран бу баабрыка, урууда киирэр бункерыттан сyрyн утумнарыттан, миэлинсэлэр уонна байытыы, доводка учаастактарыгар тиийэ бэрэбиэркэлэнэллэр. Эргэрбит, дьэбиннирбит задвижкалар, турбалар, носуостар баабырыкаттан таhаарыллаллар.
Бу кyннэргэ РССУ уонна АТМ, АЭМ оробуочайдара, эбийиэктэргэ утумнаахтык yлэлии сылдьаллар. Баабырыка уота-кyyhэ, биллэрдик тупсарылынна. Подстанция тургутулунна.
Манна энергоучаастак утумун, бэнтилээссийэ тэриэбэлэрин уларыталлар. Байытыы, хвостохранилище утумнара кичэйэн бэрэбиэркэлэнэллэр.
Алтынньыттан №3-дээх баабырыка тустаах кыраапыгынан yлэлээн барыахтаах.
Yhyс баабырыка бырайыактаах таhым сиэринэн 2017 сыл бyтэhигэр диэри, 2 млн. 300 тыhыынча туонна урууданы байытар соруктаах этэ да, «Мир» сааххалынан сибээстээн, бу былаан олоххо киирэрэ ыарахаттарданна.
Санатан эттэххэ, алмааhы байытар yhyс баабырка yрдyнэн 314 киhи yлэлиир.
Yлэнэн, бастакы уочарат, «МИР-гэ» yлэлээбиттэр хааччыллаллар
«АЛРОСА» сyрyн производствотын тэрилтэлэригэр yлэлии киирии, ханнык да кэмнэргэ холоммот уустуктарданна. 830 «Мир» рудник дьонун ХБКлар уонна самалык тэрилтэлэр устун yлэнэн хааччыйыы боппуруоhа букатынаахтык кыалла илик. 700-чэ yлэhиттээх «Интергэ» 31 «МИР» шахтерын yлэлэтэ киллэрдилэр. Удачнайга МСШСТ - 52, Айхал ХБК – 47 киhини ылан эрэллэр.
«Ростовнефтегазка», Таас-Yрэххэ yлэлииргэ суоппардар ирдэнэллэр
Кyн бyгyн, Мииринэй куоратыгар улахан ниэп тэрилтэлэриттэн бастакынан, Тихонова 12А аадырыска офис арыйбыт «Роснефть» самалыга – «Ростовнефтегаз», «В», «С», «Д», «Е», «Допог» категориялаах суоппардарга наадыйар.
«Ростовнефтегаз» баахтабай «дэриэбинэтэ» Таас-Yрэх сэлиэнньэтин кытары сэргэстэhэ сытар.
Муунаттан 58 автопуойас Удачнайга урууда таhыа
Удачнайтан 150 биэрэстэ ыраах, Мууна баахтатын «дэриэбинэтэ» салгыы тутуллар. Муунаттан («Верхнемунское месторождение») Удачнайга диэри 58 автопуойас сылдьарыгар аналлаах технологическэй суол бэлэм.
Баахта оробуочайдарын олорор yс уопсайдара, учаастагы уотунан хааччыйар диизэл-ыстаансыйа, нефтебаза, ититиини уонна ууну хаары эбийиэктэргэ тириэрдэр пууннар, диизэл уматыктан yлэлиэхтээх хочуолунай тутуллаллар.
Биир баахта кэмигэр, 330 киhи олороро былааннанар.
Иирэлээх иhэр уунан хааччыйар ситимэ
35 тыhыынча нэhилиэнньэлээх куораты иhэр уунан Иирэлээх уутун ситимэ ("Водохранилище") хааччыйар.
Мииринэй куорат суукка устата сyyрбэччэ биэс тыhыынча кууп ууну туттар. Иhэр ууну ылар Иирэлээх элгээнигэр («Иреляхское водохранилище») ааспыт кyннэргэ ардаан эрэ, син балай эмэ уу мунньулунна. Сайын ортотугар кураан турбута.
1966 сыллаахха, быыкайкаан куорат туhатыгар эрэ ананан тутуллубут былыргы быhыт эргэрэн, ууну букатын туппат буолан эрэр. Иирэлээх быhыта сууллар тyбэлтэтигэр, Мииринэй куорат ыксаллаах иhэр уута татымсыйар быhыыга-майгыга «баттатар» кутталлаах.
