Тутуу – биhиги оройуоммутугар ураты суолталаах, эппиэттээх салаа. Тутууну ыытааччы тэрилтэ – хаппытаалынай тутуу управлениета (УКС). «АЛРОСА» хампаанньа биир ураты суолталаах тэрилтэтэ. Холобур, Мууна, Заря, Накыын уруудалаах сирдэрин УКСата суох туппаттар.
УКС састаабыгар шахтаны тутааччылар (МСШСТ), МСМТ, КСМ, АЭМ, «Алмазтехмонтаж» курдук бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат самалык-тэрилтэлэр бааллар.
Павел Левченко салайар кэмигэр МСМТ тыhыынча үлэhиттээҕэ. Билигин – 723 эрэ. Оттон Юрий Попов иилирин-саҕалыырын саҕана – 6700.
47 суббэдэрээт ньыматынан үлэлиир күүс баара. Бу тэрилтэ Саха сиригэр тиэхиньикэнэн биир бастыҥ хааччыллыылаах тэрилтэ буолара. Ордук халаантан эмсэһэлээбит Ленскэйи, алмаастаах Накыыны чөлүгэр түһэриигэ-тутууга улахан хамсааhын барбыта (икки улахан тутууга 5-тии, 6-лыы тыhыынча киһи кыттан, туһугар эмиэ рекорд олохтоммута).
Хомойуох иhин, кэлин үлэһит ахсаанын кыччаттылар. УКСаны сарбыйдылар. Ордук МСМТ уонна тутуу матырыйаалларын кэмбинээтэ – КСМ («Мирнинский комбинат строительных материалов») эмискэ «чарааhаатылар».
КСМ үлэһитин ахсаана экэниэмикэ дьалхаанын кэнниттэн икки бүк көһүрээтэ. Сакаас биллэ аһыйаан турар, үлэ хаамыыта сарсын хайдах буолуо эмиэ биллибэт. Билигин УКСа бары күүhэ шахталары тутууга ууруллар.
Салгыы социальнай уонна олох-дьаhах эйгэтигэр сыhыаннаах тутуу хайдах салаллан иһэрин, дьыалата ханна тиийбитин ырытыах.
Мииринэйгэ «монолит-каркаас» дьиэни ордороллор
Мииринэй саамай кимиилээхтик тутуллубут кэмэ – ССРС саҕанааҕы 1974 -1989 сыллар. Оттон дойду ыhыллыытын кэнниттэн – 2003-2008 сыллар.
Холобур, 2000 сыллары аҕыннахха, 11-с, 13-с, 14-с, 15-с, 16-с дьиэлэр сып-сап курдук дьэндэйбиттэрэ. Аныгы бырайыагынан тутуллубут дьиэлэргэ, биллэн турар, олорорго быдан ордук, сылаас, чуумпу, уута-хаара быстыбат. 9 этээстээх, кэрэ витражтардаах лоджиялардаах, домофоннаах ааннардаах, сыыдам лииптээх дьиэлэр «материк» дьиэлэриттэн туох да атына суохтар. Манна 9 этээстээх 112-сериялаах, КПД, монолит-каркаас дьиэлэри – барытын «Сибиэчикэ»(«свечка») диэн ааттыылар. «Сибиэчикэ» диэн лиип дьогдьуурун этэллэр.
469 кыбартыыралаах олорор дьиэ тиhигэ
Куорат иhигэр олорор дьиэни Ленинград бэрэспиэгэр эрэ туталлар. Ол – 469 кыбартыыралаах эбийиэк. Бу тутуу сүрүннээн «АЛРОСА» аахсыйалаах хампаанньа үлэhиттэригэр ананар.
Дьиэни үлэhит ипотека быhыытынан ылар кыахтаах. Ол эбэтэр, үлэлиирин тухары хамнаhыттан ипотекатыгар бырыhыаннаан ылаллар. Холобур, кирэдьиит ылааччы орто хамнаhа 100 тыhыынча солк. буоллаҕына, хантараак сиэринэн, отучча тыhыынчаны кыбартыыра төлөбүрүгэр туталлар. Оттон ипотекан бүттэҕинэ ол төлөөбүт суумаҕын «АЛРОСА» дуогабар быһыытынан толуйар (кэмпэнсээссийэ оҥорор). Манна сытар, барыыстаах, табыгастаах усулуобуйата. Саамай кылаабынайа, үлэhит бу дьиэ хаhаайына буолар, приватизациялыыр уонна кэлин атыылыыр кыахтанар.
469 кыбартыыралаах олорор дьиэ улахан тиhигэр тиийэ сырыттым. Бэрт улахан дьиэни дьэндэтэн эрэллэр эбит. Тутууну «Строймонтаж-2002» тэрилтэ ыытар. Манна Арменияттан кэлэ сылдьар 172 тутааччы үлэлиир. Бу дьон хастыы да идэлээх буолан, үлэ букатын харгыстаммат. Холобур, таасчыт (каменщик) суhал наада тириир түгэнигэр, болуотунньук буолан хаалар. Элиэктирик сантехниканы, туох баар хааччыйыы утумнарын эмиэ эндэппэккэ билэр.
Мииринэйгэ Дьокуускайтан үчүгэйдик, хаачыстыбалаахтык тута сатыыллар. Дьиэни Дьокуускайга курдук «харалыы» («черновой отделка») буолбакка, туох баар уутун-хаарын, сантехникатын силигилэтэн, кырааскалаан, обуойдаан-таймалаан, барыта бэлэм гына тосхотоллор.