Маны, быйыл олунньуга, мээрийэ саламтатыгар, онтон саас, Иирэлээх водохранилищетын бас билэр Мииринэй ХБКгар анаан-минээн, ыйытык ыыппытым да эппиэт суох
Хаарбах дьиэни күрдьүү
Мииринэй оройуона, «Хаарбах дьиэлэри күрдьүү барылыгар» киин улуустартан хаалбыта биллэр. Улуус устун, сyyhyнэн хаарбах дьиэни кyртэрэр соруктара сатаммакка турар.
Мииринэй оройуонун дьаhалтата, Сyлдьyкээргэ, икки кыбартыыралаах дьиэни киллэрдэ. Чернышевскайга, аныгы, панеллаах таас дьиэни тутар оннугар, хаарбах дьиэттэн «вторичнай» ырыынак дьиэлэригэр кыбартыыра биэртэлээтилэр. Ол, «вторичнай» дьиэлэрэ, букатын былыр, сэбиэскэй кэмнэргэ, тутуллубуттар.
Ол эрэн, Саха сирин тутуутун министиэристибэтин быhаарыытынан, бу маннык уларытыы-тэлэритии туох да кэhиллиитэ-дьиэгэ суох буолан тахсар эбит. Ол эбэтэр, ыксал бэрээдэгинэн, хаарбах дьиэттэн «Вторичка» дьиэтигэр барыы сокуон чэрчитинэн дэнэр.
Хотугулуу-Илин хочуолунай туруга
Мииринэйи сылааhынан хааччыйар Хотугулуу-Илин хочуолунай – тыын эбийиэк 4 сyрyн хочуола кыстыкка бэлэм диэн начальник Игорь Суярков «Алмаастаах кыраай» медиа-хампаанньа суруналыыстарыгар биллэрдэ. Бу хочуолунай метан-гаастан yлэлиир.
Гаас ситимигэр саахал буолар тyгэнигэр, аварийнай диизэл уматыктан, yс кyн yлэлиир саппаастаах. Ититиини биэриигэ, ПТВС аналлаах быраабылалаах. Ол курдук, таhырдьа, +8 кыраадыстан аччаата да, сылаас биэрбитинэн бараллар.
Быйыл сылаас дьыссааттарга уонна киин кыбаарталларга, бала5ан ыйын 6-7 кyннэриттэн ыла бэриллибитэ. Мииринэй куорат атын микро-оройуоннарыгар, сылааhы бала5ан ыйын 8-9 кyннэригэр биэрдилэр.14 ититэр пуун (теплопуун) уонна хочуолунайдар «Вестхаус» уонна «Штандарт» тэриэбэлэрэ кыстыкка бэлэмнэр диэн буолла.
Билигин теплопууннарга аныгы моhуоннаах «теплообменник» ньыматынан, сылытыы кyyhyн, лаппа тупсаран тураллар.
Быйыл Хотугулуу-Илин хочуолунай турбатын пескоструйщиктар диэн сэдэх идэлээх дьон, хоруоттан, тааhыра сыстыбыт киртэн ыраастаатылар. Сиэрэ суох итииттэн кээрэнээри гыммыт турба иэнин дьэбин сиэбэтин курдук аналлаах суурадаhынынан соттулар.
Итинэн сылыктаатахха, кыстыкпыт аматык буолуо диэн эрэл баар.
Таас-Yрэххэ уонна Сyлдьyкээргэ учаастак быраастаннылар
Урут олус уhуннук учаастак бырааhа суох буолан эрэйдэммит ахан Таас-Yрэххэ Ленскэй Орто-Наахаратыттан кэлбит yрдyк yерэхтээх эмчиттэннилэр.
Дьиэнэн хааччыйдылар. Эмиэ атын, сахалыы тыллаах нэhилиэккэ – Сyлдьyкээргэ Орто-Халыматтан кииннээх-хааннаах кыыс кэлэн, учаастак бырааhа буолла. Ыраах Халыматтан быраас кэлээтин кытары кыбартыыра бэрилиннэ. Онон, улахан сэргэхсийии буолла.
Станислав Алексеев
Мииринэй куорат