2018 сылга бастакы түhүмэх бэлэм буолуо дииллэр. 2019 сылга улахан тутуу тиhигэ толору ситиэхтээх. Аахсыйалаах хампаанньа үлэhиттэригэр анаан тутуллар 469 кыбартыыралаах ипотека дьиэтигэр ким кыбартыыра ылара быһа барыллаан быhаарыллан турар.
Ити дьиэҕэ «АЛРОСАттан» ураты атын тэрилтэлэр үлэһиттэрэ эмиэ олохсуйуохтара.
Дьиэ Мииринэйгэ тутуллуо эбит
Ис-иhигэр киирдэххэ, Мииринэйгэ тутар кыах – тутар күүс, каадыр, тиэхиньикэ, усулуобуйа барыта баар. Тутуу да матырыйаалын – пенобетоны, керамзит-бетоны, бетон суурадаhынын бэлэмниир кыамта КСМ сыахтарыгар баар аҕай. Аныгы технология да эмиэ баар эбээт!
Ол эрээри бары сырдык толкуйдар µп-харчы µтµргэнигэр, экэниэмикэ дьалхааныгар кыпчыйтардылар. Арай Сколково биисинэс-оскуолатыгар моно-куораттар сайдыыларын барыла баар буолла. Итинэн сибээстээн, бырабыыталыстыбабыт Мииринэйгэ инникитин дьиэ-уот тутуллуо диэн эрэнннэрэр.
Дьэ ол гынан баран Мииринэй ыраах сытара, ороскуота дьайар. Матырыйаал сыаната таhыччы ыараан кэлэр. Саха сирэ 772 тыhыынча туонна сиэмэнтэни тиэйэр. Оттон бэйэтигэр баара эрэ 400 тыhыынча туоннаны оҥорор. Онтон балтараа сүүс тыhыынча туонната Ленскэй, Мииринэй оройуоннарыгар тиэллэр. Ыраах сирдэртэн тиэйэр, биллэн турар, ороскуоттаах.
Омук тутааччыларын дьулуурдара
Дьэ ити курдук эбии биири бэлиэтиэм этэ. Армения дьоно Мииринэй оройуонугар олорор дьиэни тутууга, кырдьык, күрэстэhээччилэрэ суох диэххэ сөп. Кинилэр – тутуу бары эйгэтигэр, үлэтигэр күрэhи (конкуренцияны) кыайбыт дьон. Бу дьон кыратык да сынньаммакка үлэлииллэр. Субуота-өрөбµл диэни аахсыбаттар.
Сайын уонна күhүн түргэнник элэҥнээн ааһаллар. Онон Армения тутааччылара хас биирдии чааhы таба аттаран лэлииллэр. Оннук гымматахтарына, кыраапыктан хааларга тиийэллэр.
Тутууга эмиэ күрэс баар эбээт. Мииринэйгэ Белоруссия «Веста» тутар хампаанньа бэйэтин «килиэбин» номнуо булунан сылдьар. Омук тутааччыларын ситиhиилэрин биричиинэтэ чуолкай. Бастатан туран, үлэлииргэ, хамнас аахсарга дьүккүөрдэрэ улахан. Ким эрэ ыйан-кэрдэн, сүбэлээн, ыас курдук ыстаан биэрэрин күүппэттэр. Ыччаттарын ортотугар биhиэхэ, Саха сирин олохтоохторугар курдук, нэс барыы, чэпчэкинэн эрэ олоруу суох. Омуктар сокуоннара-бэрээдэктэрэ кытаанах эбит. Биир күн борогуул – «ЧП» (хамнаскын сотоллор, бириэмийэ мэлийэр), биир чаас хойутааhын – улахан сэмэ.
Тутааччылар үлэлэрин сарсыарда сэттэ чааска саһалыыллар уонна богуоннарыгар аhыы, утуйа эрэ тиийэллэр. Ол иhин дойдуларыттан ыраах сытар, хотугу, чиэски дойдуга тиийэн кэлэр буоллахтара. Оттон биhиги, олохтоохтор, хаhан бэйэ бодобутун тардынабыт?!
Сүүнэ ороскуоттаах тутуулар
Удачнайдааһы ХБК кэскилэ суох диэбиттэрин рудник тутан, Мууна алмааһын арыйан, «Зарницаны» сайыннаран, сабыллыы кутталын «киэр илгэн» турар. Манна алмаас отучча сыл тохтоло суох хостонор кэскиллээһин быhаарбыттарын кэннэ, хампаанньа салалтата дьиэ тутуутугар «добуруо» биэрдэ.
«АЛРОСА» 2017 сыллаах хаhаайыстыбаннай актыыбыгар олорор дьиэни тутууну сэргэхситиэх оруннаах этиилэр киирбиттэрэ. Итиннэ сигэнэн, Удачнайга 78 кыбартыыралаах дьиэ сыбаайата түспүтэ.
Алмаастаах хотугу сиргэ, баахта учаастактарыгар тутууга ураты сыhыан баар. Ол курдук, Мууна бырамыысыланнай учаастагар анаан-минээн 330 миэстэлээх, иккилии киhи олорор, туалеттаах, суунар сирдээх блок-хостордоох уопсай тутулларыгар быhаарыныы уураахха тиhиллибитэ. Тутуу баран эрэр.
Уопсайынан, Мууна кэскилин учуоттаан, Арассыыйа судаарыстыбата 8,5 млрд. солк. биэрэргэ бэлэм. Онон Мууна бырамыысыланнай учаастагар сигэнэн, чугас-ыраах сирдэр чинчийиллиэхтээхтэр. Ити курдук бары хайысха±а тутуу хайдах барарын билиhиннэрдим.
Станислав Алексеев, Мииринэй куорат
Ааптар хаартыскалара